Бүгүн, балаҕан ыйын 7 күнүгэр, Майа сэлиэнньэтин Комсомольскай болуоссатыгар ыам ыйын 25 күнэ Оһуокай күнүнэн бигэргэммит өрөгөйдөөх күнүн уруйдаан Мэндэ хайа үрдүгэр Мэҥэ Хаҥалас улууһун ыччата, дьоно-сэргэтэ түмсэн Сомоҕолоһуу оһуокайыгар кытыннылар.
“Майа оһуохайа” түмсүү салайааччыта Людмила Неустроеваттан кылгастык санаатын үллэстэригэр көрдөстүм: “Бүтүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн Ил Дархан ыам ыйын 25 күнүн Оһуокай күнүнэн биллэрбитэ саха дьонугар олус үөрүүлээх. Бүгүн өбүгэттэн кэлбит ытык үҥкүүбүтүн – Күн Оһуохайбытын эдэр ыччат көхтөөхтүк кыттан таһаарбыта сүргэбитин көтөхтө, үөрүүбүтүн үрдэттэ”. Саха өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх этээччилэрэ Валентина Федорова, Аллараа Бэстээхтэн Анисия Степанова, Төхтүртэн Татьяна Неустроева, Табаҕаттан Галина Зыкова, ону сэргэ, Хара нэһилиэгиттэн Виталий Очиров, Ороссолуодаттан Роман Иванов уран тылларын баайынан дьиэрэһитэ умсугуттулар.
Улууспут бастыҥ этээччилэрэ, ыччата оһуокайы оройуттан тутан бииртэн биир этэн киирэн барбыттара сүүһүнэн батыһааччылары үөрэ-дьүөрэ үктэннэрэн долгулдьута хаамтарда. Екатерина Мосоркина салайааччылаах “Алгыс” бэтэрээннэр түмсүүлэрэ сахалыы мааны соннорун сайбаччы кэтэн оһуокай силигин ситэрэн көрүөхтэн кэрэ көстүүнү бэлэхтээтилэр.
Марелла Баишева.