Оонньоммотох оҕо саас

Бүгүн, алтынньы 7 күнүгэр, Д.Ф.Ходулов аатынан Култуура киинигэр Аан дойдутааҕы Кырдьаҕастар күннэрин чэрчитинэн ыытыллар дэкээдэҕэ Майа сэлиэнньэтин дьаһалтата уонна Майатааҕы И.М.Сосин аатынан кииннэммит бибилэтиэкэ “Түмэн” уопсастыбаннай холбоһук сэрии сылларын оҕолоругар анаан таһаартарбыт  “Оонньоммотох оҕо саас”  кинигэтин сүрэхтээтилэр. Маннык ааттаах бастакы кинигэҕэ 1936-1945 сс. Майа сэлиэнньэтигэр төрөөбүт, олорон, үлэлээн ааспыт сэрии сылларын оҕолорун олохторун туһунан кэпсиир 88 киһи ахтыыта киирбит. Эрэдээксийэтигэр Мария Лукина, Мария Сергеева, Татьяна Артемьева, Наталья Пахомова, о.д.а. уонна техническэй эрэдээктэринэн Марфа Птицына үлэлээтилэр. Кинигэ 100 ахсаанынан таҕыста, тас ойуутугар Майатааҕы Ф.Г.Охлопков аатынан орто оскуола 5 “б” кылааһын үөрэнээччитэ Айыына Пахомова уруһуйа киирдэ. Киниэхэ И.Е.Винокуров аатынан Намнааҕы педагогическай колледж 4-с кууруһун устудьуона Артур Скрябин көмөлөстө. Кинигэни Алексей Неустроев баһылыктаах “Майа сэлиэнньэтэ” тыа сирин түөлбэтин дьаһалтата үбүлээн таһаартарда.

“Оонньоммотох оҕо саас” кинигэ сүрэхтэниитин бэйэлэрин эҕэрдэлэринэн  “Майа сэлиэнньэтэ” тыа сирин түөлбэтин дьаһалтатын баһылыгын солбуйааччы Вячеслав Санников: “Дойду үрдүнэн бэлиэтэнэр аҕам саастаахтар күннэринэн Майа олохтоох дьаһалтатын аатыттан итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин! Майа сэлиэнньэтигэр күн бүгүн 23 тыыл бэтэрээннэрэ, о.и. 1 сэрии огдообото, 127 сэрии сылларын оҕолоро, 1200-тэн тахса үлэ бэтэрээннэрэ олороллор. Буола турар аҕам саастаахтар дэкээдэлэрин чэрчитинэн араас хайысхалаах үлэлэр былааннаахтык ыытыллаллар. Бу күҥҥэ анаан “Айылҕа битэмиинэ” диэн аахсыйа биллэрэммит оскуолалар, уһуйааннар тэрилтэлэрин көҕүлээммит кыттыһыннаран, тыыл бэтэрээннэригэр тыаттан отон үргээн киллэрэн бэрсибиппит, сибиэһэй оҕуруот аһын тиксэрбиппит, маны сэргэ, улууспут “Эркээйи” хаһыатыгар сыллата сыллааҕы сурутуу бэлэх уунабыт. Соҕотох олорор аҕам саастаах дьоммутугар хаһаайыстыбаҕа көмөлөһөр сыаллаах-соруктаах волонтерскай үлэлэр ыытыллаллар. Оскуолаларга, уһуйааннарга бэтэрээннэри кытта көрсүһүүлэр, кылаас чаастара ыытыллыахтара. Дэкээдэ чэрчитинэн бэтэрээннэрбит кэнсиэргэ күрэхтэстилэр, дэкээдэни кыайыылаахтар кыттыылаах гала кэнсиэринэн түмүктүөхпүт. Бу бэлиэ күҥҥэ күн-дьыл туругун аахсыбакка ыраахтан-чугастан кэлбит ытык дьоммутугар махтанабыт” диэн арыйда.

