Майатааҕы лиссиэйгэ «Көмүс күһүн бэлэҕэ» дьаарбаҥкаҕа

Балаҕан ыйын 14 күнүгэр И.Г.Тимофеев аатынан Майатааҕы лиссиэй иһинэн сылын аайы ыытыллар «Көмүс күһүн бэлэҕэ» дьаарбаҥка тэрилиннэ.

Бу күн атыы-эргиэн дьаарбаҥката эрэ буолбакка араас куонкурустар хоһоону ааҕыыга, сэлээппэни оҥорууга, саамай үчүгэй бүлүүдэҕэ, кылааһын хаартыска түһүүгэ тэрилиннилэр.

Үөрэнээччилэр, төрөппүттэр, ыалдьыттар оҕуруот уонна бурдук ас арааһын удамыр сыанаҕа атыылаан, атыылаһан үөрэн-көтөн тарҕастылар.