Майа сэлиэнньэтин дьаһалтатын көҕүлээһининэн сэтинньи 28 күнүгэр «Кыталык” уопсастыбаннай кииҥҥэ арыгыны атыылыыр маҕаһыыннары тэйитии тула нэһилиэнньэҕэ аһаҕас кэпсэтии ыытылынна.
Үүнэр көлүөнэ ыччаты харыстыыр, куттала суох эйгэни олохтуур сыалтан Мэҥэ Хаҥалас улууһун дьокутааттарын быһаарыыларынан арыгыны атыылыыр маҕаһыыннар үөрэх тэрилтэлэриттэн 1000 миэтирэ тэйиччи туруохтаахтар. Бу ирдэбилгэ олоҕуран Майа сэлиэнньэтин баһылыга Алексей Неустроев арыгы атыылыыр маҕаһыыннары кытыы биир сиргэ көһөрөргө этии киллэрбитэ. Санатар буоллахха, Майаҕа 2017 с. арыгыны атыылыыр 17 маҕаһыын үлэлии турбут буоллаҕына, бүгүҥҥү күҥҥэ 5 маҕаһыын баара биллэр, о.и. 1 маҕаһыын үлэтин тохтоппут.
Быйылгы сылга иккис төгүлүн ыытыллар аһаҕас кэпсэтиигэ Мэҥэ Хаҥалас улууһун баһылыга Дмитрий Тихонов, сэлиэнньэ баһылыга Алексей Неустроев, полиция старшай участковайа Михаил Попов кыттыыны ыллылар. Тэрээһини кыраайы үөрэтэр мусуой дириэктэрэ Михаил Масаха иилээтэ-саҕалаата. Алексей Иннокентьевич экраҥҥа көрдөрөн билиҥҥи балаһыанньаны кэпсээтэ.
— Чөл олохтоох буолуу бэйэбититтэн саҕаланыахтаах. Дьоммут-сэргэбит эрдэттэн балыыһаҕа көрдөрүнэн, туох ыарыы баарын билэн доруобуйатын көрүнэ сылдьыахтаах, тулалыыр эйгэбит чөл буоларыгар араас тэрээһин тиһигин быспакка ыытыллар. Спортсменнар барааттара буолбутугар кыра оҕоттон саҕалаан мэтээллэрдээх дьон хаамсыбыттара ураты кэрэ буолбута. “Майаттан – Москуба куоракка марафоҥҥа” стадиоҥҥа кэлэн сарсыардатын сүүрэн, хааман, барыта 1350 киһи кыттан 8834 км хаамтылар. “Бэйэни өрө тардыныы” диэн Майаҕа аҕа сылын бырайыага тэриллэн үлэлээтэ. Манна 21 түөлбэ дьоно көхтөөхтүк кыттан хас биирдии дьиэ кэргэн оҕо дьарыктанар сирин тэрийэригэр үлэ ыытылынна. Уопсастыбаннай түмсүүлэргэ “Чөл Майа” диэн бырайыак быйыл тэриллэн үлэтин саҕалаабыта. Владилена Павлова “Дьиэ кэргэн – дьол уйата” бырайыага улуус баһылыгын “Чөл олох чорооно” гранын кыайыылааҕа буолла. Майаҕа социальнай балаһыанньаларынан ыарахан туруктаах 9 дьиэ кэргэн баар. Кинилэр “Туойаана” керамика оҥорор мастарыскыайга оҕолорунуун бииргэ дьарыктанан бириэмэлэрин туһалаахтык атааралларыгар үлэ барыахтаах. Чөл олоҕу тэрийиигэ баар кыһалҕалары туоратыыга арыгы маҕаһыыннарын ахсаанын аччатыыга үлэ баран кэллэ. Бастакы ыытыллыбыт тэрээһиҥҥэ ИДЬМ Мэҥэ Хаҥалас улууһунааҕы отделын начаалынньыга Василий Иванович Пономарев улуус иһигэр буруйу оҥорууга 80-90% арыгыттан тахсарын иһитиннэрбитэ. Чөл олоҕу тарҕатыыга РФ үтүөлээх учуутала, “Үлэ Кыһыл Знамята” уордьан кавалера, “Чөл олох” хамсааһыны өрөспүүбүлүкэҕэ бастакынан саҕалаабыт Дьабыыл нэһилиэгин сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Иннокентий Егорович Сергучев аатынан ааҕыыларга 2023 сылга улуус нэһилиэктэригэр чөл олох бырагыраамаларын көмүскээһиҥҥэ Майа сэлиэнньэтин дьаһалтата “1-кы таһымнаах кыайыы” анал ааты ылары ситиспитэ. Кэнчээри ыччаппыт сарсыардаттан итирик киһини көрөн куттамматын туһугар арыгыта суох чөл олох туһугар сөптөөх уонна хорутуулаах үлэни тохтоон хаалбакка ыытан иһиэхтээхпит.
