Мэҥэ Хаҥалас улууһун Мөҥүрүөн нэһилиэгэр «Демография» национальнай тосхол «Аҕа көлүөнэ» федеральнай барылын иитинэн кырдьаҕастарга уонна инбэлииттэргэ аналлаах 51 куойка-миэстэлээх интэринээт-дьиэ тутуллар. Бүгүн, сэтинньи 28 күнүгэр, эбийиэк тутуутун хаамыытын билсэ Арассыыйа Федерациятын Үлэҕэ уонна социальнай көмүскэлгэ министиэристибэтин Бүддьүөтү былааннааһыҥҥа уонна үбүнэн хааччыйыыга департаменын дириэктэрин солбуйааччы Олег Хохлов кэлэ сырытта.
Оробуочай сырыыга кинини Саха Өрөспүүбүлүкэтин Үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга миниистирэ Елена Волкова арыаллаата.
Хааһына үбүн суотугар тутуллар, чуолаан, кырдьаҕастарга аналлаах эбийиэктэргэ РФ Үлэҕэ уонна социальнай көмүскэлгэ министиэристибэтин өттүттэн үлэ-хамнас хаамыытын кэтээн көрүү ыытыллар. Олег Хохлов Матта сэлиэнньэтигэр тутуллар интэринээт-дьиэ доруобуйаларын, олохторун бүтүннүү дойду сайдыытыгар анаабыт биһиги ытыктыыр аҕа көлүөнэ дьоммут кырдьар саастарыгар олороллоругар, доруобуйаларын көннөрүнэллэригэр, иллэҥ кэмнэрин туһалаахтык атааралларыгар бары өттүнэн эппиэттиир дьиэ буолуо диэн эрэнэрин туһунан этэр.
Өрөспүүбүлүкэтээҕи суолталаах интэринээт-дьиэ тутуута быйыл муус устар 11 күнүгэр саҕаламмыта. Ол күнтэн Василий Пинигин салайааччылаах араас улуустарга бөдөҥ, ол иһигэр социальнай эбийиэктэри тутуунан дьарыктанар «Электромонтаж» ХЭУо тутааччылара тигинэччи үлэлээн, күн бүгүн эбийиэк 33, ол иһигэр көҥдөйүн 60 бырыһыана бэлэм буолла. Ол эрээри тутуу матырыйаала ситэ кэлбэккэ кэккэ мэһэйдэр үөскээннэр, сайыҥҥы кэмҥэ аҥаар өттүн иккис этээһэ кыайан тахсыбакка хаалбыта. Ону бэдэрээтчит бу хаалыыны ситиһиэхпит, үлэ кыраапыгын саҥардан, ыам ыйын 20 күнүгэр дьиэ көҥдөйүн бүтэрэр соруктаахпыт диэн иһитиннэрдэ. Тэрилтэ бу күннэргэ Абаҕаҕа оскуола-саады үлэҕэ киллэрээри сылдьар.
Икки этээстээх эбийиэккэ кырдьаҕастар олорор 1-дии, 2-лии миэстэлээх хостордоох, аактабай, физкултуура саалалардаах, бибилэтиэкэлээх, куруһуоктары ыытар хостордоох буолар. Ону таһынан хаһаайыстыбаннай блоктаах, 4 буоксалаах гараас, носуос улахан ыстаансыйата, резервуардар тутуллуохтара. Аттыгар турар хочуолунайы саҥардан биэрэннэр, аны сайын онно холбуохтара.
Хантараак быһыытынан эбийиэк тутуута 2025 сылга түмүктэниэхтээх, ону өрөспүүбүлүкэ салалтата эһиил үлэҕэ киллэрэр соругу туруорар. Үбүлээһинэ кэмигэр быһаарыллан истэҕинэ тутааччылар бу болдьоххо эбийиэги үлэҕэ киллэрии ситиһиллиэн сөп дииллэр.
Тутуу хаамыытын, кыраапыктан хаалыы биричиинэтин билсэ кэлэ сылдьыбыт оробуочай бөлөх салайааччыта СӨ Үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга итиэннэ Тутууга министиэристибэлэрин салалтатын кытта быһаарсан итиэннэ тутууга миэстэтигэр сылдьан көрөн-истэн баран, тимир-бетон матырыйаалынан хааччыллыыга көрсүллүбүт кэккэ кыһалҕалар күн бүгүн туоратыллыбыттарын бэлиэтээтэ. Бэдэрээтчит чопчуламмыт үлэ кыраапыгын тутуһан, эбийиэги болдьоҕор түмүктүүрүгэр эрэнэрин биллэрдэ, кинилэр өттүлэриттэн салгыы үлэни хонтуруоллааһын баар буолуо диэтэ.