Майа олохтоохторо тоҕоостоох этиилэри оҥордулар

Майа сэлиэнньэтигэр улуус баһылыгын отчуота олунньу 2 күнүгэр буолла. Д.Ф.Ходулов аатынан култуура киинигэр дьаһалта ааспыт сыллаах үлэтин туһунан истэ, дьүүллэһэ 212 киһи кэллэ. Отчуоттуур мунньахха Ил Түмэн Судаарыстыбаннай Мунньах дьокутааттара Андрей Находкин, Захар Никитин, Олег Марков, Тихон Скрябин кыттыыны ыллылар.

Улуус баһылыга Дмитрий Тихонов ыытыллыбыт үлэни сүрүн хайысхаларынан арааран билиһиннэрбитин кэннэ олохтоохтор отчуоттуур бөлөххө туһаайан киэҥ хабааннаах ыйытыыларын биэрдилэр. Кинилэр: Майа лиссиэйин саҥа дьиэтэ тутуллуутун, быраастарынан хааччыллыы, тыа хаһаайыстыбатын үбүлээһин, суолу-ииһи, кытыы уулуссалары, уу ааһар сирдэрин оҥоруу, уулуссалары сырдатыы, элбэх оҕолоох ыалларга сир учаастагын түҥэтии, дьиэ тутталларыгар субсидияны биэрии, иһэр уу хаачыстыбатын тупсарыыга дьаһаллар, такси сыаната олус ыараханын хонтуруоллааһын, оптуобус сырыытын, хайысхаларын элбэтии, Аллараа Бэстээххэ оптуобус тохтуур сиригэр сылаас күүтэр сири оҥоруу, күһүн-саас өрүс суолугар дьону таһарга салгын олбохтоох суудуналары ылыы о.д.а. долгутар ыйытыктара быһаарыллыытын туоһуластылар.

Тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын оҥорон таһаарыы сүрүн хайысхаларыгар күүскэ үлэлиэхпитин наада диэн итиэннэ улууска улахан хамсааһыннар, тутуулар саҕаланан эрэллэринэн, бастатан туран, бэйэбит дьоммут дьарыктаах буолалларыгар туһуланар үлэни саҕалыыр наадатын Василий Эверстов эттэ. Нина Никанорова кураанах бөҕү тиэйии иһин төлөбүрү бэрээдэктээһин, сүөһү көрүүтүгэр үлэлиэн баҕалаах дьону үрдүк хамнастааһын, урукку өттүгэр бойобуой дьайыыга сылдьыбыт дьоммутугар чэпчэтиилэри, төлөбүрдэри көрүүнү туруорсуу туһунан санаатын үллэһиннэ, Чыамайыкыга көстүбүт алмаас хостонор түгэнигэр олохтоохторго дивидент төлөтөн кыаммат араҥаҕа көмөҕө туһаныахха диэтэ.

Саастаах, биэнсийэҕэ олорор дьон чааһынай, өр сыллааҕыта туттубут дьиэлэрэ эргэрэн-кээһэнэн иһэрэ биллэр, бэйэлэрэ тупсарынар кыаҕа суох дьоҥҥо, уопсай дьиэлээхтэргэ курдук, дойду үрдүнэн анал бырагыраама киириитин туруорсан саҕалыыр наадатын Светлана Дьяконова эттэ.

Галина Олесова каадыры бэлэмнээһиҥҥэ урукку өттүгэр оройуоҥҥа үчүгэй уопут баарын, оскуоланы бүтэрэр оҕолор тустаах дастабырыанньалаах номнуо үлэһит буолан тахсалларын, билигин эмиэ анал кылаастары арыйан, тэрилтэлэргэ быраактыкаҕа ыытан үөрэтиэххэ сөп диэтэ. Хаарбах дьиэттэн көһөрүү бырагырааманан элбэх ыал саҥа дьиэҕэ көстүлэр, дьоҥҥо элбэх кыбартыыралаах дьиэҕэ олоруу култууратын, ирдэбиллэрин хара маҥнайгыттан өйдөтөр, тутуһуннарар наадатын ыйда.

Киһи доруобуйата тыын боппуруос буоларынан, нэһилиэктэр балыыһаларыгар дьон сытан эрэн эмтэнэр миэстэлэрэ сабыллыбыта сөбө суоҕун, Абалаахха миэстэтигэр эмтиир куруорт (сонотуоруй) тутуутун туруорсуохха диэн санаатын Ирина Маркова үллэһиннэ. Дмитрий Титов сыбаалка уута таһынан баран сэлиэнньэҕэ киирэр кутталлаах, туттуллубут ууну ыраастыыр ыстаансыйа наада итиэннэ иһэр уубут хаачыстыбата мөлтөҕүттэн дьон ыалдьара элбээтэ, иһэр ууну ыраастыыр тэрили туруоруохха наада диэтэ.

Оҕону, ыччаты иитиигэ суолта биэрии, «Сэрии оҕолоро» диэн араҥаҕа болҕомто, көмө эрэйиллэрин Анатолий Чичахов бэлиэтээтэ. Саха тэлэбиидэнньэтин, араадьыйатын үлэтин биһириибит, бүтүн өрөспүүбүлүкэ дьоно көрөр-истэр, ол эрээри сорох эдэр үлэһиттэр тылга болҕомтолоох буолалларын, сахалыы сөпкө саҥаралларын ирдиэххэ, араадьыйаҕа наар ырыа-тойук, угуйук эрэ холбообокко, суолталаах, дьоһуннаах биэриилэри бэлэмнээн таһаарыахха диэн баҕа санаатын тиэртэ.

Федора Наумова анал байыаннай дьайыыга сылдьар биир дойдулаахтарбытыгар “Түмэн” тэрилтэ көмөтүн, Нам улууһугар уопсастыбаннай тэрилтэлэр олус бэрт модульнай дьиэлээхтэрин көрөн кэлбитин иһитиннэрдэ, Майаҕа «түмэннэр» «Дьол түһүлгэтэ» кииҥҥэ кыараҕастык олоробут, уопсастыбанньыктар туспа саҥа анал дьиэлэнэрбит буоллар диэтэ.

Кэпсэтиигэ кыттыбыт дьон баһылык үлэтин биһирииллэрин эттилэр. Дмитрий Тихонов: “Бүгүн киирбит этиилэр, туруорсуулар эһиил баччаҕа төһө туолбуттарын отчуоттуохпут, оттон былырыын 15 этии киирбититтэн 14 этиини олоххо киллэриигэ үлэ бара турар”, – диэн мунньаҕы түмүктээтэ.

 

Февронья ОХЛОПКОВА.