Улуустааҕы бэтэрээн сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Маргарита Максимова: “Ытыктабыллаах тыыл, үлэ  бэтэрээннэрин, сэрии сылларын оҕолорун аан дойдутааҕы Аҕам саастаахтар күннэринэн ис сүрэхтэн истиҥник эҕэрдэлиибин! Бүгүн бу саалаҕа үүнэр көлүөнэ ыччаппыт кэлэн олороруттан сүрдээҕин астынным. Бу биһиги аҕам саастаах көлүөнэбит олоҕун, үлэтин-хамнаһын устуоруйатын билэн улаатан, кинилэр холобурдарыгар үөрэнэн бэйэлэрин олорор түөлбэлэриттэн саҕалаан өрөспүүбүлүкэҕэ, дойдуга биллэр-көстөр үчүгэй үлэлээх дьон тахсыахтара диэн эрэнэбин. Күн бүгүн биһиги улууспутугар 10 сэрии сылын огдообото, 112 тыыл бэтэрээнэ, 523 сэрии сылын оҕолоро, 9 Чурапчы көһөрүллүүтүн бэтэрээнэ, 64  бойобуой дьайыы бэтэрээннэрэ итиэннэ улууспутуттан төрүттээх 100 саастарын ааспыт 3 ытык кырдьаҕас бааллар. 95 сааһын туолбут 2, 90 сааһын туолбут 12 киһи олороллор. Ытык дьоммутугар дохсун ытыспыт тыаһынан илиибит сылааһын тиэдиэххэйиҥ. Улууспутугар сыллата бу кэмҥэ ыытыллар бэстибээлбит ыытылла турар, номнуо 20-тэн тахса нэһилиэк кэнсиэрин көрдүбүт. Манна нэһилиэктэртэн мустан кэлэн аҕам саастаах дьоммут олус сэргэхсийэллэр, бэйэ-бэйэлэрин көрсөн үөрэллэр-көтөллөр. Бүгүҥҥү дьоро күнүнэн – “Оонньоммотох оҕо саас” саҥа кинигэнэн өссө төгүл бука барыгытын үөрэн-көтөн туран эҕэрдэлиибин! Доруобай буолуҥ, этэҥҥэ сылдьыҥ” диэтэ. Майатааҕы бэтэрээн сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Павел Жирков махталын биллэрдэ: “Бастатан туран Майа олохтоох дьаһалтатын баһылыгар Алексей Неустроевка, солбуйааччытыгар Вячеслав Иннокентьевичка, бары үлэһиттэригэр аҕам саастаахтар күннэринэн маннык тэрээһини тэрийбиттэригэр барыбыт ааппытыттан махталбын тиэрдэбин. Манна сэлиэнньэ иннигэр уктар көхтөөх уопсастыбанньыктара ыҥырыллан кэлэн олороҕут. Эһиэхэ кырдьыы кыттыспатын, ыарыы ыалласпатын, дьол-соргу тосхойдун, эдэрдии эрчимҥит уҕараабатын, амарах сүрэххит сылааһа намыраабатын, баҕа санааҕыт барыта туолуохтун” итиэннэ алгыһын тиэртэ.

И.М. Сосин аатынан киин бибилэтиэкэ сүрүннүүр бибилэтиэкэрэ Марина Трифонова “Оонньоммотох оҕо саас”   кинигэни сырдатта. Халыҥ тастаах кинигэ “Дани-Алмас” хампаанньаҕа 100 ахсаанынан бэчээттэммит. Улуу кыайыы 80 сылын көрсө тахсыбыт саҥа кинигэ Үлэ сылынан бэчээттэнэн тахсыбыта кэрэхсэбиллээх. Киирии тылы “Майа сэлиэнньэтэ” тыа сирин түөлбэтин баһылыга Алексей Неустроев, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, “Түмэн” уопсастыбаннай холбоһук салайааччыта Мария Лукина, Ф.Г. Охлопков аатынан Майа орто оскуолатын саха тылын уонна литэрэтиирэтин учуутала Наталья Пахомова суруйбуттар. Манна “Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр оонньоммотох оҕо саастара ааспыт, тыылга бэйэлэрин харыстаммакка үлэлээбит дьоммутугар бу кинигэ мэҥэ таас курдук өйдөбүнньүк буолар. Үтүө ааккытын үйэтитэ туруохпут” диэн Майа дьаһалтатын баһылыга Алексей Иннокентьевич этэр. Майатааҕы Ф.Г. Охлопков аатынан орто оскуоланы бүтэрбит Элла Сергучева, Кирилл Скрябин, Аслан Иванов, Юлия Корякина, Алиса Скрябина, Стас Аргунов, Влад Брызгалов, Галя Яковлева, кылаас салайааччыта Наталья Пахомова түөлбэнэн десант оҥорон бэтэрээннэртэн ахтыы хомуйан көмөлөспүттэрэ улахан суолталаах. Манан кинилэр төрөөбүт дойдуга тапталы, аҕам саастаахтарга ытыктабылы, дойдуга бэриниилээх буолуу үтүө өйдөбүлүн бигэтик өйдөөн кинигэ тахсарыгар төһүү күүс буолбуттара махталлаах. Кинигэ ис хоһооно олус киэҥ уонна дириҥ. Манна киирбит ахтыыларга ол кэминээҕи ыарахан олох, сэрии сылларын иэдээнэ, оонньоммотох оҕо саас, онтон кыайыы буолбут үөрүүтэ, олоҕу чөлүгэр түһэрии толору көстөр. Ахтыылары суруйбуттар чиэс, суобас курдук өйдөбүллэри өрө туппут дьон буолалларын ааҕааччы бу кинигэттэн ааҕан билиэҕэ. Кинигэ ыччакка төрөөбүт дойдунан киэн туттууну, бэриниилээх буолууну иҥэрэр, үлэни өрө тутарга, эппиэтинэстээх буоларга үөрэтэр. Киһи-аймаҕы бүттүүн аймаабыт Улуу сэрии кэминээҕи олох олус итэҕэтиилээхтик  ойууламмыта кинигэ сүрүн уратытынан буолар диэн Марина Егоровна бэлиэтээн эттэ.

