“Уруйдан, чөл олох, айхаллан, дьиэ кэргэн!” диэн девизтээх Майа сэлиэнньэтигэр тэрилтэлэр бөлөхтөрүн икки ардыгар ыытыллар 68-с “В.К.Степанов аатынан култуура уонна успуорт эстэпиэтэтэ” бэстибээл түмүктүүр түһүмэҕэ – уус-уран кэнсиэри көрүү кулун тутар 1-3 күннэригэр ыытылынна.
Бастакынан улуустааҕы киин балыыһа бөлөҕө кэнсиэри көрдөрдө. Кэнсиэр 18 нүөмэрдээх, бары ирдэнэр нүөмэрдэр бааллар. Кэнсиэргэ барыта 126 киһи кыттыыны ылла. Үгүс нүөмэрдэргэ тыыннаах доҕуһуол – баян, гитара, синтезатор туттуллубута кэрэхсэбиллээх. Ырыаны акапелло толоруу, элбэх үҥкүүһүттэрдээх бөлөҕүнэн үҥкүүлээһин, урут иһиллибэтэх ырыалары талан үөрэтии кэнсиэр таһымын үрдэттэ. Биирдиилээн толорооччуларга доруобуйа харыстабылын үлэһиттэрэ Наталья Стручкова, Айхаан Сарыглар дебюттаатылар. Кэнсиэр 4,03 баалынан сыаналанна.
Лауреаттарынан ааттаннылар: эр дьон бөлөҕө – „Баҕа санаа“ ырыаны толоруу иһин, сал. С.Павлова; „Талба“ хомусчуттар ансаамбыллара – „Хохуоралаах хоҥкунас хомуһум“ дьүһүйүү иһин, сал. Зоя Москвина, уус-уран сал. М.Иванова; үҥкүү бөлөҕө – „Хатыҥчаан“ үҥкүү иһин, В.Ноев ырыатыгар, сал.Саргылана Захарова; „Айыына“ вокальнай ансаамбыл – В.Ноев „Кыыс Амма“ ырыа иһин, сал.С.Павлова; Иннокентий Петухов – „Майа кыыһа“ ырыа иһин; үҥкүү бөлөҕө – 3 көлүөнэнэн „Оһуор үҥкүүтэ“.
Кулун тутар 2 күнүгэр уус-уран кэнсиэри И.Г.Тимофеев аатынан Майатааҕы лиссиэй сүрүннүүр бөлөҕө көрдөрдө. Барыта 19 нүөмэр көрдөрүлүннэ. Көрөөччү биһирэбилин ылбыт нүөмэрдэринэн Юлия Васильева салайааччылаах үҥкүүлэр буоллулар, хуор, эр дьон ансаамбыла уонна хуора үчүгэй бэлэмнээхтэрин көрдөрдүлэр. Биирдиилээн толорууга Степан Чабыкин, Алена Рязанская дебюттаатылар. Соловьевтар дьиэ кэргэн нүөмэрэ үрдүк таһымнаах. Сценарий, видеоконтент үлэтэ биһирэннэ. Кэнсиэргэ 103 киһи кытынна. Кэнсиэр уопсай баала 4,10 тэҥнэстэ.
Лауреаттар: эр дьон ансаамбыла – “Баатара”, сал. С.Павлова; “Суор” үҥкүү, “Даргинскай үҥкүү”, “Аныгы үҥкүү”, “Оһуор үҥкүүтэ”, сал.Юлия Васильева; “Кэрэли” дьахталлар ансаамбыллара – “Бэлэхтиэм эйиэхэ күөх сааһы”, сал. Елена Апросимова; Соловьевтар дьиэ кэргэн нүөмэрэ.
“Кэнчээри” уһуйаан бөлөҕүн уус-уран кэнсиэрэ 18 нүөмэрдээх. Бары ирдэнэр нүөмэрдэр бааллар. Сонуннук чабырҕахсыттар нүөмэрдэрэ, биирдиилээн толорооччулар Алена Скрябина, Масаха Мэхээс, “Экстрасенс” сценка, “Узбекскай” үҥкүү, “Күндэли” ансаамбыл көһүннүлэр. Аҕам саастаах дьоммут кыттыылара көхтөөх. Бөлөххө киирэр тэрилтэлэр салайааччылара уус-уран ааҕыыга кыттыбыттара кэрэхсэбиллээх.
Лауреаттарынан буоллулар: “Күндэли” вокальнай ансаамбыл — “Сарсыарда” ырыанан, сал. Линда Захарова; Алена Скрябина “Омук анала” ырытын иһин; “Узбекскай үҥкүү”, сал.Алена Ушницкая; “Оһуор үҥкүүтэ”, сал. Алена Ушницкая.
Кэнсиэр уопсай баала 4,0 тэҥнэстэ.
