Хас биирдии үөрэнээччи бэйэтин сааһыгар сөптөөх уопсастыбаҕа туһалаах үлэҕэ булгуччу кыттыахтаах дии саныыбын.
Биһиги оскуолабыт үөрэнээччилэрэ оскуола, нэһилиэк тиэргэнигэр мас уонна сибэкки олордуутугар, былаһааккаларын хомуйууга, музейга эбэтэр библиотекаҕа көмөлөһөллөр. Маны таһынан, хас сылын аайы 10 кылаастар Ф.В.Петров бааһынатыгар баран, хортуоппуй хостуурга көмөлөһөллөр. Быйыл эмиэ биһиги 10 кылаастар субуотунньукка баран кэллибит. Үлэ күргүөмүнэн, биир киһи курдук сэргэхтик ааста. Күһүҥҥү дьылбыт кытта сылаас күнүнэн туран биэрдэ. Үлэһиттэр биһигини олус үчүгэйдик көрсүбүттэрэ, эбиэккэ сылаас аһынан күндүлээн, бары тото-хана аһаан, үлэлээбиппит. 6 куул сүбүөкүлэ хостонно. Оҕолору кытта олус көрдөөхтүк сылдьан, үлэлээн кэллибит.
Ксенофонтова Нарыйаана,
В.Н.Оконешников аатынан Павловскай орто оскуолатын медиа киинэ