“Россельхозбаан” эспиэрэ харчыны хайдах барыстаахтык уурдарар туһунан кэпсиир

Реклама

 Арассыыйа Киин Баана тутаах ыстаапканы номнуо хаста да үрдэтэн, өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо үбү-харчыны уурдарар боппуруоһу сэҥээрэр буоллулар. “Россельхозбаан” Саха сиринээҕи салаатын Аллараа Бэстээх беьуелэгэр баар эбии офиһын салайааччыта Владилена Тимофееваны кытта көрсөн, 2024 сыл саҕаланыытыгар “Россельхозбаан” биирдиилээн дьоҥҥо аналлаах, барыстаах этиилэрин кэпсэттибит.

  – Владилена Владимировна, өскөтүн дьон ордук харчылаах буоллахтарына билигин ханна, хайдах уурдараллара ордугуй?

– Биһиги бааммыт саҥа килийиэннэргэ анаан барыстаах анал этиилээх – сыл аҥаарыгар уурдарар буоллахтарына, 16 %-наах ыстаапкалаах “Доходный” уурунуу олохтоммута. Өскөтүн килийиэн үбүн-харчытын уһун кэмҥэ уурдарыан баҕарар буоллаҕына, 3 сылга 15 %-наах ыстаапканы сүбэлиибит. Маны таһынан “Россельхозбаан” араас кэмнээх тус-туһунан ирдэбиллээх атын этиилэрдээх.

– “Саҥа килийиэннэр” диэн түһүмэххэ кимнээх киирэллэрий?

– Саҥа килийиэннэринэн биһиги бааммытыгар кэнники 30 күҥҥэ аһаҕас уурунууну уонна “накопительнай” счеттара суох биирдиилээн дьону ааттыыбыт. Килийиэн “Россельхозбаан” каарталаах, үлэлии турар атын счеттаах буолуон сөп.

– “Накопительный” счет диэн тугуй уонна уурунууттан туох уратылааҕый?

– Уурунууга дуогабар түһэрсибит кэмҥит устатыгар бырыһыан ыстаапката уларыйбат, нууччалыы эттэххэ, фиксированнай буолар. Оттон “накопительнай” счекка Киин Баан ыстаапкатыттан тутулуктанан, бырыһыана уларыйар. Маны таһынан уурунуу араас тарыыптаах, холобур, харчыны эбии угуохха сөп эбэтэр угуллубат, устуохха сөп эбэтэр устар көҥүллэммэт о.д.а. “Накопительный” счекка харчыны эбии угар да, устар да кыахтааххыт. Сыл бүтэрин саҕана хаалбыт харчыга бырыһыан төлөбүрэ эбии ааҕыллар, бырыһыантан киирбит дохуот “накопительный” счекка бэйэтигэр эбиллэр. Ол курдук кэлэр ыйга бу уопсай суумаҕа баар харчыга бырыһыан эбиллэр. Капитализация ньыматынан харчы мунньулла турар.

– Эһиги килийиэннэргит үптэрин-харчыларын хайдах уурдаралларын ордороллоруй: уурунууга эбэтэр “накопительный” счекка?

– Араас. Килийиэн харчытын хаһан наадыйарыттан тутулуктаах. Холобур, өскөтүн килийиэн укпут харчытын хаһан наадыйарын чуолкай билбэт буоллаҕына, “накопительный” счекка угара ордук. Оннук түгэҥҥэ аҕыйах ый буолан баран устуохха сөп, бу кэмҥэ харчы кээмэйэ номнуо эбиллибит буолар. Билигин бу ордук барыыстаах, тоҕо диэтэххэ, “Россельхозбаан” “Моя копилка” “накопительный” счетугар сыллааҕыта 10,5 % ыстаапкаҕа аахсыйа үлэлиир: маҕаһыыннарга “СВОЯ” биһиги кирэдьиит каартабытынан төлөстөххүтүнэ, ыстаапка 15,5 %-ҥа диэри үрдүүр. Атыылаһаргытыгар каартаны төһөнөн элбэхтик туттаҕыт, оччонон кэшбек улаатар. Онтон килийиэн өр кэмҥэ харчыны устарга былааннаммат буоллаҕына, уурунууга угара ордук. Харчыны араас валютаҕа уурдарыан сөп, оччоҕо бырыһыаны таһынан харчы кууруһа үрдээтэҕинэ, эбии барыһырар кыахтанар.

– Килийиэн харчыны хайдах сөпкө уурдарары, улахан барыһы ылары, укпут харчытын хаһан устарын чуолкай билбэт түгэнигэр тугу сүбэлиэ этигиний?

– Килийиэн уурдарыы ханнык ньыматын таларын уустугурдар, саарбаҕалыыр түгэнэ баар буолар. Оччоҕо биһиги “портфельнай уурдарыы” (портфельное размещение) диэни сүбэлиибит. Маннык түгэҥҥэ килийиэн сыл аҥаарынан устар харчытын уурунууга, онтон сотору кэминэн туһаныам диир харчытын “накопительный” счекка угар. Холобур, килийиэн 1 мөлүйүөн солкуобайдаах, сайын дьиэтин өрөмүөннүүргэ былааннанар. 200 тыһ. солк. “накопительный” счекка уктарыан сөп. Тоҕо диэтэххэ, сотору кэминэн миэбэлгэ, бытовой тиэхиньикэҕэ чэпчэтии буолара биллэр, чэпчэтии кэмигэр атыылаһар баҕалаах. Харчытын уктаран баран улааппыт сууманы устар кыахтанар. Хаалбыт 800 тыһ. солк. сыл аҥаарыгар уурдарар, оччоҕо өссө ордук барыһырар.

“Россельхозбаан” аахсыйаларын уонна бородуукталарын усулуобуйаларын кытта сиһилии баан Аллараа Бэстээх беьуелэгэр баар офиһыттан билиэххитин сөп. Аадырыһа: Аллараа Бэстээх, Ленина уул., 40. Маны таһынан өрөспүүбүлүкэ 15 оройуонугар баар баан эбии офистарыттан ыйыталаһаргытыгар сүбэлиибит. Толору иһитиннэриини www.rshb.ru билсиэххитин сөп. Билсэр төл.: 8 (800) 100-0-100, 8 (4112) 402-125.