В.П.Ларионов аатынан Майа орто оскуолата сүрүннүүр бөлөҕүн уус-уран кэнсиэрэ 18 нүөмэрдээх. Кэнсиэри тыыннаах оркестр саҕалаабыта, онтон уус-уран ааҕыы толорооччу эр дьон үбүлүөйдээх сылларын бэлиэтиир биир дойдулаахтарбытын – Иоаким Избеков-Уустаах Избековы, Валерий Ноевы, Еремей Гоголевы, Иван Аргунову тыыннааҕымсытан кинилэр ааттарыттан олус иһирэхтик ааҕыылара, уот-күөс, атрибутика, көстүүмнэр – көрөөччүнү долгутта. 45 киһиттэн турар хуор учууталга аналлаах ырыаны ыллаата, эр дьон хуора, “Сандаара” дьахталлар ансаамбыллара Валерий Ноев ырыаларын, эр дьон ансаамбыла Иван Аргунов ырыатын үрдүк таһымнаахтык толордулар. Ураты нүөмэрдэр – Мария Соловьева тикпит таҥастарын оскуолаҕа үлэлиир учуутал дьиэ кэргэттэр оҕолуун-уруулуун көрдөрүүлэрэ, “Чугдаар” чабырҕахсыттар ансаамбылларын толоруутугар “Ыһыах” дьүһүйүү, Туана Махатырова монолога, Евдокия Прохорова, Александра Гаврильева дуэттара, Кривошапкиннар дьиэ кэргэн эбээннии нүөмэрдэрэ, мааны көстүүмнэрдээх үҥкүүлэр буоллулар. Уопсай баал – 4,25 тэҥнэстэ.
Лауреаттар: аркыастыр – “Айар кут аартыгар” увертюра, сал. Анна Васильева; уус-уран ааҕыы бөлөҕө – “Мэҥэни Мэҥэ дэппиттэр норуокка хаалар аналлаахтар…”, салайааччы уонна ааптар Светлана Бугаева, туруорааччы Юлиан Владимиров; хуор – “Учууталга өрөгөй ырыата”, сал. Светлана Борисова; “Сандаара” вокальнай ансаамбыл – “Саас Лена биэрэгэр”, сал. Раиса Скрябина; Мария Соловьева – “Дьиэ кэргэним көмүс сүүтүгэ”; “Чугдаар” чабырҕахсыттар ансаамбыллара – “Ыһыах” дьүһүйүү, сал. Ульяна Ефремова, Валентина Кривошапкина; эр дьон ансаамбыла – “Күн уонна Эн”, сал. Светлана Борисова; дуэт Евдокия Прохорова, Александра Гаврильева – “Куорсуннаах”; үҥкүү бөлөҕө — “Муора кытылыгар” үҥкүүнэн, сал. Розалия Шарина; Кривошапкиннар дьиэ кэргэн – “Һээдьэ”; үҥкүү бөлөҕө – “Оһуор үҥкүүтэ”, сал. Лидия Артемьева.
Ф.Г.Охлопков аатынан Майа орто оскуолата сүрүннүүр бөлөҕө түмүктээтэ. Кэнсиэр ис тутула 2 блогунан арахсан таҥыллыбыт. Бастакы блокка фольклорнай нүөмэрдэр уонна хуор, соло-дебют Саргылана Саввина, Игнатьевтар дьиэ кэргэн нүөмэрдэрэ, уус-уран ааҕыы киирбиттэр.
Иккис блок айар талааннаах дьиэ кэргэн сырдык кэриэһигэр ананан — мелодист, элбэх ырыа ааптара, ырыаһыт Иван Аргунов уонна кини олоҕун аргыһа Светлана олохторун арыйар бииртэн биир нүөмэр сиэттиһэн тахсан истилэр. “Оһуор үҥкүүтүгэр” толору үс көлүөнэнэн 8-тыы пара тахсан ньиргиччи үҥкүүлээтэ, финалга Иван Аргунов уостан түспэт ырыата – “Ырыа ыллаары” күргүөмүнэн ылланна.
Биирдиилээн толорууга Саргылана Саввина, Алексей Слепцов дебюттаатылар. Кэнсиэр ыытааччылара Саргылана Сивцева, Дмитрий Иванов, Венера Птицына кэнсиэри ситэрэн-хоторон биэрдилэр.
Кэнсиэр уопсай баала 4,20 тэҥнэстэ.
Лауреаттар: хуор — “Оо, таптыыр мин Майам” ырыатын иһин, солист Еремей Захаров. сал. Сахаяна Иванова; уус-уран ааҕыы бөлөҕө – И.Арбита, Е.Федоров-Бырама Уола хоһооннорунан, Г.М.Сергучев кинигэтиттэн дьүһүйүү иһин; чабырҕах бөлөҕө, сал. Виктория Шестакова; Олег Петров – С.Данилов “Ийэбэр” монолог иһин; эр дьон ансаамбыла “Эн баар буолаҥҥын” ырыа иһин; Алексей Слепцов “Күн күлэр эн хараххар” ырыа иһин; үҥкүү бөлөҕө “Осетинскай” үҥкүү иһин; “Оһуор үҥкүүтэ” иһин, сал. Елена Потапова, Саргылана Павлова.
Д.Ф.Ходулов аатынан норуот айымньытын дьиэтин саайтыттан.