Маттаҕа оҕо саадын бэлиэ сылыгар

Матта бөһүөлэгэр Максим Горькай аатынан сопхуос дириэктэрэ Гаврил Александрович Старостин быһаарыытынан 1976‒1977  сылларга маҥнайгы 50 миэстэлээх   ведомственнай оҕо комбината саҥа типовой, благоустроеннай бырайыагынан тутуллубута. Ол кэмҥэ отделение управляющайынан Агит Федотович Кычкин үлэлии олорор кэмэ этэ. Агит Федотович деткомбинат аһылларыгар сүүрбүт-көппүт, дьаһайсыбыт-салайбыт үлэтин билигин матталар үрдүктүк сыаналаан улахан махталынан ахталлар.

Оччолорго, детсадка сылдьар саастаах оҕо ахсаана элбэх этэ. 1978 с. детсад аһыллан үлэтин саҕалаабыта. Маҥнайгы сэбиэдиссэй Полина Дмитриевна Кычкина этэ. Кини биир сыл үлэлээн баран Төҥүлүгэ көспүтэ. 1979 сыл балаҕан ыйыттан детсад сэбиэдиссэйинэн Мариана Семеновна Ченянованы анаабыттара.Мариана Семеновна 1977 с. Дьокуускайдааҕы педучилищены бүтэрэн дойдутугар саҥа аһыллыбыт деткомбинакка иитээччинэн ананан, бастакы анал үөрэхтээх иитээччи-салайааччы буолбута.

Оччолорго, деткомбинаат икки группалааҕа. 20 миэстэҕэ дьааһыла бөлөҕө уонна 30 миэстэҕэ детсаат саастаах оҕолор бөлөхтөрө аһыллыбыта. Нэдиэлэлээх,төгүрүк сууккалаах үлэ режимнээх буолан оҕолор хоно сылдьаллара. Үлэлэрин былааннаан, системалаан биир кэлимҥэ тутан үлэлииллэрэ. Иитэр-үөрэтэр үлэ сылтан сыл дириҥээн үрдүк таһымҥа тахсыбыта. Ол кэмҥэ улахан болҕомто үөрэтэр ньымаҕа, хас биирдии оҕону кытта дьарыктанан, өйдөөбөтөхтөрүнэ-билбэтэхтэринэ ситэри үлэлээн ситиһиини, иитэр үлэҕэ, ыытар дьарыктарыгар тэрээһини, бэлэмнэнии үлэлэригэр саҥаны-сонуну киллэрэргэ уураллара. Оҕону иитиигэ-үөрэтиигэ бары көрүҥнэри: өй-санаа, сиэр-майгы, эт-хаан, илиинэн оҥоһуктары иитээччи былааныгар киллэрэн-дьүөрэлээн, айылҕаҕа алтыһыннаран үлэлииргэ дьулуһаллар.

Детсат бастыҥ үлэһиттэринэн буолбуттара: Александра Скрябина, Александра Кычкина, Раиса Кычкина, Альбина Кычкина, Татьяна Маркова, Марианна Маркова, Люция Имамова, Екатерина Бочкарева, Марианна Скрябина, Ольга Харитонова,Мария Протодьяконова,Марфа Гоголева, Аксиния Большакова, Антонина Харитонова, Анастасия Скрябина, Варвара Куличкина.Аҕам саастаахтар Семен Кычкин,Михаил Кычкин, Николай Гоголев, Николай Шергин,Егор Андросов,Василий Трифонов үлэлээбиттэрэ. Минньигэс астаах пуобардарынан Ольга Протодьяконова, Татьяна Куличкина, Анна Захарова, онтон кэнники сылларга Анна Трифонова, Людмила Гурьева, Евдокия Турантаева кыһамньылаахтык үлэлээн ааспыттара. Оҕо доруобуйата тупсарын туһугар медсиэстэрэлэр Светлана Кычкина, Анна Местникова үчүгэйдик   үлэлээбиттэрэ.

