Мэҥэ Хаҥаластан оҕолорго бастакынан ССРС успуордун маастара Санников Егор бирииһигэр

Алтынньы 21 күнүгэр көҥүл тустууга Мэҥэ Хаҥаластан оҕолорго бастакынан ССРС успуордун маастара Егор Санников бирииһигэр тустууга элбэх оҕо кэлэн кыттыыны ылла. Егор Санников кыра эрдэҕиттэн көҥүл тустуунан Василий Иванович Макаровтан саҕалаан, Василий Уваровка, Дмитрий Коркиҥҥа дьарыктаммыт дьоллоох. Маастар нуорматын 1979 сыллаахха толорбута. Мэҥэ Хаҥалас улууһун Бочуоттаах гражданина.

Бу  күрэхтэһиигэ Чурапчыттан, Тааттаттан, Уус Алдантан, Хаҥаластан, Мэҥэттэн барыта 132 бөҕөс  11 ыйааһыҥҥа күөн көрүстэ. Киирсиилээх түмүк чөмпүйүөннэринэн буоллулар: 26 кг Аммосов Эдвард (Уус Алдан), 28 кг Кириллов Эрэл (Тумул), 30 кг Диодоров Валера (Чурапчы), 32 кг Макеев Данил (Уус Алдан), 35 кг Семенов Эрнест (Чурапчы), 38 кг Егоров Тимир (Павловск), 41 кг Аввакумов Дьулустан (Таатта), 44 кг Игнатьев Дамир (Майа), 48 кг Тарабукин Айтал (Таатта), 55 кг Баишев Егор (Аллараа Бэстээх), 55 кг үөһэ Слепцов Богдан (Таатта).

«Бастыҥ бөҕөс» анал ааты ыЕгоров Тимир (Павловскай), Горохов Самвел (Уус Алдан), Диодоров Валера (Чурапчы) сүктүлэр уонна сыаналаах бириистэри туттулар.

Биир күн тура тэбинэн туран, олохтоохтор тустуу оҕолорго хайдах сайдан иһэрин эт харахтарынан көрөн сыана быстылар, астыннылар. Күрэхтэһии биир чыпчаалынан  хапсаҕайга муҥутуур кыайыылааҕы быһаарыы буолла. Манна улахан ыйааһыҥҥа Сыымахтан төрүттээх Егор Баишев  Егор Санников туруорбут ньирэй бирииһин, куубагын тутан үөрүү өрөгөйүн биллэ, оттон кыра ыйааһыҥҥа Чурапчы бөҕөһө Терехов Егор  бастаан, эмиэ олохтоох успуорт бэтэрээнэ Андросова Вера Петровна туруорбут ньирэйин, куубагын илдьэ барда.

Курэхтэһиигэ олохтоохтор элбэх бирииһи туруоран, спортсменнар бары кэриэтэ «илии тутуурдаах, өттүк харалаах» дьиэлэригэр үөрэн-көтөн тарҕастылар, тэрийээччилэргэ махталларын биллэрдилэр. Егор Санников дьиэ кэргэнэ, доҕотторо, эрчийбит оҕолоро, 2003 сыллаах выпустар, тириэньэрдэр, Егоры кытта бииргэ үөрэммит оҕолоро, олохтоох «Добун» эр дьон түмсүүтэ уонна да атын дьон, түмсүүлэр, тэрилтэлэр элбэх дьоһуннаах бириистэри туруоран, бу күрэхтэһии бэрт тэрээһиннээхтик ааспытын киһи астына бэлиэтиир. Оскуола остолобуойа оҕолору итии аһынан хааччыйан, күрэхтэһээччилэр, тириэньэрдэр махталларын ыллылар. Оҕолорго ситиһиини, дьарыктарын бырахпаттарыгар баҕарыаҕыҥ.

Марина Яковлева, Бэдьимэ