Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Үлэ уонна улууска Тыа хаһаайыстыбатын сылларынан дьонун-сэргэтин ытыктабылын ылбыт үлэ киһитин, Чыамайыкы нэһилиэгин олохтооҕо Егор Аркадьевич Дьячковскай туһунан сырдатабын.
Егор Чурапчытааҕы судаарыстыбаннай физкултуура уонна успуорт институтун 2010 с. бүтэрбит. Чыамайыкы оскуолатыгар бииргэ үөрэммит кыыһын Аграфена Портнягиналыын тапталларын холбоон 2008 с. Дьячковскайдар диэн ыал эбиллэр. Егор идэтинэн икки сыл Бырама оскуолатыгар үлэлээбит.
Эдэр ыал 2012 с. Быраматтан Егор дойдутугар Чыамайыкыга көһөн олохсуйаллар. Аҕата Аркадий Петрович сопхуоска сылгыһытынан үлэлии сырыттаҕына сопхуоһа эстэр. Үлэһит киһи саҥа хайысханы биир бастакынан тобулан, 1992 сылтан бааһынай хаһаайыстыба тэринэн 2008 с. ыарахан ыарыыттан олохтон арахсыар диэри үлэлиир. Ийэтэ Вера Егоровна Бочуоттаах сынньалаҥҥа барыар диэри кредитнэй кэпэрэтиипкэ кассирдаабыт.
Егор Дьячковскай дьонуттан хаалбыт уонча сүөһүттэн саҕалаан 2021 с. бааһынай хаһаайыстыба тэриммит. Сыллата сүөһүтүн, сылгытын ахсаанын эбэргэ кыһаллан билигин 80-ча хороҕор муостаахха, о.и. 22 ыанар ынахха, 49 сыспай сиэллээххэ, о.и. 25 биэҕэ тиэртэ. 2016 уонна 2020 сс. тутуллубут хотонноругар субан сүөһүнү уонна ыанар ынахтары арааран туруорар. Егор Аркадьевич нэһилиэккэ тыа хаһаайыстыбатын исписэлииһинэн уонча сыл үрдүк таһаарыылаахтык үлэлээн, нэһилиэгин тыатын хаһаайыстыбатын улууска бастыҥнар кэккэлэригэр киллэрбит. Кини билигин ОДьКХ салайааччытынан, иитээччи идэлээх кэргэнэ Аграфена Константиновна олохтоох оскуолаҕа дириэктэри иитэр үлэҕэ солбуйааччытынан, оҕо уһуйааныгар муусука салайааччынан үлэлииллэр. Дьиэ кэргэн 3 уол, 1 кыыс оҕолоохтор. Ыал улахан оҕото Артур 9-с, Антон 5-с, Алина 2-с кылаастарга үөрэнэллэр, 6 саастаах Айсен уһуйааҥҥа бэлэмнэнии бөлөххө сылдьар.
Кэлиҥҥи сылларга нэһилиэккэ Егор Дьяковскай үүт собуоттаах, бэкээринэлээх “Тамма” кэпэрэтииби тэрийэн үлэлэтэр. Уопсайа 7 үлэ миэстэтэ тахсан, буҕаалтырынан Ирина Николаева, үүт собуотугар арыы оҥорор маастарынан технолог идэлээх Дария Романова, оробуочайынан Анатолий Романов, лабораанынан Туйаара Романова уонна суоппарынан Даниил Иванов, үлэлииллэр. Бэкээринэҕэ эдьиийдии балыстыы Акулина, Светлана Федоровалар үлэлээннэр сылаас килиэбинэн нэһилиэнньэни биир да күн өрөппөккө хааччыйаллар. “Тамма” кэпэрэтиип үчүгэйдик үлэлиир буолан салайааччыларыгар нэһилиэгин дьоно улахан махталлаахтар.
Егор Аркадьевич үрэх баһыгар Кубарсыга оттуур сирдээх, онно сылгы баазата оҥостор санаалаах. Ону олоххо киллэрэр сыаллаах 2 сыл агростартапка кыттан баран, хомойуох иһин, тиксибэтэх. Мантан кини санаатын түһэрбэккэ салгыы аны саас граҥҥа кыттар баҕалаах. Үлэлиир-хамсыыр баҕалаах киһиэхэ ити төһүү күүс буолуох этэ. Бэйэтэ быйыл саас кирэдьииккэ киирэн саҥа «Белорус» тыраахтар ылыммыт. Онтун ииппит сүөһүтүн, сылгытын этин атыылаан түргэнник төлөһөн бүтэрэр баҕалаах.
Дьиэ кэргэниниин сайынын Алаас сайылыкка көһөллөр. Манна оҕолор Антон, Алина ньирэйдэри аһатан дьонноругар көмөлөһөллөр. Бэйэлэрэ кэтэх хаһаайыстыбаларыгар 10-ча, 20-чэ сүөһүлээх 60 саастарын ааспыт күтүөттэриниин от-мас үлэтигэр 4 ыал буолан кыттыһан, сорох сирдэри оттообот дьонтон түүлэһэн, оттууллар-мастыыллар. Манна ыал улахан оҕото Артур Т-25 тыраахтарынан күтүөттэрэ Валерий Тарасовтыын от оҕустарыытыгар сылдьаллар. Петр Готовцев от мунньуутугар үлэлиир, убайа Юрий Дьячковскай рулоннуур. От үлэтин кэмигэр 80 сааһын лаппа ааспыт Владимир Прокопьев чэйдэрин, күөстэрин өрөн көмөлөһөр, убайдарын кэриэтэ саныыр чугас доҕордоро Юрий Дмитриев Майаттан тиийэн сайын аайы окко, күрүөҕэ үлэлэһэр.