Полиция старшай участковайа Михаил Попов иһитиннэрбитинэн, 2023 сылга улуус үрдүнэн 520 киһи административнай бэрээдэги кэһэн тутуллубуттан 270 киһи Майа олохтооҕо, итирик туруктаах суоппардар 153 киһи эппиэккэ тардыллыбытыттан 67 Майаттан буолбуттар. Буруйу оҥорууга 67 дьыала бэлиэтэммититтэн 40 дьыала итирик туруктаах дьонтон тахсыбыт.
Улуус баһылыга Дмитрий Тихонов:
— Арыгы атыылааһыныгар хааччахтааһыны киллэриэхпитин наада диэн ааспыт сылларга быһаарыы ылыммыппыт. Ол кэмтэн хамсааһын баар, арыгы атыылыыр 17 маҕаһыынтан 5 маҕаһыын хаалбыт. Ол гынан баран биһиги атыылаһарбыт аччаабыт дуу, суох дуу, онно ырытыы оҥорор наада. Улууспутугар билигин арыгы Аллараа Бэстээххэ 12, Майаҕа 5 уонна Төҥүлүгэ 2 сиргэ атыыланар. Салгыы хайдах хамсааһыны ылынар тула сүбэлэһиэхтээхпит. Чөл олохтоох нэһилиэктэрбитигэр чөл олоҕо суох дьон эмиэ бааллар. Ол дьон арыгы атыыланар нэһилиэктэригэр кэлэн үөрүнэн хаамса сылдьаллара туох да үчүгэйгэ аҕалбат, куһаҕан дьайыыта элбэх. Арыгы маҕаһыыннара уһуйааннарбыт, оскуолаларбыт тастарыгар тураллара, олортон оҕолорбут, ыччаттарбыт, кэрэ аҥаардарбыт куттаналлара баар суол. Онон бу боппуруоһу Алексей Иннокентьевич туруорбута сөптөөх уонна уопсастыбаннас өйүүр буоллаҕына олоххо киллэрэргэ үлэлэһиэхпит. Ол гынан баран, арыгы атыытын хааччахтааһынынан эрэ дьыала быһаарыллыбат. Бу хас биирдиибит бэйэтинэн холобур буолан арыгыттан аккаастанарыгар, дьоро күннэр остуолларыгар арыгыны уурууну тохтотортон саҕалаан үлэни ыытыахтаахпыт. Чөл олоххо хамсааһыны киэҥ далааһыннаахтык ыытаммыт, ыччат дьоммут арыгы, табах, наркотик диэн туохтарын билбэккэ ыраас, чөл туруктаах уопсастыбаҕа сылдьалларын ситиһиэхтээхпит. Сыалбыт-сорукпут ол буолар. Биһиги урбаанньыттарбыт социальнай хайысхалаах үлэлэргэ бары көмөлөһөллөр. Бу барыбыт эбээһинэспит. Бүгүҥҥү тэрээһиҥҥэ аһаҕастык санааҕытын үллэстэргитигэр ыҥырабын, — диэтэ.
