Олег Марков: «Көрсүһүүлэргэ киирбит боппуруостарынан салгыы үлэлиибит»

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннай Мунньаҕын (Ил Түмэн) дьокутааттара Олег Марков уонна Тихон Скрябин улуус быыбардааччыларын кытары көрүстүлэр.

Олег Марков Майа, Лоомтука нэһилиэктэрин олохтоохторун кытта көрсүһүүлэри ыытта. Майаҕа дьокутааты кытта сирэй көрсөн кэпсэтээри 15 киһи сырытта.

— Биллэн турар, дьоннор араас кыһалҕалаах кэлэллэр. Ким эрэ тус бэйэтин, сорох нэһилиэк, улуус, сорох бүтүн өрөспүүбүлүкэ туһугар туруорсар боппуруостаах буолар, — диир кини. Сүрүннээн дьиэ-уот, дьиэ туттарга сир боппуруостарын, аукционунан көтүллүбүт дьиэлэр оннуларыгар сири хайдах ылары ыйыталастылар. Инбэлиит оҕолоох төрөппүттэр оҕону үөрэттэрии, оскуолаҕа инклюзивнай кылаастары арыйыы туһунан туоһуластылар. Оҕо инникитин идэни сөпкө таларыгар маастар-кылаастары ыытыыга көмө көрдөстүлэр.

Лоомтука олохтоохторо тыа хаһаайыстыбатыгар үлэлиир дьоҥҥо анаан ипотека, хоту сир олохтоохторугар надбавка ааҕыллыытын боппуруоһун уонна эт-үүт бородууксуйатын бэйэҕэ турар сыанатын ааҕыахха наада диэн туруорсаллар. Салгыы дьокутаат Хаҥалас улууһун быбардааччыларын кытары көрсүһэ айаннаата.

Олег Олегович дьону-сэргэни кытта маннык сирэй көрсөн кэпсэтэр, кинилэр кыһалҕаларын истэр дьокутаат үлэтигэр ордук көдьүүстээҕин бэлиэтээн туран, көрсүһүүлэргэ киирбит хас биирдии боппуруоһунан салгыы үлэлиибит, төһө кыалларынан күүс-көмө, сүбэ-ама буолабыт диэн эрэннэрдэ.