Чэбдик
Эдэрдиин эмэнниин сааскы сибиэһэй салгыҥҥа киһи кеҥүллүк тыыныан, эти-хааны эрчийэн хаалыктаах хаамыан, сүүрүөн, хайыһардыан баҕарар күнэ-дьыла сатыылаан эрэр. Майабыт алааһыгар чөл олоҕу көҕүлээччилэргэ, хаалыктаах хаамыыны таптааччыларга анаан сыллата хаары астаран суол оҥоһуллар. Манна күннэтэ биирдиилээн дьон сибиэһэй салгыҥҥа хамсанан-имсэнэн, хаалыктаах хааман, доруобуйаларыгар кыһаллаллар, сэргэхсийэллэр. Өрөбүл күннэргэ хаамыны сэргээччилэр кэккэлэрэ хаҥыыр. Алааска хаама сылдьар дьоҥҥо түбэһэн кэпсэттибит.
Ариадна Филиппова:
‒ «Түмэн» уопсастыбаннай холбоһук иһинэн үлэлиир «Көмүс кэм» диэн түмсүүлээхпит ол түмсүүгэ салайааччы буолабын. Түмсүүгэ 50-чэ киһи баар, үлэлээбитэ уонча сылыгар чугаһаата, ким хаамыан баҕалаах кэлэр, сылдьыһар. Күн аайы хаамабыт, хаамар сирбит киэҥ, ыраата да барааччыбыт. Үлэ кэмигэр сарсыарда өттүгэр тахсабыт. Хааман олус туһанабыт. Хаампатахха өр олорон көнтөс буолан хаалаҕын. Киһи атаҕынан кырдьар эбит. Сүһүөх уута уолан хааллаҕына, ыарыы буолар, хаама сылдьар киһи сүһүөҕүн уута уолбат. Онон хаамыынан дьарыктанын диэн барыгытын ыҥырабыт.
Феврония Харитонова:
‒ Мин Майаҕа быйыл уолбун лициэйгэ үөрэттэрэр сыаллаах көһөн кэлбитим. Дойдубар кэтэх хаһаайыстыбалаах буолан куруук хамсана сылдьыбытым. Манна кэлэн баран кыбартыыраҕа хаайтаран хаалан, хамсанарбын, сибиэһэй салгыммын суохтаабытым. Суол оҥоһуллуоҕуттан хаама сылдьабын. Миэхэ ордук үлэм кэнниттэн, киэһээҥҥи бириэмэ табыгастаах. Киһи күҥҥэ уон тыһынча хаамыыны оҥоруохтаах диэн суоттанан, ону ситиһэ сатыыбын. Хаамар суолу үс кээмэйгэ арааран астарбыттар эбит. Кылгас, орто уонна уһун дистанция диэн. Биһиги билигин ортокунан сылдьабыт, күн уһаатаҕына уонна сылыйдаҕына уһун сиринэн хаамар былааннаахпыт. Хаалыктаах хаамыы дьоҥҥо барытыгар сааһыттан тутулуга суох туһалаах. Бастаан саҕалыыр киһи харса суох түһүнүө суохтаах. Сыыйа-баайа нэдиэлэҕэ биирдэ эрэ хааман саҕалаан баран, бэйэҥ хайдах туруктааххын көрөн, нэдиэлэҕэ иккитэ, онтон үстэ дьарыктанар буолан барыахха сөп. Хаамыы киһиэхэ эрчим биэрэр, сибиэһэй салгын мэйии үлэтин, сүрэх-тымыр уонна ас буһарар систиэмэлэр үлэлэрин тупсарар кыахтаах. Хаамыы диэн хамсаныы, хамсаныы диэн олох. Түгэнинэн туһанан «Майа сэлиэнньэтэ» тыа сирин түөлбэтин баһылыгар Алексей Неустроевка чэбдигирии көрүҥүн өйүүрүгэр махтанабыт.
Елизавета Неустроева.