Ведомственнай деткомбинат үлэһиттэрэ буоланнар сопхуос туох баар үлэтигэр ‒ субуотунньуктарга, ыанньыксыттары сынньатан бырааһынньыктарга, өрөбүлгэ солбуйаллара. Сайынын от үлэтигэр, сүөһүгэ эбии аһылык бэлэмигэр, лабыкта хомуйуутугар, дулҕа быһыытыгар, күһүн хотон сыбаҕар, саас хотон хаарын түһэриигэ, ынах төрүүрүгэр дьуһуурустубалаан хотоҥҥо хоноллоро, күһүн забой кэмигэр өрөбүллэригэр сүөһү-убаһа өлөрүүтүгэр биригээдэ тэринэн отделениеҕа көмөлөһөн ‒ бу барыта бэйэлэрин сүрүн үлэлэрин быыһыгар оҥоһуллар үлэлэр этилэрэ. Аны, детсад өрөмүөнүгэр диэн тыаҕа тахсан мас кэрдэн, тыраахтарга тиэйэн киллэрэллэрэ. Манна сүрүн сүбэһиттэринэн ытык кырдьаҕас үлэһиттэрэ буолаллара. Ким да туора туран хаалбакка бары бииргэ үлэлээн-сынньанан сылдьаллара. Ол быыһыгар, үлэ чааһын кэнниттэн чуга турар бөһүөлэктэргэ кыһыҥҥы тымныыга бүрүөһүннээх грузовой массыынаҕа олорсон гастроллуур этилэр. Сыарҕалаах тыраахтарга олорсон спортивнай күрэхтэргэ бэлэмнэнэ спортзаллаах бөһүөлэккэ бэлэмнэнэ бараллара.

1991 сыллаахха алтынньы 4 күнүгэр оройуон сэбиэтин Президиумун быһаарыытынан дьааһыла-саад Мэҥэ Хаҥалас үөрэҕин салаатыгар бэриллибитэ. Комбинат дьиэтэ Халдьаайы түөлбэттэн көтүллэн Саҥа бөһүөлэк түөлбэҕэ тутуллан 50 оҕону ылан иккис тыыннанан үлэтин салҕаабыта. Бу кэмҥэ детсад экологическай хайысханан үлэтин бырайыак быһыытынан төрүттээбитэ. Тыыннаах муннук тэриллибитэ күөх үүнээйи-сибэкки эйгэтэ оҥоһуллубута, экологическай ыллык,кэтээн көрүү ыытыллан оҕолор чинчийэр үлэни саҕалаабыттара. Араас куонкурустарга, конференцияларга кыттан үлэлэрин уопутун улууска, өрөспүүбүлүкэҕэ тарҕатан элбэх ситиһиилэммиттэрэ.

2010 сыллаахха Ил Түмэн депутаата Александр Николаевич Жирков Матта бөһүөлэгэр саҥа таас уһуйаан тутуутун бырайыагын Үтүө дьыала хамсааһынынан үлэҕэ киллэрэн 2013 сыллаахха саҥа благоустроеннай, типовой аныгы ирдэбилгэ толору эппиэттиир уһуйаан дьиэтэ үлэҕэ киирбитэ. Бу кэмҥэ элбэх эдэр үлэһиттэр саҥа уһуйааҥҥа үлэлии киирбиттэрэ. Настаабынньык иитээччилэр И.В.Протодьяконова, А.П.Максимова, Н.С.Шепеткин, Н.К.Слепцова, А.В.Протодьяконова буолбуттара. Иитээччи көмөлөһөөччүтүнэн М.С.Ченянова, Л.С.Захарова, С.Ю.Шепеткина, Н.Е.Кудинова үтүө суобастаахтык үлэлии-хамсыы сылдьаллар. Тотоойу аһынан оҕолору хааччыйаллар пуобардар А.С.Егорова, Л.Л.Маркова. Уһуйаан ис-тас үлэтин энчирэппэккэ  көрөр техүлэһит уолаттар А.С.Ченянов, Е.В.Протодьяконов, М.И.Марков буолаллар.

«Ньургуһун» уһуйааны салайар СӨ үөрэҕириитин  туйгуна, РФ уопсай үөрэхтээһинин Бочуоттаах үлэһитэ, Мөҥүрүөн нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Мариана Семеновна Ченянова. Уһуйаан хас биирдии үлэһитэ үтүө санаанан салайтаран бар дьонугар билиитин бэрсиэхтээх, сатабылын тиэрдиэхтээх диэн төрөөбүт дойдуларын, дьоннорун-сэргэлэрин туһугар үлэлээн-хамсаан, кэнчээри ыччаттарын иитэллэр-үөрэтэллэр, сайыннараллар. Билиҥҥи кэмҥэ оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕону иитиигэ-үөрэтиигэ үгүс уларыйыылар киирдилэр: сайдыылаах, чөл олохтоох киһилии киһини иитэр-үөрэтэр сорук  турар. Билиҥҥи уларыйа-тэлэрийэ турар олоххо бэйэтин сатаан булунар-салайынар, чинчийэр-быһаарсар, үлэни баһылыырга баҕалаах бэлэм киһини иитэн-үөрэтэн таһаарар соруктарын толорор үлэни ыыталлар.

Мария Захарова.