Мэҥэ Хаҥаласка быйыл бурдук үүнүүтүн үчүгэйинэн сыаналаатылар

Улууска бурдугу үүннэрэр хаһаайыстыбаларга улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын управлениетыттан үлэни-хамнаһы билистилэр.

Дьаҥхаады нэһилиэгэр Аркадий Попов уонна Доллу нэһилиэгиттэн “Тумул” кэпэрэтиип (салайааччы Таисия Десяткина) балаҕан ыйын 1 күнүттэн хомууру саҕалыыр былааннаахтар. Майа чугаһынааҕы бааһыналарга Афанасий Борисов хаһаайыстыбата хомуурун атырдьах ыйын 27 күнүттэн саҕалаабыт. Мундулаах бааһынатыгар 160 туонна сенаһы бэлэмнээбиттэр.

Тар уонна Боччугунаан бааһыналар уопсай иэннэрэ ‒ 300 гаа. Былырыын хаһаайыстыба бурдук үүннэрэргэ анаан 484 гааҕа эбиэһи уонна сылгы, сүөһү аһылыгар 100 гааҕа нэчимиэни ыспыт буоллаҕына, быйыл эбиэһи эрэ ыспыт. Итини таһынан Сыгынньахха 95 уонна Мадьыгыйга 59 гаа иэннэргэ ыһыылаахтар.

Улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын управлениетын кылаабынай агронома Василий Бурнашев туораах сиигин мээрэйдээбитигэр прибора 10,7 бырыһыаны көрдөрдө. Ити олох үчүгэй диэн агроном уонна “Россельхозцентр” тэрилтэ улуустааҕы сулууспатын сүрүннүүр исписэлииһэ Туйаара Шестакова сыаналаатылар, тута кууллуохха да сөп курдук. Үрдээбитэ 14 бырыһыан буолуохтаах. Итиннэ “Талисман” суорт ыһыллыбыт буоллаҕына, Сыгынньахха уонна Мадьыгыйга эбиэс “Тоболяк” суорда ыһыллыбыт. “Туймаада” Агрохолдинг АУо-тан 14 туонна сиэмэни ылбыттар. Хаһаайыстыба мэхээнньигэ Иван Борисов уонна агроном Егор Захаров күн-дьыл былдьаһыгар бурдугу быһа, таһа түүннэри үлэлииллэр. Хамбаайыҥҥа Василий Оконешников кэмиттэн кэмигэр солбуйан көмөлөһөр. Хаһаайын ыскылаатым туолла диэн кэпсээтэ. Эргэ гарааһыгар буордугун харайар. 12 массыына буолбут. Гааттан 10-нуу сэнтиниэр кэлэр эбит диэн быһаардылар.

Салгыы өрөспүүбүлүкэҕэ сиэмэ бурдугу аҕалыыга сүрүн тэрилтэ “Агрокорм” ХЭУо-тан Варвара Баишева уонна ити тэрилтэҕэ партнер, атын улуустарга үүнүү хайдаҕын көрсө, уопут атастаһа сылдьар, Үөһээ Бүлүү улууһун тыа хаһаайыстыбатын управлениетын начаалынньыга Сергей Иванов буоланнар “Чүүйэ” хаһаайыстыба Хара нэһилиэгин Бырыы бааһынатыгар ыспыт “Ровесник” суордун үүнүүтүн көрдүлэр. Үүнүү хайдаҕын кинилэргэ хаһаайыстыба салайааччыта Афанасий Илигяев илдьэ сырытта. Манна бурдук үүнүүтэ ситэ илик диэн Василий Бурнашев бэлиэтээтэ. Үүнүү үчүгэй, хойуу эрээри, эһиилигэр буобтаах култуураны ыһыахха наада диэн Варвара Модестовна эттэ.

