Балаҕан ыйын 9 күнүгэр Матта оскуолатыгар үгэскэ кубулуйбут «Нациялар куруостара‒2023» сүүрүү буолан ааста.
Маннык тэрээһин чөл олоҕу көҕүлүүргэ ананан ыытыллар. Сүүрүүнү дириэктэри иитэр үлэҕэ сүбэһит Айталина Бурнашева уонна физкултуура учуутала Мирон Дьяконов иилээн-саҕалаан ыыттылар. Оскуола үөрэнээччилэрэ, нэһилиэк дьоно бары дистанциянан сүүрдүлэр.
Күһүҥҥү тымныы күн диэн чҕыйбакка дьон көхтөөхтүк кытынна. Арассыыйа дьоно-сэргэтэ биир сомоҕо буолан тахсан эппитин-хаммытын чэбдигиртибит, сөрүүн ыраас салгынынан дуоһуйа тыынныбыт. Бу тэрээһин ситимин быспакка, көхтөөхтүк салҕанан бара туруоҕа диэн эрэнэбит.
Даяна Кычкина, Матта орто оскуолатын медиакииниттэн.