Майаҕа байыаннай дьайыы волонтера уопсастыбанньыктары кытта көрүстэ

Майаҕа сэтинньи 1 күнүгэр «Дьол түһүлгэтэ» уопсастыбаннай кииҥҥэ байыаннай дьайыыга волонтердуу сылдьар биир дойдулаахпыт Елена Лебедкина-Алена уопсастыбанньыктары кытта көрүстэ. Көрсүһүүнү көҕүлээбит Майатааҕы “Түмэн” уопсастыбаннай холбоһук чилиэнэ, байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар аналлаах иистэнэр сыах салайааччыта Федора Наумова кэлбит дьону аһаҕас кэпсэтиигэ ыҥырда.

Улуус бэтэрээннэрин сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Маргарита Максимова кыттыыны ылла:

  • Былырыыҥҥыттан улуус үрдүнэн байыаннай дьайыыга барбыт биир дойдулаахтарбытыгар өйбүтүнэн-санаабытынан, аһынан-үөлүнэн, таҥаһынан-сабынан күүс-көмө буола олоробут. Билигин биһиги улууспутугар Чечня сэриитин кыттыылааҕа 64, Афганистан сэриитигэр 4 уонна биир көстө иликтиин 5 бэтэрээн баарынан ааҕабыт. Кинилэри түмэр “Килбиэн” бойобуой дьайыылар бэтэрээннэрин түмсүүтэ уопсастыбаннаһы кытта биир ситимнээхтик үлэлиир. Билигин сулууспалыы сылдьар уолаттарбытыгар кыахпыт тиийэринэн көмөлөһөрү наадалааҕынан ааҕабын. Манна биһиги оҕолорбутугар көмөлөһө сылдьар волонтер бэйэтинэн кэлбитин көрсөн кини санаатын истээри, төһө кыалларынан уолаттарбыт туохха наадыйалларын билэн көмөлөһөөрү түмүстүбүт, — диэтэ.

Байыаннай дьайыыга бэйэтин баҕа өттүнэн волонтердуу сылдьар биир дойдулаахпыт, Хара нэһилиэгиттэн төрүттээх Майа олохтооҕо Елена Васильевна Лебедкина-Алена бүгүҥҥү көрсүһүүгэ кэлбит дьоҥҥо махтанан туран бу хамсааһынын хайдах саҕалаабытын сырдатта:

  • Биһиги дьиэ кэргэн Хабаровскай куоракка олорбуппут 3-с сылыгар барда. Манна байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттарга олунньуга буолбут бастакы хомууртан саҕалаан күүс-көмө буолабын. Госпиталларга, байыаннай чаастарга сылдьабын уонна аармыйаҕа сулууспалыы сылдьар уолаттары көрсөбүн. Ааспыт нэдиэлэҕэ Украина сиригэр бараммын үрдүттэн көрөн-истэн, уолаттарга көмөлөһөн кус, бэрэски, алаадьы, атын да астары астаан, таҥас-сап илдьэн кэллим. Бу бүгүн Хабаровскайынан эргийэн төрөөбүт дойдубар күүс-көмө көрдөөммүн кэллим. Түгэнинэн туһанан Ил Дархан Айсен Николаевка, улуус баһылыгар Дмитрий Тихоновка, Хара нэһилиэгин баһылыгар Дария Назароваҕа, эдьиийим кэриэтэ саныыр Майя Аргуноваҕа, ийэбэр, аймахтарбар Николаевтарга, улууһум бары олохтоохторугар, бэйэм “Алена – СВО – Хабаровск” бөлөхпөр баар дьоҥҥо, сылгыһыттар бөлөхтөрүгэр бэйэм ааппыттан уонна байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттар ааттарыттан улахан махталбын тиэрдэбин, — диэтэ.

Елена Васильевнаны кыра сырыттаҕына Алена диэн таптаан ааттаабыттарын хос аат оҥостубут. Өссө Майаҕа олорон түүл түһээбитигэр маҥан баттахтаах аарыма кырдьаҕас кэлэн «Эн манна тугу гына сытаҕын, эн көмө буолуохтаах киһигин” диэбититтэн уһуктан баран «туох дьиибэ түүлэй” дии санаабыт. Оччолорго сэрии туһунан өйгө да суох буоллаҕа. Алена кэргэниниин элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн буолаллар. Кинилэр хараҕынан инбэлиит оҕолоох буолан кыһалҕаҕа ыллара сылдьан  Хабаровскайга үчүгэй клиника баарын истэн, тута быһаарынан онно көһөн тиийбиттэр. Маҥнай тиийээт элбэх ыарахаттары көрсүбүттэр. Онтон үлэ көстөн оннуларын булан истэхтэринэ олунньу ыйга байыаннай эпэрээссийэ саҕаланар. Манна биир дьүөгэтин быраата хантарааҕынан сулууспалыы барбытыгар дьүөгэтэ эрийэн “Аһынан көмөлөһүөҥ дуо” диэн көрдөспүт. Онно “Бачча Хабаровскайга үрдүттэн олороммун хайаан көмөлөһүөм суоҕай” диэн санаан тута төлөпүөнүн көрдөөн ылан эрийбит. Онуоха уолаттар аска-таҥаска наадыйалларын этэннэр бэйэтиттэн хомуйан илдьэн биэрбитигэр үөрүү бөҕө буолбуттар. Онтон хантарааҕынан сулууспалааччылар истиһэннэр эрийэр буолбуттар. Балаҕан ыйыттан байыаннай эпэрээссийэҕэ хомуур саҕаланан билэр уолаттара тиийбиттэр, ол быыһыгар аармыйаҕа сулууспалыыр биир дойдулаахтарын көрсөн көмөлөһөр. Ахсынньы ыйтан уолаттарбыт госпиталга киирэн барбыттар. Ас астыы-астыы кинилэргэ илдьэн биэрэр буолбут. Манна араас ыарахан туруктаахтар кытта баалларын, илиилэрин-атахтарын сүтэрбит уолаттар олохтон аккаастанан ыһыктынан кэбиһэн аһылыктан аккаастаналларын ааттаһан-көрдөһөн, ньуосканан аһатан, сууйан-тараан, бэйэтэ психолог оруолун толорон, сыыйа үчүгэй буолалларын ситиспит. Кинини тирэх оҥостон итиэннэ дойдуларын аһын аһаан байыастар үтүөрэр аакка баралларын кэпсээтэ. Хараҕа олорор ийэтин бииргэ төрөөбүт быраата бааһынай хаһаайыстыбалаах. Онтон кэлэн бэйэбэр диэн бэриһиннэрбит этиттэн астаан таһан бүтэрэн кэбиһэр. Онтон ыксаан бэйэтин нэһилиэгин баһылыгар Дария Ивановнаҕа тахсан уолаттар аска наадыйалларын этэн, баһылык тута өйдөөн көмө хомуйан тиксэрбит. Онтон Дмитрий Иванович бэйэтэ эрийэн булан дьоһун көмөтүн оҥорбут. Алена дойдуларын аһын аһаат уолаттар түргэнник атахтарыгар туралларын бэлиэтээн этэр. Байыаннай чааска кэлбит уолаттар син-биир аччыктыылларын, онно кинилэри дьиэҕэ курдук аһаппаттарын билэн байыастарга аһылык көмөтүн тиэрдээри Уссурийскайга, Бикиҥҥэ, Сергеевкаҕа, Биробиджаҥҥа тиийэ кэрийэр. Такси сыаната антах олус ыарахан эбит. Амматтан эрийэн Кюннэйэ тылланан тиийэн ас астаһан, тасыһан көмөлөһөн кэлэр буолбутугар махтанар. Байыастарга ыытар көмөҕө тугу ыыталларыгар тиийэ сүбэлээтэ, уйулҕа үөрэхтээх исписэлиис сүбэтэ олус наадалааҕын ыйда. Ааспыт нэдиэлэҕэ  Украинаҕа тиийэн тепловизор, халыҥ таҥас, аһылык тиэрдэн кэлбиттэр. Манна олунньуга, кулун тутарга Хабаровскайга уонна ааспыт ыйга Москваҕа тиийэ көмөлөһөн кэлбит Алексеева Кюннэйэ Афанасьевна Амма Чакырыттан кэлэн кыттыыны ылан байыастарга бары өттүнэн көмө наадатын туһунан санаатын тиэртэ. Кини бу дьыл алтынньы 1 күнүгэр Ирина Егоровна Саввина салайааччылаах байыаннай дьайыыга сылдьар байыастарга анаан баҕа өттүнэн иистэнэр өрөспүүбүлүкэтээҕи «Илии сылааһа» иис сыаҕын 37-с нүөмэрдээх успуонсар дастабырыанньатын туппута.

Бу хас биирдиибитин таарыйар боппуруоһунан дьиэни-уоту кэнники былааҥҥа хаалларан туран бэйэлэрин үтүө санааларынан сүүрэ-көтө сылдьар дьоммутугар сүһүөхтээх бэйэбит сүгүрүйэ махтанабыт. Кинилэр оҥоро сылдьар тугунан да кэмнэммэт үтүө быһыылара барыбытыгар холобур буолар. Түмсүүлэр, түөлбэлэр салайааччылара, олохтоохтор бу ый саҥатыгар ким хайдах кыалларынан көмө оҥорорго сүбэлэһэн тарҕастылар.

Марелла Баишева.