В.П.Ларионов аатынан агро хайысхалаах Майа орто оскуолатын кэлэктиибэ сайын аайы Ороссолуода, Хаптаҕай нэһилиэктэригэр оҕо сайыҥҥы үлэ лааҕырдарын тэрийэн үлэлэтэр. Кэлэр сайыҥҥа бэлэмнэнэн, бүгүн оскуолабыт эр дьон үлэһиттэрэ Хаптаҕай нэһилиэгэр «Юность» оҕо сайыҥҥы үлэ лааҕырын баазатыгар субуотунньукка сырыттылар. Күһүҥҥү сылаас күннэри баттаһан, айылҕалыын алтыһан, үлэни өрө тутан, бэрт сэргэх уонна көдьүүстээх үлэ буолла.
Светлана Ефимова.