Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр, дойдубутугар дьиэ кэргэн туруктаах буолуутугар, оҕону иитиигэ улахан болҕомто ууруллар. Үүммүт сылы дойдубут Бэрэсидьиэнэ Дьиэ кэргэн, Ил Дархан Оҕо саас сылларынан биллэрбиттэрин олус астына ылынныбыт.
Биһиги Дьячковскайдар диэн элбэх оҕолоох эдэр ыал буолабыт. 2015 сыллаахха Тыа хаһаайыстыбатын академиятын бүтэрэн, бэтэринээр идэтин ылан Чүүйэгэ ананан үлэлии кэлбиппит. Идэбитин олус сөбүлүүбүт. Ол кэлиэхпититтэн үтүө-мааны дьонноох күндү Чүүйэбитин иккис дойду оҥостоммут олохсуйан, үлэлии-хамныы сылдьабыт. Нэһилиэкпит уопсастыбаннай олоҕор, култуура уонна успуорт эстэпиэтэтигэр кыттабыт, бу бэрт үчүгэй, дьону түмэр тэрээһин, күрэхтэһии буолар.
Мин күөх Ньурба улууһун Хорула нэһилиэгиттэн төрүттээхпин, Александра, Алексей Степановтарга маҥнайгы оҕолоробун. Кэргэним Спартак Чыамайыкы нэһилиэгин элбэх оҕолоох, эдэрдэриттэн билиҥҥэ диэри тыа хаьаайыстыбатын өрө туппут, элбэх сүөһүлээх, сылгылаах Матрёна, Афанасий Дьячковскайдар 6-с оҕолоро буолар. Кини оҕо эрдэҕиттэн элбэх сүөһүгэ, сылгыга улааппыт буолан, үлэни кыратыттан өрө тутан улааппыта, оҕолорун эмиэ оннук тыыҥҥа иитэр.
Биһиги түөрт оҕолоохпут – икки уол, икки кырачаан кыргыттар. Улахан уолбут Алешабыт Чүүйэгэ үс саастаҕар кэлбитэ, устудьуоннуу сылдьан оҕоломмут буоламмыт оҕобут бэйэбитин кытта тэҥҥэ улаатта. Билигин В.В.Скрябин аатынан Чүүйэ орто оскуолатын 6-с кылааһын үөрэнээччитэ, үөрэҕэр үчүгэй. Быйыл улууска WorldSkills күрэххэ дьиэ тэрилин оҥорууга бастакы миэстэни ылан үөрүүбүт муҥура суох, салайааччытыгар Эдуард Титовичка махтанабыт. Ону таһынан үөрэтэр-оҥорон таһаарар кииҥҥэ оһуор оҥоруутунан дьарыктанар, М.К.Попова аатынан Майатааҕы оҕо ускуустубатын оскуолатыгар байаан салаатыгар үөрэнэр. Кыра уолбут Родион быйыл маҥнайгы кылаас үөрэнээччитэ, сүүрэрин-көтөрүн олус сөбүлүүр. Уһуйааҥҥа сылдьыаҕыттан физрукпут Татьяна Васильевна салалтатынан араас спортивный күрэхтэргэ, арыт аҕатынаан кыттан миэстэлэһэрэ. Улахан кыыспыт Айнабыт 3 саастаах, «Чэчир» уһуйаан иитиллээччитэ, ыллыырын, үҥкүүлүүрүн сөбүлүүр. Кып-кыра кырачаан минньигэс кыысчааммыт 11 ыйдаах. Ити курдук күммүт-ыйбыт оҕолорбутуттан тахсар.
Аҕабыт Спартак уһанарын сөбүлүүр. Олбуорбутуттан саҕалаан, баанньыгын, гарааһын, сарайын, оҕуруоппутун бэйэтэ уһанан оҥортоото. Сылын аайы Саҥа дьылга хаар оҥоһуктары оҥорон тиэргэммитин киэргэтэр.
Иллэҥ кэммитигэр оҕолорбутун кытта бары бииргэ айылҕаҕа сылдьарбытын сөбүлүүбүт. Сайын аайы Булууска, Күрүлүүргэ, Хотун Мааччыйаҕа, Ньурбаҕа, Чыамайыкыга бараммыт сири-дойдуну көрөбүт, элбэх саҥаны билэбит, төрөөбүт айылҕабыт кэрэтин оҕолорбутугар кэпсиибит, күһүн бары тыаҕа тахсан отоннуурбутун сөбүлүүбүт. Тохсунньу ыйтан саҕалаан арассаада арааһын олордон саҕалыыбыт, уу кутабыт, буордарын уларыталыыбыт. Саас ыам ыйыттан бары оҕуруокка умса үлэлиибит: тэпилииссэ, кирээккэ буорун, кашполарбытын бэлэмниибит, хортуоскабытын олордон саҕалыыбыт. Онно барытыгар оҕолорбут улаатан көмө, туһа дьоно. Кэргэним Спартак улахан уолунаан бу оҕуруоппут, сибэккилэрбит буорун барытын бэйэлэрэ тиэйэн олордорго бэлэмнииллэр.
Аҕабыт уолаттарын батыһыннара сылдьан дьиэ ис-тас үлэтигэр үөрэтэр, онон оҕолор хаар күрдьэллэр, баанньыка мас, уу таһаллар, улахан уол мууһун киллэрэр. Аҕаларын кытта сааскы, күһүҥҥү куска сылдьан ону-маны саҥаны билбиттэрин-көрбүттэрин кэпсээн-ипсээн кэлэллэр. Оттон кырачаан кыргыттар ийэлэриниин ас да астаһаллар, дьиэлэрин, оонньуурдарын хомуйсаллар, ыллаан-үҥкүүлээн күннэрин атаараллар.
Саха дьоно бары түмсүүлээх, инникигэ эрэллээх буолуоҕуҥ, оҕолорбутун өрүү таптыы сылдьыаҕыҥ. Кинилэри саҥа билиигэ, үлэҕэ-хамнаска үөрэтэ-такайа сырыттахпытына оҕолорбут олоххо бэлэмнээх, бигэ тирэхтээх дьон буола улаатыахтара диэн эрэнэбит.
Азиза, Спартак Дьячковскайдар,
Чүүйэ.
#Всейсемьей
#Годсемьи