Норуот үйэлээх махтала. Өрөспүүбүлүкэ бастакы Бэрэсидьиэнин атаарыы тиһэх күнүгэр Ил Түмэн бастакы вице-спикерэ Александр Жирков этиитэ

Өктөм, атырдьах ыйын 8 күнэ, 2023 с.

 

Жирков А.Н. Уважаемая Дора Никитична, Татьяна Михайловна, Ольга Михайловна, внуки и родственники, соратники и земляки. Наступают последние мгновения проводов в последний путь Михаила Ефимовича Николаева. Каждый из нас, наш народ имеют свою память о Михаиле Ефимовиче. И эта память облагораживает и благословляет нас всех стремлению к лучшему будущему для нашего народа, дальнейшему отстаиванию и укреплению идей государственности народов нашей республики.

Михаил Ефимович хара маҥнайгыттан дьон-сэргэ сөбүлээбит, ылыммыт киһитэ. Кини өссө 70-с сыллар ортолоруттан, 40 сааһын туола илик киһи өрөспүүбүлүкэ салалтатыгар кэлбитэ. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Миниистирдэрин Сэбиэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччынан, салгыы Өрөспүүбүлүкэ тыатын хаһаайыстыбатын миниистиринэн ананан үлэлээбитэ. Ол саҕаттан ыла кинини ордук тыа дьоно-сэргэтэ, саха дьоно киһи да быһыытынан, салайааччы да быһыытынан чугастык ылыммыта, билиммитэ.

Саҥа салайааччы дьоһуннаах тылын-өһүн, үлэҕэ ирдэбилин, сылайбат сындааһынын, халбаҥнаабат дьаһалларын, үлэһит дьоҥҥо үтүө сыһыанын дьон-сэргэ сөбүлээбитэ, сэһэн оҥостубута. Бар дьонун итинник үтүө сыһыанын, итэҕэлин Михаил Ефимович олоҕун тиһэх күннэригэр диэри үрдүктүк туппута, түһэн биэрбэтэҕэ.

Михаил Ефимович Өрөспүүбүлүкэ Президенин дуоһунаһыттан тохтообута сүүрбэттэн тахса сыл буолла. Ол тухары Саха Өрөспүүбүлүкэтэ кини үктээбит ыллыктарынан, кини тэлбит суолларынан бара сатыыр. Ол суолтан дубук туттан сыыһа үктээтэҕинэ – сыыстарар, ол суолу, ол эркээйини таба тайаннаҕына – табыллар. Оччоттон баччаҕа дылы.

Михаил Ефимович бэйэтин норуотун дьалхааннаах 90-с сыллары этэҥҥэ туораппыта. Бэйэтин кэнниттэн аан дойду атын омуктарын иннигэр бэйэтин билиннэрэр кыахтаах өрөспүүбүлүкэни хаалларбыта. Бэйэтин кэннигэр туруктаах экономиканы, Арассыыйа бүттүүнүн курдук айгыраабатах, эстэн хаалбатах тыа сирин, бэйэтин историятын, култууратын билинэр уонна онон киэн туттар, хайа да омугу кытта тэҥҥэ сананар, үөрэххэ-инникигэ дьулуурдаах, хотоойу өйдөөх-санаалаах ыччаттардаах, түмсүүлээх норуоту хаалларбыта.

Өрөспүүбүлүкэ духовнай лидерин быһыытынан олоҕун тиһэх күннэригэр дылы Сахатын сирин, сахатын норуотун туһугар туруулаһыытын, кыһаллыытын ыһыктыбатаҕа, тохтоппотоҕо. Тиһэх тылларыгар эппитин курдук, бар дьонун, норуотун иннигэр иэһин муҥутуурдук толорон, сахатын норуотун ытыктабылын, тапталын уонна төрөөбүт норуотугар үйэлээх махталын илдьэ бу күн сириттэн барда.

Михаил Ефимович туһунан үтүө өйдөбүл саха норуотугар, саха историятыгар үйэ саас тухары баар буолуоҕа, умнуллуо суоҕа. Төрөөбүт норуотугар Михаил Ефимович аата Өксөкүлээх уонна Күлүмнүүр, Оммуоһап, Ойуунускай уонна Бараахап ааттарын курдук саха баарын тухары махталлаах тылларынан ааттана, ахтылла туруоҕа.

  • Күндү сахам дьоно! Бүгүҥҥү кутурҕаннаах күҥҥэ Михаил Ефимович Николаев күүстээх санаата биһиэхэ барыбытыгар күүс буоллун, ыллыктаах өйө-санаата инникигэ ыҥыра, кынаттыы турдун! Кини төрөөбүт норуотугар эрэлэ биһиэхэ хас биирдиибитигэр инники олохпутугар, үлэбитигэр эрэли, кыаҕы, дьулууру үөскэтэ, үүннэрэ турдун.