Оһуокай дьарыга эти-хааны чэбдигирдэр

Алтынньы 26 күнүгэр Майаҕа “Дьол түһүлгэтэ” уопсастыбаннай кииҥҥэ СӨ оһуокай үтүөлээх этээччитэ Людмила Неустроева салайааччылаах ”Оһуохай” түмсүү тэрийэр уочараттаах дьарыга ыытылынна.

Оһуокай дьарыгын  Майатааҕы В.П. Ларионов аатынан орто оскуола фольклорга уһуйааччылара, СӨ үтүөлээх оһуокай этээччитэ, СӨ култууратын туйгуна Ульяна Ефремова уонна СӨ култууратын туйгуна Валентина Кривошапкина нэһилиэнньэҕэ анаан былырыын сааскыттан ыыталлар. Бу туһунан Валентина Федоровна:

  • Манна кэлэн дьон доруобуйатын чэбдигирдэр, таба тыыныыттан саҕалаан ийэ кылыһахтарын таһаарарга, анал тиэмэ биэрэн хоһуйарга үөрэтэбит. Саха фольклоругар хомус, хоһоон, норуот ырыата, тойук, үҥкүү – барыта ситимнэһэ сылдьарынан дорҕоон таһаарыыга, хомуска эмиэ үөрэнэллэр, — диэн кылгастык сырдатта. 

Өбүгэттэн силистээх-мутуктаах Күн үҥкүүтэ оһуокай дьону биир эргимтэҕэ түмэн, биир ситимҥэ киллэрэн доҕулдьута хаамтаран, сыыйа тэтимэ түргэтээн киһиэхэ сэниэ эбэр, сүргэҕин көтөҕөр алыптаах. Оһуокайга хаамыыга илиини хайдах тутуһартан, атаҕы хайдах уурартан саҕалаан дорҕоону хайдах таба тыынан таһаарарга уһуйааччылар бэйэлэрин холобурдарынан тиийимтиэ гына кэпсии-кэпсии көрдөрдүлэр. Кинилэр хас биирдии киһи тус-туһунан айылгылаах, тус-туһунан кылыһахтаах буоларын итэҕэттилэр. 

Улууска ”Оһуохай” түмсүүтүн салайааччыта Мария Шипошина, СӨ оһуокай үтүөлээх этээччитэ Валентина Федорова кылгастык оһуокай таһааран этэн-тыынан дьону көҕүлээтилэр. Ульяна Максимовна баҕалаахтары “Тугун бэрдэй, кэрэтэй” диэн норуот ырыатын 3 куоласка арааран ыллатта. 

Уһуйааччылар маннык эрчиллиилэри чэппиэр аайы баҕалаах дьоҥҥо анаан нэһилиэнньэҕэ ыыталлара олус кэрэхсэбиллээх итиэннэ наадалаах.

Марелла Баишева.