Мэҥэ Хаҥалас улууһун чиэһин 48 спортсмен көмүскүүр

Бүгүҥҥүттэн, от ыйын 12 күнүттэн Амма улууһугар успуорт адаптивнай көрүҥнэригэр өрөспүүбүлүкэтээҕи XIV ыспартакыйаада саҕаланна.

Саха сирин араас муннуктарыттан кэлбит доруобуйаларынан хааччахтаах дьон бэйэлэрин олорор улуустарын, куораттарын чиэһин көмүскээн успуорт араас көрүҥнэригэр күрэхтэһиэхтэрэ. «Дьулуур» диэн ыспартакыйаада аатыгар да этиллэринии, чахчыта да, адаптивнай успуордунан дьарыктанар дьон үтүө холобур буолаллар. Кмнмлэпбр олох араас ыарахаттарын, уустуктарын, чуолаан доруобуйаларын туругун аахсыбакка, бэйэлэрин күүстээх санааларынан, тулхадыйбат тулуурдарынан дьаныардаахтык дьарыктанан успуорт улахан түһүлгэтигэр тэҥнээхтэрин кытары илин-кэлин түсүһэллэрэ дириҥ ытыктабылы ылыан ылар.

Барыта 24 хамаанда кыттара сабаҕаланар. Мандаат хамыыһыйата салгыы үлэлиир. Мэҥэ Хаҥалас улууһун сүүмэрдэммит хамаандатын састаабыгар 48 спортсмен киирдэ. Хамаандабытын атаарыы үтүө үгэскэ кубулуйбут тэрээһинэ от ыйын 10 күнүгэр ыытылынна. Бу күн хамаандабыт Манчаары Баһылай төрөөбүт алааһыгар Арыылаахха тахсан сахалыы сиэринэн- туомунан алгыс ыллылар. Хамаандабыт хас биирдии кыттааччытыгар үрдүк ситиһиилэри баҕарабыт! Ким кыахтаах, бэлэмнээх, түмсүүлээх — ол кыайдын!

Алена Докторова