Атырдьах ыйын 29 күнүгэр биһиги Павловскай орто оскуолатын «Эдэр кыраайы үөрэтээччилэр» куруһуок үөрэнээччилэрэ «Сайылык» эспэдииссийэнэн «Чэллэм» сайылыкка сылдьан кэллибит. Сайылык үлэһиттэрин уонна үлэлэрин билистибит. Бу сайылыкка уруккаттан ньирэй көрөллөрүн биллибит.
Быйыл 60 ньирэйи 1 үлэһит, солбуйааччылар уонна настаабынньык көрөн олороллор. Ньирэй көрөөччү өр сылга үлэлээбит Любовь Петровна Ойегостурова, настаабынньык Тамара Афанасьевна Брызгалова, көмөлөһөөччүлэр Мария Степанова Оконешникова, Николай Афанасьевич Брызгалов, Владимир Михайлович Васильев буолаллар. Ньирэйдэри күҥҥэ иккитэ аһаталлар уонна сыһыыга мэччитэллэр. Бостуук диэн суох. 60 ньирэйи хайдах аҕалаҕытый диэн ыйыттыбыт. Ньирэйдэри кыра эрдэхтэриттэн Любовь Петровна ыҥыра үөрэппит. Кини куолаһын иһиттилэр да сүүрэн кэлэллэр. Биир эмэ ньирэй кэлбэтэҕинэ сатыы сыһыынан, тыанан көрдүү бараллар. Онон ньирэй көрөөччү үлэтэ ыарахан, эппиэтинэстээх эбит.
Салгыы тыаҕа тахсан отонноотубут. Биир биэдэрэни нэһилиэкпит бэтэрээнигэр биэриэхпит диэн хомуйдубут.
Куруһуокпут салайааччыларыгар махталбытын тиэрдэбит. Сайылыктарга сылдьан элбэҕи биллибит-көрдүбүт, сынньанныбыт.
Юлиана Никулина, Павловскай орто оскуолатын 6 кылааһын үөрэнээччитэ.