Ханнык баҕарар киһи иллэҥ кэмигэр сөбүлүүр дьарыктаах буолар. Ким эрэ баайар, ким эрэ уһанар, ким эрэ уруһуйдуур, иистэнэр. Кэллиэксийэ араас көрүҥүнэн уһун сылларга утумнаахтык дьарыктанан, ардыгар олохторун аныыр дьикти идэлээх дьон эмиэ бааллар.
Бүгүн эһигини ССРС кинематографиятын туйгуна, Арассыыйа бочуоттаах кинематографиһа, Саха Өрөспүүбүлүкэтин киинэтин бэтэрээнэ, Майа сэлиэнньэтин бочуоттаах олохтооҕо, үлэ бэтэрээнэ, “Майа дойдум барахсан» бэлиэ хаһаайына, кэллиэксийэньиэр Нина Никанорованы кытта билиһиннэрэбит. Нина Иннокентьевна быйыл 75 сааһа, ол чэрчитинэн Майатааҕы кыраайы үөрэтэр түмэлгэ «Умсугутар, абылыыр дьарыгым” диэн ааттаах үбүлээр үгүс сылларга муспут кэллиэксийэтин быыстапката турбут.
Бу күннэргэ утуу-субуу кэллиэксийэньиэрдэр тэрээһиннэрэ буолбута. Онон «бу сырыыга, туох эрэ кэллиэксийэтин көрөрбүт буолла» диэн интэриэһиргээн тиийбиппит. Арай, сааланы биир гына толбоннурар уһун суһуохтаах кыргыттар кэрэ мэтириэттэринэн «Кыыс киэргэлэ – уһун суһуох” диэн арт-галерея ыйаммыт эбит. Бииртэн биир уһун суһуохтаах кэрэ куолар хаартыскалара итиэннэ кинилэри хомуйан оҥорбут ааптар мэтириэтэ ыйаммыт. Нина Иннокентьевна саха кыыһын уһун суһуох хайдах курдук тупсарарын, киэргэтэрин өйдөөн көрөн, Мэҥэ Хаҥалас уһун суһуохтаахтарын бэйэлэрин көрсөн, хаартыскаҕа түһэрэн, хас биирдиилэриттэн ахтыы ылан, альбом таһаараары кичэллээхтик харайа сылдьар эбит. Сахаларга былыр-былыргыттан кыыс киэргэлэ – уһун суһуоҕа, ону кэлэр көлүөнэлэргэ көрдөрөр санаалаах хомуйбутум диэн кэпсиир.
Үчүгэй кэллиэксийэ төрөөбүт дойду устуоруйатын, географиятын кэпсиир бэртээхэй энциклопедия буолар. Нина Иннокентьевна кэллиэксийэтэ олус киэҥ. Кэллиэксийэньиэр туох да сыала-соруга суох, мээнэ хомуйуунан эрэ үлүһүйбэт. Кини көрдүүр, булар сатабыла үтүөкэн дьоммутун үйэтитиигэ олук буолбут. Ол туһунан маннык кэпсиир:
— Мусуойга үлэлии киирэрбэр элбэх аата-суола суох сэрии бэтэрээннэрин хаартыскалара баара, түмэл пуондата дьоҕус этэ. 3000 эспэнээттээх пуонданы туттарбыттара. Үлэлээн бүтэр сылбар мусуой пуондата 16000 тиийэ хаҥаабыта. Аата-суола суох сэрии бэтэрээннэрин хаартыскаларыгар, эккирэтиһэн туран булаттаан, ааттарын-суолларын, дойдуларын, төрөөбүт сылларын суруйбутум. Онтум кэнники бэйэбэр кинигэ таһаарарбар сүҥкэн көмө буолбута. Бастаан альбом мусуой иһинэн тахсыбыта. Онтон сэрии бэтэрээннэрин түөрт сопхуостарга, отделениеларга түҥэтэн, кинигэ буолан үйэтитиллэн тахсыбыта.
Нина Никанорова оҕо сааһа олус кырыымчык кэмҥэ ааспыт. Ол да иһин барытын харыстыы, уура сылдьарга үөрэммит. Аҕата бостуук, ийэтэ бороон көрөөччү. Ол иһин дьөһөгөй оҕолоругар ураты сыһыаннаах, кинилэри өрүү көрө сылдьаары ат оҥоһуктары мунньубут. Ол аттарын саха аттара уонна нуучча аттара диэн араартаабыт. Онон, бэйэтэ этэринэн, «икки үөр сылгылаах». Ол дьарыга олус умсугутуулаах буолан, бэл, улуу Кытайга тиийэн баран бэйэтигэр тугу да ылыммакка, харчытыгар ракушкаттан таҥыллан оҥоһуллубут бэрт сыаналаах ат оҥоһугу ылан баран, атын тугу да ылбакка төннүбүт. Аны бырдаҥалыы сылдьар аттары буолбакка, сытыары-сымнаҕас көстүүлээхтэри сөбүлээн хомуйар эбит.
Урукку кэмҥэ ыччаттарга значоктары, мааркалары хомуйуу муода эбит. Атастаһыы, бэйэ икки ардыгар мэнэйдэһии үгүс буолааччы диэн Нина Иннокентьевна кэпсиир. Бастаан үлүбээй мунньан баран, кэнники Мэҥэ Хаҥалас, Саха сирэ диэн арааран мунньар буолбут. Киинэ ситимигэр үлэлээбит сылларыттан боруос кэллиэксийэтэ саҕаламмыт. Араас мунньахтарга, командировкаҕа дьон ортотугар сылдьар буолан, боруос иилинэн добуоччу киэргэммит курдук сананар этибит диэн кэпсиир. Билигин дьахтар киэргэлигэр боруос балачча элбэхтик туттуллар. Урукку кэмтэн олох хайдах сайдан кэлбитин онон да киһи көрүөн курдук кэрэлэр.
1971 сыллаахха олоҕун аҥарын Семен Григорьевич Никаноровы кытта ыал буолбут. Үс оҕону күн сирин көрдөрбүттэр. “Бигэ ыал” бэлиэ хаһаайыннара. Нина Иннокентьевна 75 сыллаах үбүлүөйүн чугас дьонун кытта бэлиэтээбит. Үбүлүөйбэр өр сыл бииргэ алтыспыт, билсибит аҕыс «Ытык ыал» кэлэн эҕэрдэлээн барда диэн киэн туттан кэпсиир. 90 саастаах Тамара Скрябина, Бэрдьигэстээхтэн 80 саастаах Анфиса Прокопьева, о.д.а. үчүгэйдик санаан, убаастаан, суолу-ииһи, кырдьыыны аахсыбакка кэлэ сырыттылар диэн астынар. Былыргылыы байаанынан, эдэр сааһы ахтан-санаан, бэрт сэргэх биэчэр ааспыт.
Ити курдук үтүөкэн дьарыктаах, Мэҥэ Хаҥалас улууһар кэллиэксийэньиэрдэр түмсүүлэрин төрүттэспит киһини кытта ирэ-хоро сэһэргэһэн, билсэн, кэллиэксийэтин көрөн, астынан кэллибит.
Нина Никанорова быыстапката муус устар 20 күнүгэр диэри Р.Г.Васильев аатынан улуустааҕы кыраайы үөрэтэр түмэлгэ турар. Баран көрүҥ диэн барыгытын ыҥырабыт.
Елизавета Неустроева.