Бэкээринэтин ити аата киниэхэ утум быһыытынан тиксибит. 1997 сыллаахха аһыллыбыт «Горячий хлеб» диэн ааттаах, маҕаһыыннаах бэкээринэни Марковтар үлэлэппиттэр. 2009 сыллаахха бэкээринэни оһохтору байдары Евгений Долгунов атыылаһан ылыаҕыттан Майаҕа Кооперативнай уулуссаҕа хас да көрүҥ сибиэһэй килиэп сыта дыргыйа тарҕанар. Оччотооҕуга электроуотунан үлэлиир, биир эргииригэр 96 килиэби буһаран таһаарар «ХПИ-700» килиэп оһоҕо турбут. Бастаан саҕалыырыгар 2 биэкэрдээҕэ, 2 оробуочайдааҕа уонна 1 атыылааччылааҕа. Оччоттон ылата кэргэнэ Лидия Александровна тэрилтэтигэр буҕаалтырдаан кэлбит. Иккилии суукканан солбуһан үлэлии сылдьыбыттар.
‒ Алта биэкэрбиттэн түөрдэ эр дьон уонна иккитэ дьахталлар, ‒ диэн кэпсээтэ саҥа, былырыын аһыллыбыт сэндвич-панель эркиннэрдээх, үрдүлээх, бетон муосталаах, 16 да 10 миэтэрэ усталаах-туоралаах бэртээхэй бэкээринэтин иһигэр Евгений Анатольевич атырдьах ыйын иккис дэкээдэтигэр. ‒ Биир биэкэрим Анисия Павлова уоппускаҕа сылдьар, кинини бу симиэнэҕэ Василий Григорьев солбуйар. Иккис биэкэр ‒ уруккуттан үлэлиир Алексей Петров. Оробуочайбыт Семен Васильев. Иккис симиэнэҕэ эмиэ уруккуттан үлэлиир, бэтэрээммит диэххэ сөп, Марфа Васильева, уонтан тахса сыл үлэлээбит Сергей Барышев, оробуочай Виктор Миронов үлэлииллэр. Үһүс симиэнэҕэ Станислав Афонскай уонна саҥа үлэһиппит Алексей Егоров бааллар. Оробуочайдарбыт ити иккиэлэр. Хонтуорабыт дьиэбитигэр диэн.
Бурдугун урут «Алейскзернопродукт» ХЭУо-тан ылар эбит буоллаҕына, «Беляевскай» ХЭУо-тан ылар буолбута сэттис сыла. Тимир суолунан ыстаансыйаҕа диэри тиэллэн кэлэр буолан, тиэллиитэ олох үчүгэй, уустуга суох диэн бэлиэтиир. Ыстаансыйаттан «АЯМ тутааччыларын ассоциацията» бэкээринэтигэр тиийэ тиэйэн аҕалар. Бурдук сыаната сылга биирдэ-иккитэ хайаан да ыарыыр диир. Куула киилэтин билиҥҥи баартыйатын 28-29 солкуобайга атыыласпыт. Балаҕан ыйынан бу бурдуга бүтүөхтээх, оччоҕо салгыы атыылаһар. 2,5-3 ыйга биирдэ атыылаһар эбит. Богуонунан кэлбит бурдугу биир атыылаһыытыгар 67,5 туоннаны ылар. Доруоһатын Аллараа Бэстээхтэн кууһунан атыылаһар, тоҕо диэтэххэ, Арассыыйаттан кэлэр доруоһаны атыылааччылар аччаабыта хас да контейнерынан атыылыы сатыыллар. Оннук атыылаһыыны кыра урбаанньыт, биллэн турар, уйуммат. Урут омук доруоһатын туттар буоллаҕына, кэнники Арассыыйа оҥоһуутун туһанар.
