Олунньу 19 күнүгэр «Сахатранснефтегаз» холбоһук генеральнай дириэктэрэ Алексей Колодезников Ил Түмэн бастакы вице-спикеригэр Александр Жирковка «Майа – Төҥүлү – Бороҕон» магистральнай гаас ситимин тутуу түмүктүүр түһүмэҕин былаана федеральнай экспертизаны ааспытын туһунан анал сибидиэтэлистибэни туттарда. «Сахатранснефтегаз» холбоһук кэнники сүүрбэ сыл устата Саха сирин нэһилиэнньэлээх пууннарын гаас оттугунан хааччыйар тутуулары ыытар сүрүн тэрилтэнэн буолар. Илин Эҥэр улуустарга магистральнай ситимнэри эмиэ бу тэрилтэ тутар.
Докумуону туттарарыгар «Сахатранснефтегаз» салайааччыта Илин Эҥэр улуустарын гаас оттугунан хааччыйыыга Александр Жирков кылаатын анаан бэлиэтээтэ. Өссө 2000 сыллаахха Саха сирин Илин Эҥэр улуустарыгар ититии саҥа тиһигин тэрийэр, ол инниттэн Өлүөнэ өрүс нөҥүө гаас турбатын бырахтарар үлэни тэрийиигэ Александр Жирков салайааччылаах Илин Эҥэр дьокутааттарын бөлөҕө тэриллибитэ.
2001 сыллаахха олунньу 27 күнүгэр Ил Түмэн дьокутааттара Роберт Бурнашов, Александр Жирков көҕүлээһиннэринэн Илин Эҥэр улуустарын саҥа оттукка киллэрии туһунан Бырабыыаоыстыба кыттыылаах улахан сүбэ мунньах тэриллибитэ. Мунньахха элбэх мөккүөр, утарсыы кэнниттэн Илин Эҥэргэ ититии бары көрүҥнэриттэн гаас оттугар көһүү ордук көдьүүстээҕин, ол туһуттан “күөх төлөн” турбатын Өлүөнэ нөҥүө таһаарыллыахтааҕын туһунан быһаарыы ылыныллыбыта. Бу этиини өрөспүүбүлүкэ Бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев өйөөбүтэ уонна 2001 с. ахсынньы 1 күнүгэр Илин Эҥэргэ гаас турбатын таһаарар үлэлэри саҕалыыр туһунан дьаһал таһаарбыта. Гаас турбата 2003 с. өрүс нөҥүө тахсан Мэҥэ Хаҥалас Павловскай сэлиэннэтин сиригэр “күөх төлөн” умайбыта. Илин эҥэр улуустарын гаас оттугунан хааччыйыы итинник саҕаламмыта. 2012 сыл күһүнүгэр гаас ситимэ Төҥүлүгэ кэлбитэ.
Гааһы тардар тэрилтэлэр икки ардыларыгар мөккүөр, устунан хардарыта сууттаһыы, бэдэрээтчити уларытыы түмүгэр Төҥүлү, Тумул, Тарат сэлиэнньэлэрин гааска киллэрии уонча сылга тардыллыбыта.
Бу хайысхаҕа үлэни хат сөргүтэр туһунан Александр Жирков Ил Дархан Айсен Николаевка 2021 с. туруорбута. 2022 с. Ил Дархан дьаһалынан «Майа – Төҥүлү – Бороҕон» бырайыагын сөргүтэр үлэ хаттаан саҕаламмыта. Ол үлэ түмүктэнэн, судаарыстыбаннай экспертизаны ааста.
‒ Бу үчүгэй сонун, ‒ диэтэ Александр Жирков. ‒ Ол гынан баран, кэккэ биллэр мэһэйдэртэн Илин эҥэр улуустары гаас оттугунан хааччыйыы Төҥүлү – Бороҕон диэки өртө лаппа бытааран, хаалан иһэр. Билигин, бырайыак бигэргэннэ эрээри, тутууга ирдэнэр харчы булулла илик. Ол харчы булуллан бүддьүөккэ киирдэҕинэ эрэ үлэ саҕаланыаҕа.
Маны таһынан Александр Николаевич гаас ситимэ ыраах, кырыы нэһилиэктэргэ барыларыгар кэриэтэ билигин кыайан тиийиэ суоҕа диэн бэлиэтээтэ. Ол иһин билигин Ил Түмэҥҥэ эмиэ дьокутааттар иккис бөлөхтөрүн тэрийэн гаас ситимэ тиийбэт сиригэр баар түөлбэлэри, ыаллары ититиинэн хааччыйыыны өрөспүүбүлүкэ бырагырааматыгар киллэрэр үлэ саҕаланна.
Станислав Софронов.
Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ.