Галина Иванова — Айтыына Уран оҕолорго аналлаах хоһоонноругар «Сахалыы саҥарар буоламмын» диэн ааттаах өрөспүүбүлүкэтээҕи киэҥ далааһыннаах күрэх ахсынньы 3 күнүгэр куйаар ситимин нөҥүө буолан ааста. Уопсайа күрэххэ 811 оҕо Саха сирин бары улуустарыттан олус көхтөөхтүк кытыннылар.
Маннык күрэхтэр күн бүгүн, тыл боппуруоһа сытыырхайан турар кэмигэр, өрөспүүбүлүкэ таһымыгар үгүстүк ыытыллаллара наадатын көрдөрдө. Айтыына Уран айар үлэтэ оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах уонна алын кылаас оҕолоругар ананарын быһыытынан, кини суруйар тэттик хоһоонноро оҕо тылынан, оҕоҕо өйдөнүмтүө, тиийимтиэ гына айыллан тахсалларынан уратылаахтар, оҕолуу сырдык тыыннаахтар. Уһуйаан иитээччилэрэ, алын кылаас учууталлара, куруһуок салайааччылара оҕолору күүскэ сахалыы саҥардан үөрэтэ олороллоро үөрдэр, төрөөбүт тылбыт симэлийбэккэ сайда туруо, диэн эрэли үөскэтэр.
Видео устуулар муусука доҕуһуоллаах уонна фуоннаах буолан истэргэ, сыаналыырга астык. Хоһоон балаһыанньатыгар оҕолору түөрт түһүмэххэ, саастарынан арааран кытыннардыбыт, биирдиилээн уонна бөлөҕүнэн ааҕыыга. Күрэххэ Айтыына Уран хоһооннорун куйаар ситиминэн, сигэ көмөтүнэн көрөн үөрэттилэр. Манна патриотическай тыыннаах төрөөбүт дойду кэрэтин, Саха сирин туһунан, дьиэ кэргэн, ийэ, аҕа сылаас, истиҥ сыһыаннарын айылҕа араас кэрэ көстүүлэрин оҕолор көстүүм кэтэн, туттан-хаптан, арастаан хамсанан хоһооннору толору арыйдылар, арылхайдык тириэртилэр. Күрэххэ икки саастаах сэттэ оҕо кыттан үөрүүбүтүн үксэттилэр, кинилэргэ утары баран эбии туспа сыаналаатыбыт. Бу өрөспүүбүлүкэҕэ өтөрүнэн буолбатах тахсыы. Күрэҕи ыытыы сыала-соруга: оҕо төрөөбүт тылынан кинигэни ааҕарыгар интэриэһи тардыы. Төрөөбүт тыл суолтатын оҕоҕо иҥэрии. Ааҕар оҕону өйөөһүн, оҕоҕо дэгиттэр сайдыылаах, дьоҕурдаах буолуутугар, кинигэ бастыҥ көмөлөhөөччү буоларын өйдөтүү.
Дьүүллүүр сүбэ хас эмэ күнү быһа, аныгы үйэ сибээһигэр холбонон олорон күүстээхтик, таһаарыылаахтык үлэлээтэ. Ол түмүгүнэн ахсынньы 6 күнүгэр, бүтэһиктээх түмүк куйаар ситимигэр этэҥҥэ ыытылынна. Манна даҕатан эттэххэ, дьүүллүүр сүбэҕэ үлэлээтилэр Илья Афанасьев — Алмаас, Мария Поскачина, Анастасия Ющенко — Алгыстаана, Инна Николаева — Угинка, Вилена Варламова уонна күрэх хаһаайката Айтыына — Уран, хамаанданан, биир тылы булан, биир киһи курдук тапсан үлэлээбиттэригэр махталбытын тиэрдэбит.
Дьэ, аны хоһооннору ылан көрүөҕүҥ, хайдах курдук киэҥ ис хоһоонноох, улахан киһи эрэ буолбакка, бэл кырачаан оҕо ылынан киэн тутта ааҕар хоһооннорой:
Умнума, эн Саха буоларгын,
Сахалыы санаалаах сылдьаргын,
Өбүгэҥ такайбыт үөрэҕэр
Үтүөкэн үгэскэ үүммүккүн.
Умнума, эн Саха буоларгын,
Сиэрдээхтик олоххо хаамаргын,
Ыччатыҥ төннүбэт төлкөлөөх
Эн үүнэр кэнчээриҥ тахсарын.
…Умнума, эн Саха буоларгын,
Сахалыы тылынан туойаргын.