Аһаҕас кэпсэтиигэ «Чөл олохтоох улуус” уопсастыбаннай тэрилтэ сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Татьяна Артемьева, солбуйааччыта Анна Сергучева, улуус административнай хамыыһыйатын салайааччыта Ким Нестеров, улуустааҕы Ытык сүбэ бэрэссэдээтэлэ Зиновий Игнатьев, Майатааҕы “Кэнчээри” оҕону сайыннарар киин сэбиэдиссэйэ итиэннэ сэлиэнньэ дьахталларын сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Екатерина Романова, “Чуораанчык” уһуйаан сэбиэдиссэйэ Галина Захарова, нарколог быраас Александра Мохначевская, үлэ бэтэрээннэрэ Галина Олесова, Ульяна Шишигина, о.д.а. көхтөөхтүк кыттан санааларын эттилэр.
«Чөл олохтоох улуус” уопсастыбаннай тэрилтэ сэбиэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта Анна Сергучева:
— Бүгүҥҥү мунньах саамай тирээн турар кыһалҕаны таарыйар актуальнай тиэмэ буолар. Ыччат ханна да сырыттын, устудьуонну бардын, биһиги бары – төрөппүттэр, эһээлэр, эбээлэр биһиги оҕобут, сиэммит куһаҕан дьаллыкка ылларыа суоҕа диэн өйдөбүллээх буолуохтаахпыт, оҕобут, сиэммит арыгы иһиэ суоҕа диэн бигэтик эрэниэхтээхпит, оннук өйдөөх ыччаты иитэн таһаарыахтаахпыт. Ону сэргэ уһуйааҥҥа, оскуолаҕа, ыччакка чөл олох туһунан өйдөтүү үлэтэ барыахтаах. Онно анал үөрэхтээх лектордары бэлэмниэххэ. 50 сыл анараа өттүгэр 600 киһи олорор Дьабыыл нэһилиэгэр 20-тэн тахса лектор үлэлиирэ. Ыччаппыт туһугар үлэлиэххэ, иитэр-өйдөтөр үлэни ыытыахха, — диэтэ.
Чөл олох туһугар үлэни уһуйаантан, оскуолаттан саҕалыахха, уопсай дьиэлэргэ сылдьыы быраабылатын суруйан ыйыахха, полиция үлэһиттэрэ ыҥырыынан кэллэхтэринэ бастаан буруйдааҕы туталлара, онтон үҥсүбүттэн дааннайдарын ылаллара тоҕо сатамматын, лектор үлэтин сөргүтүөххэ, чөл сэлиэнньэ ахсааныгар киирэн арыгыттан төрүт аккаастаныахха диэн этиилэр сүнньүнэн киирдилэр.
Манна арыгыны атыылыыр маҕаһыыннар бэрэстэбиитэллэрэ кыттыыны ылбатылар.
Тэрээһиҥҥэ барыта 78 киһи кэлбититтэн Майа кытыытыгар таһаарары сөбүлэһээччи да, утарсааччы да баар. Ол гынан уопсай түмүккэ маннык быһаарыылары ылыннылар.
Бастакытынан, Ил Түмэн нөҥүө Майа сэлиэнньэтин “Чөл олохтоох сэлиэнньэ” ахсааныгар киллэрэргэ Саха сирин сокуонун быһыытынан быһаарыныы ылынар туһунан үөрэтэн көрөргө. Иккиһинэн, ИП Борисов быырпаҕын атыылыыры тохтоторго. Үсүһүнэн, арыгы содулун туһунан лектордар үлэлэрин сөргүтэргэ.
Итирик туруктаах дьон сэлиэнньэ иһигэр хаамса сылдьаллара үүнэр көлүөнэ ыччакка сүөргү көстүү, куһаҕан холобур буолар. Арыгы туох да үчүгэйгэ тиэрдибэтин үгүс дьиэ кэргэн билэр дьыалата. Онон, бар дьоммут үүнэр көлүөнэ ыччаппыт туһугар ылыныллар сөптөөх быһаарыныылары өйөөн, бу хамсааһыҥҥа көхтөөх кыттыыны ылалларыгар эрэнэбит.
Марелла Баишева.