Аҕа дойду Улуу сэриитин сылларыгар аччык оҕо сааһы билбит, сут-кураан сылларга элбэх дьоннорун сүтэрбит аас-туор олохтоох, тулаайах хаалыы хомолтотун билбит оонньооботох оҕо саастаах биир дойдулаахтарбыт олохторун, үлэлэрин сырдатар кинигэ биһирэм күнүгэр кинигэҕэ үлэлээбит СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ Ытык кырдьаҕаһа, “Гражданскай килбиэн” бэлиэ хаһаайката Мария Дмитриевна Лукина, СӨ Ытык кырдьаҕаһа, Майа сэлиэнньэтин Бочуоттаах олохтооҕо, үлэ бэтэрээнэ Мария Егоровна Сергеева, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, “Гражданскай килбиэн” бэлиэ хаһаайката Татьяна Ивановна Артемьева, Ф.Г. Охлопков аатынан Майа орто оскуолатын саха тылын уонна литэрэтиирэтин учуутала, “Таммахтар” улуустааҕы литературнай холбоһук салайааччыта Наталья Гаврильевна Пахомова, РФ Бочуоттаах суол тутааччыта, сэрии сылын оҕото Ким Ильич Скрябин түһүлгэҕэ ыҥырыллан тахсан дириҥ ис хоһоонноох ахтыылары оҥордулар.

“Майа сэлиэнньэтэ” тыа сирин түөлбэтин дьаһалтатын баһылыгын солбуйааччы Вячеслав Санников олохтоох дьаһалта аатыттан “Оонньоммотох оҕо саас” дьоһун суолталаах кинигэҕэ ахтыылары хомуйан, бэчээттээн үүнэр көлүөнэҕэ холобур буолар сүдү дьоммутун үйэтиппит кинигэ ааптардарыгар Мария Лукинаҕа, Мария Сергееваҕа, Татьяна Артемьеваҕа, Людмила Дьяконоваҕа, Марелла Баишеваҕа, техническай эрэдээктэр Марфа Птицынаҕа Махтал суругу, сибэкки дьөрбөтүн итиэннэ Ф.Г. Охлопков аатынан орто оскуоланы бүтэрбит Элла Сергучеваҕа, Кирилл Скрябиҥҥа, Аслан Ивановка, Юлия Корякинаҕа, Алиса Скрябинаҕа, Стас Аргуновка, Влад Брызгаловка, Галя Яковлеваҕа, кылаас салайааччыта Наталья Пахомоваҕа Махтал суругу кытта кинигэ туттарда.

