Егор Кычкин аатынан Матта орто оскуолатыгар саха литературатын төрүттээччи, өрөбөлүүссүйэ ырыаһыта, бэйиэт, прозаик, драматург Былатыан Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылыгар аналлаах нэдиэлэ ыытылынна.
Нэдиэлэ устата кылаас чаастарга учууталларбыт кини олоҕун, айар үлэтин кэпсээтилэр. Саха тылын уруоктарыгар өйтөн суруйуу, уруһуй уруогар уруһуй куонкурустара, уус-уран ааҕыы ‒ Былатыан Ойуунускай айар үлэтигэр аналлаах тэрээһиннэр бары кылаас үөрэнээччилэрин хапта. Түмүгэ, бүгүн, сэтинньи 18 күнүгэр литературнай биэчэргэ таҕыста.
Кычкина Литератупнай биэчэргэ киириитигэр 10 кылаас үөрэнээччитэ Алина Ченянова П.А.Ойуунскай олоҕун туҺунан сырдатта. 11 кылаас үөрэнэччилэрэ Валерия Находкина уонна Диана айар үлэтин сиһилии кэпсээтилэр.
🔺Уруһуй куонкуруһун түмүктэрэ:
🥈 миэстэ Сыроватская Нарыя
🥇 миэстэ Захарова Сандаара.
🔺Өйтөн суруйууга:
🥉 миэстэ Андросова Амина
🥈 миэстэ Гоголева Дианна
🥇 миэстэ Протопопов Александр
🔺»Страница 24″
•10-11 кылааска
🏆Кычкина Диана
•7-9 кылааска
🏆Григорьев Ярослав
•5-7 кылааска
🏆Андросов Вадим
Литературнай биэчэргэ алын кылаас, орто сүһүөх үөрэнээччилэрэ бары Б.Ойуунускай айымньытыгар, хоһоонугар ыллаатылар, айымньытынан оруолларга оонньоотулар. Ол курдук, П.А.Ойуунскай тылларыгар, Андрей Андреевич Андросов мелодиятыгар «Таатта үрэх үрдүгэр» 9 кылаас кэлэктиибэ толордо.
7 кылаас «Оҕо куйуурдуу турара», 5 кылаастар «Мөккуөр» айымньыны туруордулар. 10 кылаастар «Син биир буолбаат!», 11 кылаас уолаттара «Ийэм Дьэбдьэкиэй уҥуоҕар» айымньыларын аахтылар.
Литературнай монтаһы 8 кылаастар, «Доҕордоһуу ырыата» айымньыны 5 уонна 6 кылаастар толордулар.
Үөрэнээччилэр көхтөөхтүк, бэркэ бэлэмнэммиттэр.
Мин санаабар, маннык тэрээҺиннэр ыытыллаллара олус үчүгэй, туһалаах. Биһиги улуу киһи айар үлэтин туһунан элбэҕи билэбит, көрүүбүт кэҥиир. Саха тыла баарын тухары кини үлэтэ өссө үөрэтиллиэҕэ диэн учууталым этиитинэн түмүктүүбүн.
Кычкина Даяна 9 кылаас үөрэнээччитэ. «Куорсун» пресс киин📝🪶