Майа олохтоохторугар Аҕам саастаахтар күннэринэн сэргэх кэнсиэр тэрилиннэ

Бүгүн, алтынньы 3 күнүгэр, Арассыыйаҕа Уһуйааччы уонна Аҕа сүбэһит, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Үлэ, Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Тыа хаһаайыстыбатын сылларыгар аналлаах үгэскэ кубулуйбут Аҕам саастаах дьон дэкээдэлэрин чэрчитинэн сыллата ыытыллар уус-уран көрүү бэстибээлэ 2-с Наахара нэһилиэгэр Чыамайыкы, Тиэлиги уонна Хочо бэтэрээннэрин кэнсиэрин көрүүнэн саҕаланна.

Бу күн Майаҕа Д.Ф. Ходулов аатынан култуура киинигэр улуустааҕы аҕам саастаах дьон дэкээдэтин чэрчитинэн Майа, Хара, Чүүйэ, Бөкө, Лоомтука нэһилиэктэрин икки ардыларыгар уус-уран көрүү бэстибээлэ ыытылынна. Манна нэһилиэктэр барыга көхтөөх бэтэрээннэрэ ирдэниллэр 7 нүөмэрдээх кэнсиэри бэлэмнээн кэлбиттэр. Дьүүллүүр сүбэҕэ СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Д.Ф. Ходулов аатынан култуура киинин ырыаҕа уһуйааччы исписэлииһэ Сардаана Осипова, СӨ култууратын туйгуна, “Кыталык” үҥкүү норуодунай ансаамбылын уһуйааччыта Илья Крылов уонна бэрэссэдээтэлинэн СӨ култууратын туйгуна, улуус бэтэрээннэрин сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Маргарита Максимова үлэлээтилэр. Линда Захарова бэйэтин тылыгар уонна матыыбыгар «Эбээлэр” диэн ырыатынан бэстибээл кыттыылаахтарын эҕэрдэлээтэ.

Улуус бэтэрээннэрин сэбиэтин салайааччы Маргарита Максимова эҕэрдэ тылы эттэ: “Үтүө күн буолуохтун биһиги ытыктыыр аҕам саастаах дьоммут – уус-уран көрүү бэстибээл кыттыылаахтара,  бүгүҥҥү күҥҥэ дойду, өрөспүүбүлүкэ, улуус сылларыгар ананан ыытыллар дэкээдэ арыллыбытынан итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин! Ытыктабыллаах бэтэрээннэрбит – эһиги эдэр көлүөнэ ыччакка бэйэҕит көхтөөх позицияҕытынан үтүө холобур буолаҕыт, дойдуну таптыырга, бэриниилээх буоларга патриоттуу тыыҥҥа үүнэр көлүөнэни уһуйаҕыт. Эһигинэн киэн туттабыт. КОМО-нан ыытыллан бу күнтэн 7 чыыһылаҕа диэри нэһилиэктэр кэнсиэрдэрин көрүөхпүт.  Ол түмүгүнэн алтынньы 10 күнүгэр лауреаттар, дипломааннар гала кэнсиэргэ кыттыахтара. Күн бүгүн биһиги улууспутугар 10 сэрии сылын огдообото, 112 тыыл бэтэрээнэ, 523 сэрии сылын оҕолоро, 9 Чурапчы көһөрүллүүтүн бэтэрээнэ, 64  бойобуой дьайыы бэтэрээннэрэ итиэннэ 100 саастарын ааспыт 3 ытык кырдьаҕас бааллар. Кинилэринэн Дьабыыл сириттэн төрүттээх Пермякова Ульяна Егоровна, Киренская Матрена Егоровна уонна Березкин Алексей Николаевич буолаллар. Ытык дьоммут этэҥҥэ буолан Улуу Кыайыы 80 сылыгар тиийдиннэр диэн баҕа санаабытын тиэрдэбит.”

1-кы Тыыллыма нэһилиэгин бэтэрээннэрин кэнсиэрин Виталий Никифоров бэтэрээннэр ситиһиилэринэн арыйда. Бэтэрээн сэбиэтин, “Эбээ биһигэ” түмсүү салайааччыта Мария Прокопьева салайааччылаах «Тыыллымаана” үҥкүү бөлөҕө “Хатыҥнар кэпсииллэр” үҥкүүнэн,  “Нуһараҥ” дьахталлар ырыа ансаамбыла “Сайылык” ырыанан, элбэх куонкурустар кыайыылаахтара Иван Назаров “Күһүҥҥү серенада” ырыанан лауреат, “Диетолог” сценка дипломант (Юлия Никифорова) үрдүк ааттарын ыллылар.

Ходоро нэһилиэгин Мария Кылабысова хоһоонун бөлөҕүнэн ааҕыыта дипломант, “Сизый голубочек” көрдөөх үҥкүүнэн дипломант, Галина Константинова тойуга, “Хомус” трио  лауреат ааттарын ыллылар.

Майа сэлиэнньэтин бэтэрээннэрин кэнсиэрин Анна Павлова, Степан Копырин иилээн-саҕалаан ыыттылар. Евдокия Семенова тойуга, Марфа Васильева салайааччылаах бөлөх уус-уран ааҕыыта,  “Иэйии” үҥкүү бөлөҕүн толоруутугар “Кырдьыбат саас” үҥкүү дипломаннарынан, көрдөөх үҥкүү, Степан Копырин “Ыллаа гитара” ырыа лауреаттарынан ааттаннылар.

Догдоҥо нэһилиэгин кэнсиэрин Айталина Иванова салайан ыытта. “Ферма кыргыттара” трио, Лидия Скрябина «Оҕо-оҕо эрдэххэ” ырыанан дипломант, Дмитрий Сыромятников Александр Дмитриев-Чүмэчи “Эйиэхэ сибэкки биэрээри” ырыатынан лауреат үрдүк ааттарын ылары ситистилэр.

Хара нэһилиэгин Уолан эр дьон триота “Ферма кыргыттара” ырыанан дипломант, “Дьулуур” үҥкүү бөлөҕө (сал. Мария Романова), «Сайаана” фольклор бөлөҕө “Ат таптала”, Спиридон Григорьев мелодист Петр Васильев «Илбис курдук имнэнэн” диэн саҥа ырыатынан лауреат буоллулар.

Бэтэрээннэр сэбиэттэрин салайааччылара Мария Прокопьева, Евдокия Исакова, Валентина Бурнашева грамоталарынан наҕараадаланнылар.

Галина Эверстова бэстибээли иилээн-саҕалаан үрдүк таһымнаахтык ыытта. Кини “Ытыктыыр-таптыыр күндү дьоммут – эһиги олорбут олоххутун хос сиэннэргит хоһоон гынан хоһуйдуннар, ырыа гынан ыллаатыннар” диэн алгыһынан бу күнү түмүктээтэ.

Марелла Баишева.