Ахсынньы ый 31 күнүгэр үүнэр саҥа 2024 сыл дойдуга «Дьиэ кэргэн» сылынан, республикаҕа «Оҕо сылын», улууска Үлэ сылын көрсө Моорук нэһилиэгэр таптыыр- ахтар төрөөбүт, кииннэрэ түспүт биһик сирдэригэр Суола сэлиэнньэтигэр, аҕалаатар аҕалара опыттаах, туруу үлэһит механизатор Порядин Виктор Николаевич уонна күн күбэй ийэлэрэ Тастыгина (Порядина Мария ) Степановна төрөппүт оҕолоро, сиэттэрэ, күтүөттэрэ, кийииттэрэ бука бары түмсэн, түбүгүрэн тус санааларынан бачыым көтөҕөн наһаа үчүгэй Саҥа дьыллааҕы Баал маскарады, оонньуу көр, нэһилиэккэ уруһуй күрэҕэ тэрийэн аастылар. Кистэл буолбатах, нэһилиэккэ күн бүгүн култуура киинигэр тустаах худрук. специалиһа суох олорор кэммитигэр баһаам улахан өйөбүл буоллулар. Бу барыта урукку үтүө кэмнэри санаан- ахтан, оҕо сааһы эргитэн, күн күбэй иистэнньэҥ ийэлэрин, эбэлэрин баара эбитэ буоллар, 85 сааһын бэлиэтээн, кини үтүө аатын үйэтитэн, нэһилиэк дьонугар үөрүүнү- көтүүнү бэлэхтиир соруктаах, бука бары аймаҕынан түмсэр сыаллаах, нэһилиэк үлэтин, олоҕун өйүүр үөрүүлээх бэлиэ түгэн буолан ааста😍🤗👏🏻👏🏻👏🏻👏🏻👏🏻🎄
Нэһилиэк дьоно илиинэн бэйэлэрэ тиктэн күрэххэ кыттан,
сүргэлэрэ көтөҕүллэн, Порядиннар аймах бэйэлэрин күүстэринэн туруорбут дьоһун бириистэрин тутан үөрэн көтөн тарҕастылар. Тэрээһин мүөттээх, күлүүлээх, оонньуулаах чааһын,талааннаах республикаҕа биллэр инникки холобур оҥостор Мооруктар дьоһун ыччаттарбыт Степан Порядин, Владимир Тимофеев ыыттылар. Кыргыттара Светлана, Наталья, уоллара Виктор, кийииттэрэ Маргарита, кыра кыыстара Раиса, сиэн кийииттэр, күтүөттэр бука бары суулаһан кэлэн бэртээхэй умнуллубат түгэни дойдуларын дьонугар бэлэхтээтилэр. Ол курдук бастакы миэстэни ылбыт иистэнньэҥ эдэр кийиит Светлана Платонова -30.000, иккис миэстэни ылбыт элбэх оҕо күн күбэй ийэтэ Васирена Зыкова -20000, уонна эдэр ыал аҕата, күтүөт уол Евгений Чириков үһүс миэстэ буолан -10.000 уу харчынан наҕараадаланнылар. Онтон атын уонтан тахса кыттааччылар 3000, 5000 тыһыынча суммалаах сертификаттарынан, сыаналаах дьоһун бириистэринэн, кийииттэр бэйэлэрэ астаабыт бырааһынньыктааҕы торт бэлэхтэринэн наҕараадаланнылар. Ону таһынан эдэриттэн эмэнигэр тиийэ оонньуу тэрийэн бэйэлэрэ туруорбут бириистэринэн, малина барыанньатыттан саҕалаан, тоҥ чир балыгар тиийэ наҕараада тутан мустубут дьон, кэлбит саҥа дьыл тэрээһинин ыалдьыттара сүргэлэрэ биллэ көтөҕүллэн, үөрэн- көтөн тарҕастылар.
Онтон бу бал маскарады тэрийбит дьону нэһилиэк бэтэрээн сэбиэтэ Харитина Максимовна Ксенофонтова уонна саҥа эдэр култуура киинин салайааччыта Айаал Юмшанов махтанан сэмэй бэлэхтэрин, барҕа махтал тылларын анаатылар. Дьоһун дьоммут өрүү Мэҥэлэр хайа чыпчаалыгар, үлэ үлүскэнигэр, үөрүү өрөгөйүгэр буолун, дойдугут олохтоохторун махтал, истиҥ алгыс тыллара сылаас тыын буолан алҕыы, арчылыы, ситиһиигэ кынаттыы сырыттын диэн үтүө санаа үтүмэнин тиэрдэбит! Этэҥҥэ буолун, чэгиэн чэбдик буолун! Дойдугут ситимин быспакка үүнэр ыччакка холобур буолан сирдии турун!
Александра Уваровская.