Оҕону кытта дьоһуннааҕы кэпсэтэр буолуоҕуҥ

Саҥа үүммүт 2024 сылы дойдубут бэрэсидьиэнэ В.В.Путин Дьиэ кэргэн сылынан, оттон Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ил Дархан Айсен Николаев Оҕо саас сылынан биллэрдилэр.

Бу дьаһаллары дьон-норуот улахан биһирэбилинэн көрүстэ. Оҕо – биһиги инники кэскилбит, олохпут сибэккитэ. Ол туһунан төһөлөөх хоһоон-ырыа суруллубута буолуой?!

Оҕо туһа диэн

аҕа тилэҕин элэтэр,

Оҕо иннэ диэн

ийэ эмиийин ыанньытар, – диэн биллиилээх бэйиэт Сергей Васильев-Борогонскай эппит тылларын ама ким умнуой?!

Биһиги уопсастыбабыт сайдыыта, иннин диэки барыыта оҕо төрөөһүнүттэн улахан тутулуктааҕын өйдөөн, инникини өтө көрөн, бэрэсидьиэммит Владимир Путин «Ийэ хапытаалын» олохтуоҕуттан ыла дойду демографическай балаһыанньата балачча көннө. Бу үүммүт сыл Оҕо саас сылынан биллэриллибитэ маныаха өссө улахан төһүүнэн буолара саарбаҕа суох.

Дойду, өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбатын иннигэр эппиэттээх соруктар тураллар: оҕо уһуйааннарын, оскуолалары тутуу хаамыытын түргэтэтии, эбии үөрэхтээһин кииннэрин элбэтии, оҕо сынньалаҥын көдьүүстээхтик тэрийии, оҕо туризмын сайыннарыы, оҕо доруобуйатын тупсарыыга о. д. а. ураты болҕомто.

Мин бэйэм санаабын биир суолга туһаайыахпын баҕарабын – ол  оҕону киһи, патриот быһыытынан иитии туһунан.

Билиҥҥи кэмҥэ оҕону иитии боппуруоһа ордук сытыытык турар. Онуоха биир мэһэйинэн, мин санаабар, икки симиэнэнэн үөрэнии буолар. Улахан нэһилиэнньэлээх пууннарга, куораттарга икки симиэнэнэн үөрэнэр буоланнар, кылаас таһынааҕы үлэҕэ бириэмэ тиийбэт. Кылаас кэлэктиибэ бэйэтэ бас билэр муннуга суох: биир кэм ыксал-тиэтэл, үтүрүйсүү-хабырыйсыы, тыын быһаҕаһынан тыыныы. Ол майдалҕаҥҥа оҕо тугун эмит умнар, сүтэрэр, туругуттан тахсар. Оҕо тоҕо ыксыырый? Тоҕо диэтэххэ, иккис симиэнэ оҕолоро кэлэн ыга анньан тураллар, ыксаталлар! Учууталга биир оннук балаһыанньа. Дьэ бу маннык сылдьар учуутал, кылаас салайааччыта хаһан, ханна кылаас чааһын, атын да иитэр-үөрэтэр тэрээһини ыытыай?! Ордук улаатан эрэр оҕолорго ураты болҕомто ууруллуон наада! Сиэр-майгы, тулалыыр эйгэҕэ, айылҕаҕа сыһыан, дойдуга таптал тиэмэтигэр элбэх кэпсэтии, санаа атастаһыы ыытыллыан баҕарабын.

Быйылгы үөрэх дьылыгар «Дьоһуннааҕы кэпсэтии» («Разговор о важном») диэн бырайыак баар буолбутун биһириибин. Билиҥҥи оҕо көмпүүтэргэ, төлөпүөҥҥэ хам хатанан тулалыыр эйгэни умнан эрэрэ киһини дьиксиннэрэр. Оннук оҕо киһини кытта сатаан кэпсэппэт, кинигэни аахпат, хамсаныан баҕарбат, ийэ тылыттан тэйэр, биитэр олох да билбэт, биир тылынан эттэххэ, робот курдук буолар! Доруобуйатыгар төһөлөөх охсууну ыла сылдьарын ким да билбэт!

Түмүкпэр этиэм этэ: төрөппүттэр, учууталлар, уһуйааччылар, дойдубутугар биллэриллибит Оҕо сылынан туһанан, оҕолорбутун иитиигэ болҕомтобутун күүһүрдүөҕүҥ!

 

Елена Прокопьева,

уопсастыбаннай кэрэспэдьиэн.