‒ Быйыл 1600 кэриҥэ туонна сиэмэни: үксэ эбиэһи уонна нэчимиэни, сэлиэһинэйи аҕалтардыбыт, ‒ кэпсээтэ Варвара Баишева. – Аһылыкпыт базатын сайыннарар соруктаахпыт. Сиэмэ бурдук 20 көрүҥэ кэллэ. 13 сыл үлэлээтибит, 17 улууһу кытта үлэлэһэбит. Кэлбит сиэмэ барыта “Россельхозцентр” уонна “Россельхознадзор” тэрилтэллэр хонтуруолларын ааһар, үрдүк хаачыстыбалаах сиэмэлэри аҕаларга кыһаллабыт. “Ровесник” суорт Алтайтан кэлэр. “Анисимово” ХЭУо-лыын үһүс сылын үлэлэһэбит. Быйыл да бара сылдьан тэрилтэ сайдан иһэр эбит диэн сыаналаатыбыт. Сиэмэни ыраастыыр тэриллэрэ, сиэмэ собуота аныгылар. Новосибирскайга “Семена Приобья” тэрилтэлиин үлэлэһэбит. Иркутскайдары кытта үлэлэспиппит икки сыл буолла. Бастаан хаачыстыбатыгар сэрэхэчийэр этибит, ол гынан, үчүгэйдик ыраастыыр буолбуттар диэн көрдүбүт. Сиилэстээһини сайыннара сатыыбыт. Сиилэстэнэр култууралары, полсолнечник араас көрүҥүн, арыылаах култууралары, Судан гибрид сорготун, Судан отун атыылаһан аҕалан кууһунан сыанаҕа тарҕатабыт. Тоҕо диэтэххэ, ити култууралар үүтү ыаһыны элбэтиигэ олус наадалаахтар. Ынах үүтэ айаҕар буоларын билэбит. Кыһыҥҥыттан саас таһырдьа тахсыахтарыгар диэри аһатыахха наада. Кыра сиртэн өлгөм үүнүүнү ыларга дьулуһуохтаахпыт. Ити култууралар биһиги үөрэнэн хаалбыт үүнүүбүтүнээҕэр 4‒5 төгүл улахан маассаны биэрэллэр. Билигин араас ферменнэр бааллар, олору булкуйан биэрдэххэ, үүт ыама үрдүүр. Аһылык тупсан, хаһаайыстыбалар сайдан иһэллэр. Буобтаах култууралар сири тупсараллар. Биһиги Сахабыт сирин буорун састааба дьадаҥы. Үүнээйибит сайдыыта бытаан, сайыммыт олус кылгас. Онон, уоҕурдууну хайаан да туттуохтаахпыт. Анараа сирдэргэ, холобур, сиилэстэнэр подсолнечник гааттан 500‒600 сэнтиниэри биэрэр, биһиги төбөбүтүгэр баппат сыыппаралар. Оттон, ходуһабытыттан муҥутаан 15 сэнтиниэри гааттан ылабыт. Сиргэ укпут харчыҥ толору ороскуотун боруостуурун ситиһэ сатыахтаахпыт. Үрдүк үүнүүлээх култуураларынан дьарыктаныахтаахпыт. Оччотугар эрэ тыа хаһаайыстыбабыт бэйэтин ороскуотун сабынарын ааһан, барыстанар таһымыгар тахсыахпыт.

Сергей Иванович Үөһээ Бүлүү улууһугар сири барытын инвентаризациялаабыттарын кэпсээтэ. Ходуһалары, бааһыналары дьаһалталарга уонна дьоҥҥо биэртэлээн арендаҕа таһаарар соруктаахтар. Сүөһүтэ суох дьонтон сирдэрин атыылаһан ылар былааннаахтар. Сир нолуогун аччатары кини Бырабыыталыстыба Бэрэссэдээтэлэ Андрей Тарасенкоҕа туруорсубут. Улууска 18 кэпэрэтииптээхтэр, 8 саҥа тыраахтары хаһаайыстыбаларга ылбыттар.

“Чүүйэ” хаһаайыстыба комплексын таһыгар баар бааһынаҕа сырыттылар. Быйыл манна эбиэһи кытта сибэккилэммэт полсолнечнигы ыспыттара бэркэ үүммүт. Ол быыһыгар былырыыҥҥы сибэккилээх полсолнечник эмиэ үүммүт. Үүнүүтэ былырыыҥҥытааҕар намыһах эрээри, тулуйумтуо үүнээйи.

Чүүйэ кэнниттэн, Василий Бурнашев Хорообут нэһилиэгэр аһылыкка анаммыт эбиэс үүнүүтүн көрдө.

Аркадий ИННОКЕНТЬЕВ.