Эдэр киһи билигин оттуур ходуһатын күрүөлээһиҥҥэ ылсан үлэлии сылдьар. Бу күннэргэ 5 км усталаах сир күрүөлэнэн бүттэ. Быйыл сайын хаһаайыстыба 222 туонна оту оттоон былаанын 123 % толорбут. 13 туонна үүтү ыыр былааннаахтарын билиҥҥи туругунан 14,5 туоннаҕа тиэртилэр.
Күрүө сиэрдийэтин кэрдиитигэр, оттуур күрүөнү бүтэйдээһиҥҥэ көрүллэр харчынан бааһынай хаһаайыстыбалаах Еремей Никитинныын дуогабардаспыт. Еремей Егорович оҕолорунуун, сиэннэриниин Егор Дьячковскайдаах оттуу сырыттахтарына сиэрдийэтин маһын кэрдэн, суоран бэлэмнээбиттэрэ. Остоолботун кэрдиигэ Николай Макаров үлэлээбитэ.
Егор Дьячковскай уонна нэһилиэккэ тыа хаһаайыстыбатын исписэлииһинэн үлэтин саҕалаабыт Семен Лукин дьаһалтаҕа саҥа муҥханы атыылаһан биэрбиттэр. Ытык кырдьаҕастар нэһилиэк муҥхатын салайар эбээһинэһи эрэнэн бу икки эдэр киһиэхэ сүктэрбиттэр.
Егор эр киһи сиэринэн булт көҥүллээх кэмигэр бултуурун-алтыырын сөбүлүүр. Кинини кыра сааһыттан аҕата бэйэтин кытта тэбис-тэҥҥэ илдьэ сылдьан үлэҕэ-хамнаска, булка-алка уһуйбутун билигин махталынан ахтар. Аҕатын үтүө холобурун батыһан билигин кини уолаттарын барытыгар тэҥҥэ илдьэ сылдьан билэрин, сатыырын үөрэтэ-такайа, иҥэрэ сылдьар. Инньэ гынан, уолаттар дьиэ ис-тас өттүгэр көмөлөрө элбэх. Саас ахсын аҕаларын кытта куска сылдьыһалларын туохтааҕар даҕаны ордороллор. Дьячковскайдар дьиэ кэргэн хортуоппуй, моркуоп, тэпилииссэҕэ оҕурсу, помидор, о.д.а. оҕуруот аһын бэйэлэрэ сииллэригэр анаан олордоллорун ийэлэрэ Вера Егоровна көрөн-истэн үүннэрэр.
Егор Дьячковскай успуорка биир улахан ситиһиитинэн 2009 с. Бүлүүгэ ыытыллыбыт Манчаары оонньууларын призера буолар. Улахан уола Артур аҕатын утумнаан былырыыҥҥыттан мас тардыһыытынан ылсан дьарыктанар. Кини бу күннэргэ ыытыллыбыт өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэхтэһиигэ 3-с миэстэ буолары ситиспит. Ону сэргэ Артур гиирэ анньыытынан сөбүлээн дьарыктанар. Дьиэ кэргэн сыллата ыытыллар эстэпиэтэ кэнсиэригэр, успуорка, уопсастыбаннай үлэҕэ көхтөөхтүк кытталлар.
Быйыл кыһын Егор Аркадьевич бэйэтин хотонугар 30-тан тахса сүөһүнү кыстатар былааннаах. Сыллата 1 сибиинньэ, 10 куурусса иитэн кэлбиттэр, быйыл боруобаҕа 3 индюк ииппиттэрин идэһэҕэ туттан олус сөбүлээбиттэр.
Егор Дьячковскай төрөөбүт тапталлаах нэһилиэгэ сайдарыгар, киһи-аймах тыынын өллөйдүүр төрүт аспыт – эт-үүт ас дэлэйэригэр күүһүн-кыаҕын толору туһанар. Сири кытта үлэлиир киһи буоларын быһыытынан кини уулаах дьылларга уу хайа сүүрэн сир дьөлүтэ түһэн хаалан алдьанарыттан хараастар. Улууска сири кытта үлэни – мелиорацияны сайыннаралларыгар, дулҕа буолбут сирдэри астаран ыраастыыр буоллар диэн баҕа санаалаах. Ылсыбыт дьыалатын тиһэҕэр тиэрдэр эдэр үлэһит инники былаана элбэх. 2024 с күһүнүгэр Амма улууһун Болугур племенной хаһаайыстыбатыттан 40 тыһы убаһаны атыылаһарга сайаапка түһэрэн олорор. Бу туһунан миэхэ тыа хаһаайыстыбатын исписэлииһэ Семен Владимирович Уткин сырдатта.
Тыа сирин сайдар кэскилэ – үлэһит дьон илиитигэр, кинилэр туруктаах өйдөрүгэр, сатабылларыгар сытар. Маннык туруу үлэһит дьон баалларын тухары биһиги тыабыт хаһаайыстыбата туруктаах буолуоҕар эрэнэбит.
Марелла Баишева.