‒ Бэкээринэбитигэр былырыын олунньу 22 күнүгэр киирбиппит, ‒ диэн салгыы кэпсиир Евгений. ‒ Матырыйаалын ыарыы илигинэ атыыласпытым. Быһа холуйан 1 мөлүйүөн 700 тыһыынча солкуобайдаах үлэ барбыта. Бетонун анныгар полистироллаах. Билиҥҥи оһохторбут Саратов куоракка оҥоһуллубут Восход «Ротор Муссон» диэн биэкэр ыскааптара. Эмиэ 1 мөлүйүөн 800 тыһыынча курдук суумаҕа атыыласпытым. Сыанатын 1,5-2 сылынан боруостуохтаах диэн суоттанабыт. Биир угууга үрдүкү суортаах бурдуктан 800 кыраамнаах 180 бухааҥканы, эбэтэр 400 кыраамнаах 280 кыра маҥан килиэби эбэтэр «Дарницкай» сиэрэй кыра килиэби, эбэтэр 500 кыраамнаах быһыылаах ботуону буһаран таһаарар. Былааҥҥа багеты, лэппиэскэни да буһарыы баар.
Биир симиэнэҕэ тыһыынчаттан тахса улахан бухааҥканы, 300-кэ кыра килиэби уонна «Дарницкайы», 150-200 ботуону оҥоробут диэн кэпсээтэ. Икки гааһынан барар ыскаап үлэлии туралларыттан биирэ тиэстэ көтөҕөр оһох. Истэригэр халыыптар эргийэ тураллар. Килиэп оһоҕун буһарар температурата 245 кыраадыс итиигэ тиийэр эбит, 50 мүнүүтэ буһарар. Урукку маһынан оттуллар оһохтор курдук суостарынан баанньыктыы ититэ турбат оһохтор. Гааска көһөн абыранныбыт диир Евгений: «Урут электроуокка 100-кэ тыһыынчаны төлүүр этибит, билигин ыйга 18-20 тыһыынчаны төлүүбүт. Аны, уот бардаҕына, ол оһоххо улахан генератор наада этэ, ол биһиэхэ суох этэ буоллаҕа. 26 киловаттааҕа».
Иккилии күнүнэн солбуһа үлэлиир биэкэрдэр нэдиэлэтээҕи үлэлиир чаастара 40-42 чааска тахсар диир. Уоппускаларын сайын ыла сатыылларын хааччахтаспат. Ыам ыйыттан саҕалаан балаҕан ыйыгар диэри. Үлэлэрэ бириэмэ биэрбэт буолан, оннук сынньанар, бырааһынньыктыыр бириэмэлэрэ тиийбэт. Былырыын Аммаҕа сынньана бара сылдьыбыттар, быйыл ол кыаллыбатах. Өрөбүлэ суох сылы эргиччи үлэ. Евгений Долгунов барытыгар бэйэтэ сүүрэр: суоппар да, оробуочай да, сантехник да, электрик да. Бэйэтэ кэпсэтэн килиэбин тарҕатар. Ити курдук күнү быһа түбүгүрэ сылдьар урбаанньыт. Уоппуска диэни бэйэтэ бэйэтигэр бэринэр бириэмэтэ суох. Эт, үүт кэмбинээтигэр үлэлии сылдьан биирдэ ылбыт уонна быйыл уонча хонук сынньанан кыраныысса таһыгар тахса сылдьыбыт. Онон, Майаҕа килиэп ырыынагын улахан аҥаарын ылыы сыанан аҕаабат эбит. Майа килиэбин ырыынагын 70-75 бырыһыанын ыларым буолуо диэбитэ. Инникитин оҥорон таһаарыытын элбэтэн, чугастааҕы нэһилиэктэргэ эмиэ бэйэтэ таһыан баҕарар. Конкуреннарын кытта ырыынактарын эйэ-дэмнээхтик «тыырсаннар», партнердар курдук сылдьабыт диир.
Евгений Анатольевич идэтинэн астааһын-үөллээһин лииньийэтин технолога. Дьокуускайдааҕы Судаарыстыбаннай Тыа хаһаайыстыбатын академиятын, билигин Арктикатааҕы Судаарыстыбаннай Агротехнологическай университет дэнэр, үөрэнэн бүтэрэн, Майатааҕы эт-үүт кэмбинээтин салайа сылдьыбыт, дириэктэри солбуйааччынан үлэлээбит. 1998 сылтан 2009 сылга диэри. Кэргэнинээн Лидия Александровалыын үс оҕолоохтор. Сибиэһэй килиэби дьоҥҥо тиэрдэргэ дьулуһан, улуус уҕараабат үлэлээх бэкээринэтин хаһаайына ити курдук үлэлии-хамсыы, улууска урбаан сайдарыгар сэмэй кылаатын киллэрсэ сылдьар.