“Оонньоммотох оҕо саас” кинигэ ис хоһоонун, сыалын-соругун туһунан кылгастык сырдаттахха, Мария  Дмитриевна Лукина салайааччылаах Майатааҕы “Түмэн” уопсастыбаннай холбоһук үлэтин чэрчитинэн 2022 с. сэрии сылын оҕолорун ааттарын үйэтитэр, кинилэр олорбут олохторун үүнэр көлүөнэҕэ чөл тиэрдэр сыаллаах “Майа долгуна” араадьыйаҕа “Сэрии сылын оҕолоро” биэрии олохтонон үлэлээбитэ. Манна холбоһук чилиэнэ буоларым быһыытынан биэрии ыытааччытынан миигин сорудахтаан үлэлэппитэ. Араадьыйаҕа барыта устуудьуйаҕа кэлэн, аудио запиһынан уонна ахтыыларынан 70-тан тахса киһи сырдатыллыбыта.  Майатааҕы “Сэрии сылын оҕолоро” түмсүү салайааччытынан Николай Михайлович Андреев, солбуйааччытынан Мария Егоровна Сергеева үрдүк эппиэтинэстээхтик үлэлээбиттэрэ. Мария Егоровнаны сэргэ улуустааҕы доруобуйа харыстабылын бэтэрээннэрин түмсүүтүн салайааччы Лариса Ефремовна Дмитриева,  уопсастыбанньык Людмила Николаевна Дьяконова араадьыйаҕа тахсар матырыйаалларыгар хас биирдии сэрии сылын оҕолорун төрдүттэн сиһилии сырдаппыттара. Биэриибитин төгүрүк дааталаахтарбытыгар туһааннаах эҕэрдэ нүөмэрдэринэн киэргэппиппит. Бу биэрии олохтонон нэһилиэнньэҕэ улахан сэргэхситиини таһаарбыта итиэннэ кинигэ тахсарыгар олук буолбута.

Үөрүүлээх күнүнэн СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Сардаана Осипова, Д.Ф. Ходулов аатынан култуура киинин сүрүннүүр исписэлииһэ Линда Сергучева-Захарова ырыаларын бэлэхтээтилэр. СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, “Бочуот бэлиэ” уордьан кавалера, Мэҥэ Хаҥалас улууһун Бочуоттаах гражданина, култуура эйгэтигэр 40-ча сыл үлэлээбит, 17 сольнай кэнсиэри көрдөрбүт Дмитрий Тихонов, сэрии сылын оҕото Ким Скрябин, «Эркин” эр дьон квартета, Майатааҕы Ф.Г. Охлопков аатынан оскуола орто сүһүөх уолаттарын бөлөҕө Анисия Скрябина хоһоонунан, Вячеслав Санников, Татьяна Артемьева ырыанан  эҕэрдэлээтилэр. Доруобуйа харыстабылын бэтэрээнэ Матрена Новгородова Дмитрий Дыдаев “Сэрии сылын оҕото” хоһоонун аахпытын уйадыйа иһиттибит. Ыҥырыылаах ыалдьыттар – Майатааҕы сэрии сылын оҕолоро олохтоох дьаһалта тэрийбит маанылаах сандалытыгар олорон ирэ-хоро сэһэргэстилэр. Николай Андреев, Михаил Дегтярев, Василий Романов, Александра Зыкова, Татьяна Пинигина, Ольга Захарова, о.д.а. кылгас ахтыылары оҥордулар, эҕэрдэлэрин тиэртилэр. Ф.Г. Охлопков аатынан орто оскуола 11-с “б” кылааһын үөрэнээччилэрэ оскуоланы бүтэрэн баралларыгар төрөөбүт Майаларыгар улахан суолталаах бэлэх оҥорсубуттарынан кылаас салайааччыта Наталья Гаврильевна “Түмэн” уопсастыбаннай холбоһук салайааччытыгар Мария Дмитриевнаҕа  махталын биллэрдэ.

Тэрээһини Д.Ф.Ходулов аатынан култуура киинин үлэһиттэрэ Екатерина Ефремова, Галина Эверстова иилээн-саҕалаан, куруутун буоларын курдук, үрдүк таһымнаахтык ыыттылар.

Тапталлаах Сахабыт сирэ, улууспут, сэлиэнньэбит силигилии сайдалларын туһугар сыраларын биэрбит сэрии сылларын оҕолоро бэйэлэригэр аналлаах тэрээһинтэн астынан олохтоох дьаһалтаҕа, кинигэни Күн сирин көрдөрбүт дьоҥҥо махтанан, уһун кыһыны көрсөргө күүс-сэниэ ылан кинигэ тутуурдаах тарҕастылар.

Марелла Баишева.