Сут-кураан сылларга үгүс саханы өрүһүйбүт собо балык барахсан битэмиинэ баайынан биллэр. Күөллэргэ сыарҕаны уйар муус туран, саха дьонугар күүтүүлээх муҥха күннэрэ саҕаланнылар.
Көмүс хатырыктааҕынан баай күөллэрдээх нэһилиэктэргэ муҥха сураҕын истэн, ыраахтан-чугастан биир дойдулаахтара кэлэн ыалдьыт-хоноһо буолаллар. Маннык гынан кинилэр уһун кыһын устата сиир балыктарын булуналлар, хаһааналлар, кэһии оҥостоллор. Муҥхалаахтар биригээдэлэрэ улахан тымныылар түһүөхтэригэр диэри үлэлээннэр дьоннорун-сэргэлэрин собонон, мундунан аһаталлар.
Ааспыт өрөбүлгэ Дьабыыл нэһилиэгин дьоно Нуораҕана Эбэлэригэр муҥхалаатылар. Бу күн Күөх Боллох нэһилиэк олохтоохторун көмүс хатырыктааҕынан күндүлээтэ. Биригээдэҕэ үлэлээбиттэр куул аҥардыыта, биирдиилээн дьон уонна ыалдьыттар түөртүү буолан биирдии куул минньигэс соболоох үөрэн-астынан тарҕастылар.
Бүгүҥҥүттэн аатырбыт Арыылаах Эбэҕэ муҥха саҕаланна.
Марелла Баишева.