Майаҕа “Кыталык” улуустааҕы социальнай киин дьиэтигэр уопсастыбаннас Хомсомуол 105 сылын өрө көтөҕүллэн бэлиэтээтэ.
Кылгастык устуоруйаны сэгэтэн ыллахха, хомсомуол 1918 с. алтынньы 29 күнүгэр тэриллибит. Бу анал значоктаах, бэйэтэ сокуоннардаах тэрилтэҕэ 14 сааһын туолбут, үөрэҕэр үчүгэй, уопсастыбаннай үлэҕэ көхтөөх, бэрээдэктэктээх оҕолору ылаллара. Комсомол кэккэтигэр эппит тылыгар турар, дойдуга бэриниилээх, хорсун санаалаах, бастыҥ үлэһит ыччат эмиэ ылыллара. Ол ааспыт сылларга көхтөөх ыччаттар күн бүгүн даҕаны бастыҥ уопсастыбанньыктар.
Майа сэлиэнньэтин дьаһалтатын баһылыгын аатыттан солбуйааччы Вячеслав Санников эҕэрдэ тыл эттэ.
- Оччотооҕу ыччаттар Комсомол үрдүк аатын сүгэҥҥит, үөрэҕи-үлэни өрө тутаҥҥыт бу биһиги өрөспүүбүлүкэбит, дойдубут бүтүн аан дойдуга киэҥник биллэригэр кылааккытын киллэрсибиккит. Бүгүҥҥэ диэри сырдык Сулус оҥостоҥҥут сүрэххитигэр илдьэ сылдьаҥҥыт биһиги сэлиэнньэбит уопсастыбаннай үлэлэригэр көхтөөхтүк кыттаргытынан киэн туттабыт, махтанабыт, — диэн туран бүгүҥҥү бэлиэ күнүнэн көхтөөх уопсастыбанньыктарга Майа баһылыгын Махтал Суруктарын уонна өйдөбүнньүк бэлэхтэрин Евдокия Решетниковаҕа, Татьяна Лукинаҕа, Татьяна Сидороваҕа, Ариадна Филипповаҕа, Людмила Заровняева-Стручковаҕа, Варвара Сидороваҕа, Татьяна Артемьеваҕа, Контвар Сыроватскайга туттарда.
Мэҥэ Хаҥалас улууһун, Хорообут нэһилиэгин Бочуоттаах гражданина Александр Андреев Анатолий Чичахов хомсомуол туһунан хоһоонунан тойуктаата.
Майа сэлиэнньэтин партийнай тэрилтэтин сэкирэтээрэ Анатолий Чичахов Хомсомуол 105 сылынан эҕэрдэлээн туран баартыйа билиэттэрин Татьяна Артемьеваҕа, Татьяна Лукинаҕа, Ленин 120 сааһын туолбут үбүлүөйдээх мэтээлин Светлана Ивановаҕа, Раиса Тимофееваҕа, Аркадий Захаровка, Мария Лукинаҕа, Варвара Сидороваҕа, Парасковья Чичаховаҕа туттарда итиэннэ хомуска сахалыы матыыптары оонньоото.
“Кыталык” ОЫЭК иитиллээччилэрин итиэннэ тыйаатыр кэлэктиибин туруорууларыгар күүрээннээх үлэ сылларын уруйдуур-айхаллыыр литературнай композиция туруордулар. Манна суруйааччылар, поэттар хомсомуол туһунан кынаттаах этиилэрин аахтылар. Екатерина Ефремова “Белый танец”, “Сардаана” трио “Там, вдали за рекой”, Степан Копырин “Доҕордоһуу”, Ульяна Ефремова «Манчаары» ырыаларынан, “Кыталык” ОЫЭК иитиллээччилэрин толорууларыгар “Погоня”, “ОБТ” түмсүү кыттыылаахтара “Кадриль” үҥкүү, “Көөчөөн көрө” мини тыйаатыр артыыстара “Кустуу барыах” сценкалара, о.д.а. сэргэх нүөмэрдэр сүргэни көтөхтүлэр. Галина Эверстова сэбиэскэй кэминээҕи луоһуннары этэргэ оонньуу ыытан дьон көхтөөхтүк кытынна. Манна Александр Андреев кыайыылааҕынан ааттанан этибиэркэ нобуорун бириис тутта.
Хомсомуол кэмин лиидэрдэрэ Лидия Павлова, Андрей Решетников хомсомуол биир өйдөөх-санаалаах сүрдээх элбэх ыччаты түмэн күргүөмнээх үлэлэр барбыттарын ахтан-санаан аастылар. Ол курдук, бу элбэх ыччаты түмпүт “Кыталык” киинэ оччолорго Афанасий Васильевич Мигалкин ыҥырыытынан, хомсомуол көхтөөх ыччатын көҕүлээһининэн, “Кыталык” курдук аан дойдуга биллибит ансаамбыл хайдах дьиэтэ-уота суох буолуоҕай” диэн санааттан улуус олохтоохторо, Майа сэлиэнньэтин бэтэрээннэрэ биэнсийэлэриттэн тутуу пуондатыгар уганнар, субуотунньук бэрээдэгинэн саҕаламмыт. 10-тан тахса сыл тутуллубут дьиэни быылын-буорун оччотооҕу хомсомуоллар, аҕам саастаах дьон көлүөнэлэринэн түмсэн сууйан-сотон үлэҕэ киллэрбит устуоруйаларын сырдаттылар. Бу күн Василий Павлович Винокуров аата элбэхтик ахтылынна. Хомсомуол үлэтин-хамнаһын үүнэр көлүөнэ ыччат билэригэр маннык тэрээһиннэр ыытыллаллара наадалааҕын бэлиэтээн эттилэр. Анатолий Чичахов Ленин, Сталин, Ойуунускай, Аммосов, Барахов бүүстэрин хатыҥ мастан кыһан оҥоһуллубут быыстапкатын көрдөрүүгэ туруоран дьон биһирэбилин ылла, элбэх киһи оҥоһуктары кытта хаартыскаҕа түстүлэр.
“Эн хомсомуол – мин дьолум” диэн ол кэмнээҕи ырыаларга караоке, флэшмоб ыытыллан эдэрдиин-эмэнниин ыллаан-үҥкүүлээн, бэлиэ күн Галина Эверстова салайыытынан үөрүүлээх быһыыга-майгыга ыытылынна.
Марелла Баишева.