Мандар Уус ыҥырыытынан Баайаҕанан, Хадаайынан күүлэйдээтилэр

Хотун Төҥүлү нэһилиэгэр математика учуутала идэлээх Надежда Николаевна Оконешникова салайааччылаах “Доруобуйа” түмсүү  кыттыылаахтара дойду, өрөспүүбүлүкэ, улуус таһымнаах көрүү быыстапкаларга мэлдьи үрдүк ситиһиилээхтик кытталлар. “Доруобуйа” түмсүүнү  1999 с. нэһилиэгэр бырааһынан үлэлии сылдьан  Федора Семеновна Борисова, дьахтар кэмитиэтин бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбит Татьяна Прокопьевна Куличкина тэрийбиттэр. 2004 с. түмсүү салайааччытынан «Норуоттар доҕордоһуулара” уордьаннаах педагогическай үлэ бэтэрээнэ Валентина Владимировна Цыпандина  үлэлээбит. Бастаан “Доруобуйаҥ бэйэҥ илиигэр”  диэн бырайыагынан түмсүү үлэтэ саҕаланан, онтон сыыйа бырагыраамата кэҥээн социумҥа үлэлээн, уһуйааны, оскуоланы, техникуму, нэһилиэнньэни хабан чөл олоххо үлэлииллэр. Маны сэргэ, түмсүү чилиэннэрэ иис абылаҥын баһылаан, хас биирдиилэрэ сахалыы толору кэмпилиэк сиэдэрэй таҥастарынан Дьокуускай куоракка, Аллараа Бэстээххэ, Майаҕа ыытыллар улахан тэрээҺиннэргэ кыттыыны ылан киэргэтэллэр. Кинилэр быйылгы сайыны хайдах атаарбыттарын туһунан кэпсииллэригэр салайааччы Надежда Николаевнаттан көрдөстүм.

«Бу кыһын олунньуга нэһилиэкпит олохтоох дьаһалтата оскуола оптуобуһун итиэннэ УАЗ массыынаны үбүлээн, 30-тан тахса буолан ытык Таатта талыы-мааны сиригэр Баайаҕаҕа Борис Федорович Неустроев-Мандар Уус үлэтин көрдөрөр мусуойга, Мандар Уус аатынан успуорт комплекс аһыллыбытыгар бара сылдьыбыппыт. Онуоха кини үлэлиир мастарыскыайа, Моҕол Ураһа кыһынын үлэлээбэт буоланнар, “Сайын сылаас кэмҥэ хайаан да кэлээриҥ” диэбитэ. Онно  бара сылдьан худуоһунньук Иван Гоголев сахалыы ыйдар бэлиэлэрин оҥорбутун биһиги түмсүүнэн таҥаска тикпит паннобутун бэлэхтээн кэлбиппит.  Балаҕан ыйын 7 күнүгэр нэһилиэкпит урбаанньыта Иван Иванович Борисов успуонсардаан, оскуола оптуобуһун кэпсэтэн 25 киһи буоламмыт  Баайаҕаҕа баран кэллибит. Аара Хадаайы нэһилиэгэр Суорун Омоллоон аатынан балаҕаҥҥа сылдьан, көмүлүөк оһох сылааһыгар сыламнаан олорон сандалы тула билсэн,  сэһэргэһэн аастыбыт.

Баайаҕаҕа Мандар Ууспут тиктэрэн оҥорторбут баараҕай туос ураһатын, мусуойун, өбүгэлэрбит сахалыы иистэрин, туостан, тимиртэн, удьурҕайтан оҥоһуктарын, Мандар Уус бэйэтэ уруһуйдаабыт хартыыналарын, о.д.а. элбэх кэрэхсэнэр малы-салы көрөн сөҕөн-махтайан, элбэх саҥаны билэн, астынан, сүргэбит көтөҕүллэн аҕай кэллибит. Дьон былыргы өбүгэлэрбит тутта сылдьыбыт малларын-салларын тигэн мусуойга бэлэх биэрэн урукку олохторун сөргүппүттэрэ наһаа  кэрэхсэбиллээх үлэ буолбут. Биһигини кытта ”Доруобуйа” түмсүүнү тэрийбит бастакы салайааччыбыт Федора Семеновна Борисова,кини кэнниттэн салайбыт Валентина Владимировна Цыпандина барса сырыттылар. СӨ норуотун маастара, 86 саастаах Александра Семеновна Баишева оҕотун, сиэнин илдьэ сырыппыта үүнэр көлүөнэ ыччатыгар норуот уустарын-иистэрин үлэлэрин, сатабылларын төрдүттэн билэн, эттэригэр-хааннарыгар иҥэринэн тахсалларыгар олук буолуо. Александра Семеновна “Олох Оҥкула” диэн кылынан-сиэлинэн оҥорбут паннотун бэлэх ууннубут. Мандар Уус улахан үлэни бэлэх оҥордугут диэн наһаа үөрдэ. Туос ураһа аан дойдуга саха култууратын көрдөрөр баай ис хоһоонноох сүдү мусуой буолбутуттан сүрдээҕин үөрэн-астынан кэллибит. Мусуой дириэктэрэ Николай Егоров мэссэнээт Иван Борисовтыын дьыалабыай сыһыаны олохтоотулар, кэскиллээҕи кэпсэттилэр.

Мандар Ууска аҕыйах буолан дьиэтигэр ыалдьыттаатыбыт. Манна Борис Федорович кэргэнэ  Федора Борисовналыын үөрэ-көтө көрүстүлэр. Баай астаах сандалы тула олордон Борис Федорович ирэ-хоро Иван Ивановичтыын сэһэргэстэ. Урбаанньыт нэһилиэнньэ сайдыытыгар туһуланар үлэлэрин таһынан ыытар социальнай хайысхалаах үлэтин олус сэргээтэ, сөхтө-махтайда, үөрүүтэ үрдэ суох буолла. «Доруобуйа” түмсүүбүт дьонун таҥастарын-саптарын наһаа сэргии көрдө, бииртэн биир уратыларын астыммытын бэлиэтээтэ.

Бу такси сыаната үрдээн турар кэмигэр Иван Борисов өйөбүлүнэн буор-босхо маннык ыраах сиргэ күүлэйдээн элбэҕи билэн-көрөн, бэйэбитигэр иҥэринэн кэлбиппитигэр мэссэнээккэ махталбыт муҥура суох. Ону сэргэ, барҕа махталбытын олохтоох дьаһалтаҕа, баһылык Петр Эверстовка, Баайаҕа мусуойун үлэһиттэригэр, суоппардаан илдьэ сылдьыбыт Алгыс Харитоновка, Артем Борисовка тиэрдэбит” диэн Надежда Оконешникова үөрүүтүн үллэһиннэ.

Бу хардыытынан Төҥүлү нэһилиэгин Бочуоттаах гражданина, “Мас тойуга” мас уустарын, “Тимир Болгуо – кэрэ көстүү” тимир уустарын күрэхтэһиилэрин бастакынан тэрийэн ыыппыт “Мэҥэ Аат” бэлиэ хаһаайына, мэссэнээт, бэпэчиитэл, нэһилиэгин ис-тас көстүүтэ тупсарыгар, дьонун-сэргэтин олоҕо уйуктаах буоларыгар үгүс кылаатын киллэрбит Иван Борисов өссө төгүл дьонугар-сэргэтигэр улахан дуоһуйууну бэлэхтээн олохтоохтор махталларын ылла.

Марелла Баишева.