Моорукка «Ырыа ыллыгынан»

Сэтинньи 10 күнүгэр «Ырыа ыллыгынан» ылбаҕай ырыа кэһиилээх, истиҥ сэһэргэһиилээх Моорук нэһилиэгин орто оскуолатыгар бэлиэ көрсүһүү буолан ааста. Биһиги Моорукпут оскуолатын 1980 сыллаахха бүтэрбит выпускнига, биир дойдулаахпыт, мооруктар киэн тутта, үүнэр ыччакка холобур оҥосто ааттыыр талааннаах, айылҕаттан айар дьоҕурдаах, СӨ култууратын туйгуна, «Кэһиллибит кэриэс» киинэ сценариһа, режиссера, уонтан тахса ырыа, ол курдук «Махтана саныыбын» ( И. Сосин тыл), «Аҕал миэхэ дьылҕам» ( Н.Харлампьева), «Үөрэх үрдүк чыпчаалын дабайыам» (С.Васильев), бэйэтин тылыгар » Учууталбар», «Кырачааннар», «Доҕорбор», » Ийэҕэ», » Түүл», » Ветеран убайбар» уо.д.а. ааптардара. Мэҥэ Хаҥалас улууһун, Майя сэлиэнньэтин, Моорук нэһилиэгин Бочуоттаах гражданина Дмитрий Егоров ыалдьыттаата.
Дмитрий Аполлонович үрдүкү кылаас үөрэнээччилэригэр бэйэтин талаанын, тыыннаах доҕуһуол дьоҕурун гитараҕа оонньуур кылаатыттан уонна кэлин иллэҥ кэмигэр дьарык оҥостубут талаҕынан өрүү үлэлэрин оҕолорго аҕалан сырдатан, көрдөрдө. Ону тэҥэ биһиги биир дойдулаахтарбытыгар анаммыт ырыаларын ыллаан, билигин бу буола турар анал байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттарга анаабыт «Саллаат суруга» саҥа ырыатын үөрэнээччилэргэ иһитиннэрэн сүрэхтээтэ .
Маннык көрсүһүүлэр үөрэнээччилэргэ, үүнэр ыччакка аҕа көлүөнэ сүбэтэ, уопута уонна холобура буолар. Билиҥҥи ыччакка духуобунас, майгы- сигили өрүттэрин сайдыытыгар, оҕону патриотизм тыыныгар иитиигэ сүрүн төрүөтүнэн буолар.
Биһиги биир дойдулаахпыт Дмитрий Аполлонович улууска таһаарыылаахтык 1998‒2008 сылларга «Майа-ТВ» телеустуудьуйаны, «Дорҕоон» ырыа устуудьуйатын салайбыта. Өрөспүүбүлүкэҕэ киэҥник биллэр улуус ырыа толорооччуларын, мелодистарын түмэр «Дьүрүлгэн» түмсүүнү биир бастакы саҕалааччылара, тэрийээччилэрэ. Инникитин бу курдук үтүө көрсүһүүлэр, сайдыы суолун саҕан өссө да элбии турдуннар!

Александра Уваровская.

Моорук.