Холгума нэһилиэгэ өрөспүүбүлүкэ салалтата тэрийэн ыытар олохтоох көҕүлээһини өйүүр бырагыраамаҕа (ППМИ) сылын аайы кыттан элбэх бырайыактары олоххо киллэрдибит. Ол курдук сайыҥҥы уу симимэ, ыһыахтыыр сир өрөмүөнэ, хаарбах тутуулары көтүрүү, сыбаалканы күрүөлээһин, ититии ситимигэр холбонор турбаны атыылаһыы.
Быйылгы бырайыакка “Баһаартан сэрэхтээх буолууну хааччыйыыга” диэн хайысханан МТЗ тыраахтары атыылаһар соруктаммыппыт. Электроннай аукцион түмүгүнэн Максимова Людмила Петровна, чааһынай урбаанньыт кыайан, МТЗ-82 тыраахтар уонна тыраахтар сүрүн тэриллэрин – куун, хомуос, атырдьах, отвал бу күннэргэ тиксэрдэ. Бу тыраахтарбыт нэһилиэкпит олоҕор суолталаах үлэлэргэ күүс-көмө буолуо диэн бары билэбит уонна эрэнэ күүтэбит.
Биһиги нэһилиэкпититтэн төрүттээх урбаанньыттарбыт Альберт Захаров, Афанасий Шестаков, Михаил Соловьев, Егор Шестаков, Василий Попов уонна күтүөппүт Геннадий Пальшин ыҥырыыбытын ылынаннар 300 тыһыынча солкуобай спонсорскай көмөнү оҥордулар. Түгэнинэн туһанан күүс-көмө буолбут дьоммутугар барҕа махталбытын тиэрдэбит.
Олохтоох көҕүлээһини өйүүр бырагыраамаҕа сылын аайы түмсүүлээхтик кыттан, биир сомоҕо буолан саҥаттан саҥа киирбиилэри дабайан иһиэххэйиҥ. Араас хайысхалаах бырайыактар олоххо киирэллэригэр нэһилиэкпит хас биирдии олохтооҕо өйөбүл буолан инникитин да Бырамабыт сылын аайы сайдан, тупсан, кэлэр кэскилбитин бииргэ түстүөҕүҥ диэн ыҥырабыт.
Вероника Лаврова,
Холгума нэһилиэгин бибилэтиэкэрэ