Удьуортан тирэхтээх тураргын,
Силлибэт силистээх үүнэргин.
Аны бу хоһоон:
Сахам тыла күндү баай,
Сиртэн-буортан хостоммот,
Хоспох сиртэн ороммот,
Өйгө иҥмит чиҥ билии…
Оннук ээ, Ийэ тылбыт ийэ үүтүнүүн иҥэриллибит сүдү баайбыт буоллаҕа дии. Бу курдук хоһооннору итэҕэтиилээхтик ааҕаннар, оҕолор барахсаттар үөртүлэр, долгуттулар. Хоһоон ааҕар оҕолору истэн баран, «Маладьыас» диэн саҥа аллайбыккын билбэккэ хаалаҕын ээ.
Бу көхтөөх, киэҥ далааһыннаах тэрээһин түмүгүнэн ылан көрдөххө, Сахабыт сирин араас улуустарыгар кэнчээри ыччаппытын, кэлэр кэскилбитин сахабыт тылынан ситимнээхтик саҥарарга үөрэтии, уһуйуу үлэтэ ыытылла турара сүргэбитин көтөхтө, санаабытын күүһүртэ.
Маннык киэҥ далааһыннаах күрэххэ бастыҥтан бастыҥ ааттанна. Ол Кылаан Чыпчаал Кыайыылаах үрдүк аатын Горнай улууһун Бэрдьигэстээх нэһилиэгин 21 оҕолоох бөлөҕүнэн ааҕааччылара ыланнар өрөгөй үөрүүтүн биллилэр. Элбэх оҕону бииргэ түмэн күрэххэ киллэрбит, кыайыыны ситиспит уһуйааччыларга, кыттыбыт оҕолорго, оҕолор төрөппүттэригэр эҕэрдэ эриэккэһин этэбит, махталбытын тиэрдэбит.
Хоһоон куонкуруһугар Мэҥэ Хаҥалас улууһун Майа сэлиэнньэтин оҕолоро көхтөөхтүк уонна ситиһиилээхтик кытыннылар. Биирдиилээн ааҕыыга Майатааҕы “Мичил” уһуйаан иитиллээччилэрэ: 2 саастаахтарга “1-кы Үрдэл” кыайыылааҕынан Айыллаана Николаева, “Кэскиллээх ааҕааччы” анал аатынан Милана Новгородова (салайааччылар А.Е.Егорова, С.П.Николаева), 3-4 саастаахтарга 122 оҕо кыттыбытыттан “1-кы Үрдэл” кыайыылааҕынан Алия Зырянова (салайааччылар Л.И.Новгородова, М.С.Сыдыкбекова), “Иэйиилээхтик ааҕыы” анал аатынан Ясмина Гаврильева (сал.А.Д.Федотова) наҕараадаланнылар. 5-6 саастаахтарга “Кэскиллээх ааҕааччы” Майатааҕы “Сардаана” уһуйаан иитиллээччитэ Диана Никифорова (сал.И.А.Слепцова), 9-10 саастаахтарга “Кэскиллээх ааҕааччы” анал аатынан Арылхан Колесов (Харатааҕы успуорт оскуолата) ааттаннылар.
Бөлөҕүнэн ааҕыыга 5-6 саастаахтарга “1-кы Үрдэл” кыайыылааҕа Майатааҕы “Мичил” уһуйаан 6 оҕо кыттыылаах бөлөҕө (салайааччылар Н.Ф.Алексеева, И.Н.Борисова) тахсан үөрүү өрөгөйүн биллилэр. “2-с Үрдэл” хаһаайынынан Майатааҕы В.П. Ларионов аатынан орто оскуола 7 оҕолоох бөлөҕө (сал. Т.В.Дмитриева), “Чобуо ааҕааччы” анал аатынан В.П.Ларионов аатынан орто оскуола 4-с кылаастарын 8 оҕолоох бөлөҕө, “Дархан” анал аатынан 4-с кылаас уолаттарын бөлөҕө (салайааччылар 4 кылаас учууталлара) бэлиэтэннилэр.
Суруйуубутун күрэх хоһооннорун айбыт Айтыына Уран тылларынан түмүктүүр тоҕоостооҕун бэлиэтиибит, чахчы даҕаны, тылбыт сүппэт дьылҕаланнын диэн, мантан ордук хайдах этиэххэ сөбүй:
Сахам тыла сайар санаам,
Сахам тыла сайдам майгым,
Сахам тыла сатараатын,
Симэлийбэт дьылҕаланнын!
«Иэйии» өрөспүүбүлүкэтээҕи айар түмсүү.