Дьонноох, тэрилтэлээх буоланнар дьиэлэрэ сиппит-хоппут

Анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэннэригэр сир-сир аайы биир дойдулаахтара, саха сиэринэн, туох кыалларынан өйөбүл буолаллар, күннээҕи кыһалҕаларын быһаарыыга ахсаабат болҕомтолорун уураллар. Улуус киинигэр Аллараа Бэстээх бөһүөлэгэр Павловтар ыалга сылдьан быйыл бастакытын кыстаан эрэр саҥа дьиэлэрин көрдүбүт.

Афанасий Павлов, Маргарита Шкулева Аллараа Бэстээххэ 2011 сыллаахха Чурапчыттан көһөн кэлбиттэрэ. Оччолорго биир оҕолоох ыал, манна кэлэн баран өссө икки кыыстанан, элбэх оҕолоох ыал аатын ылан быр-бааччы олороллор. Бастаан утаа наар дьиэ куортамнаһаллара, онтон олохсуйарга быһаарынан, бэйэ тус дьиэлээҕэ ордук буолсу диэн санааҕа кэлбиттэр. Онон 6,5 да 10 миэтэрэлээх саҥа дьиэ туттан, бу күһүн, туттубуттара иккис сылыгар киирбиттэр. Дьиэ толору хааччыллыылаах, итии-тымныы уулаах.

— Элбэх оҕолоох ыаллары сир учаастагынан хааччыйыы бырагырааманан уһаайбабытын бөһүөлэк баһылыга Юрий Колмаков анаан, олохтоох дьаһалтабытыгар махталбыт улахан, — диир Маргарита Васильевна. – Дьиэбит, уопсайынан, кэргэним үлэлиир тэрилтэтин – дьиэ-уот хомунаалынай хаһаайыстыба үлэһиттэрин көмөтүнэн ситэн-хотон, бу этэҥҥэ кыстаан эрэбит.

ДьУоХХ Аллараа Бэстээхтээҕи учаастагар аҕаларын кытта бииргэ үлэлиир уолаттара дьиэлэрин муостатын тэлгээһинигэр, ититэр ситими тардыыга, киин ититиигэ холбооһуҥҥа улахан көмөнү оҥорбуттарын туһунан кэпсиир. Тэрилтэ үлэһиттэрэ этиттэрбэккэ, кэлэ-бара көрө-истэ сылдьаллар, туох кыаллыбакка турарын ситэрэн, быһааран иһэллэр диир хаһаайка. Кинилэр ахсаабат көмөлөрүнэн бу тохсунньу томороон тымныытыгар дьиэ этэҥҥэ, сылаас турар диэн махтанар.

Өссө «ДьУоХХ» ГУТ-тэн ый аайы көмө харчы киирэ турарын, Саҥа дьылга оҕолорго аҕаларын тэрилтэтиттэн уонна «Үтүө санаа харыйата» өрөспүүбүлүкэтээҕи аахсыйа иитинэн бэлэхтэр кэлэннэр соһуччу үөрдүбүттэрин үллэһиннэ.

Ыал аҕата Афанасий Иванович тэрилтэҕэ силиэсэринэн үлэлиирэ, ааспыт сыл атырдьах ыйыгар хантараагынан анал байыаннай дьайыыга барбыт. Дьонун кытта кэмиттэн кэмигэр билсэр үһү, бүтэһигин ахсынньы саҥатыгар сибээскэ тахса сылдьыбыт. Үксүн рота хамандыырын кытта кэпсэтэн этэҥҥэ сылдьарын туһунан истэллэр эбит.

Кыргыттара – иккис кылаас үөрэнээччитэ Майя уонна бастакы кылааска үөрэнэр Саша аҕаларын олус суохтуулларын, кэтэһэллэрин, күндү киһилэрэ кэллэҕинэ «бары бииргэ ханна эмэ баран аҕабыт таптыыр аһын сакаастаан күндүлүөхпүт» диэн, күн аайы копилкаҕа бытархай харчы мунньалларын туһунан долгуйа кэпсииллэр.

Бу курдук бары – биир дойдулаахтар, үлэлиир тэрилтэ, биир идэлээхтэр, нэһилиэк дьаһалтата – биир сүбэнэн дойду көҥүлүн туруулаһа сылдьар дьоммут дьиэ кэргэннэригэр истиҥ, сылаас сыһыаннаах, мэлдьи көмөҕө кэлэргэ бэлэм буоллахпытына, уолаттарбыт санаалара да бөҕөргүүрэ, оттон чугас дьонноро өйөбүллээхпит диэн саныылларыгар да чэпчэки буолара саарбаҕа суох.

 

Февронья ОХЛОПКОВА.

Иван ЛУКИН устуута.