«Кыталык – 2023» спортивнай-бальнай үҥкүү өрөспүүбүлүкэтээҕи турнирыгар

Ахсынньы 17 күнүгэр Аллараа Бэстээххэ «Парус» успуорт уораҕайыгар «Кыталык – 2023» сыллата ыытыллар спортивнай-бальнай үҥкүүгэ өрөспүүбүлүкэтээҕи турнир буолан ааста.

Бу күн өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарыттан: Амматтан «Слобода» үҥкүү бөлөҕө (салайааччы Сахаяр Дорофеев), Бүлүүттэн «Ай-лаана» (Светлана Зинурова), Намтан «Ручеек» (Надежда Москвитина), Уус Тааттаттан «Надежда» (Надежда Лукина), «Татыйык» (Елизавета Голикова), Дьокуускайтан «Кэрэ эйгэ» (Мария Соловьева), «Мозайка» (Михаил Сивцев), Аллараа Бэстээх 2 нүөмэрдээх оскуолатыттан (Майя Ноева), Майаттан «Күндүл» (Саргылана Павлова), «Кыталык» (Илья Крылов, Василий Винокуров), Хатыҥ Арыыттан «Сыдьаайа» (Анжелика Ноговицына) кэлэн күөн көрүстүлэр. Уопсайа 173 киһи кыттыыны ылла.

Үҥкүүһүттэр «бэтэрээннэр», «гранд сеньоры», «сеньоры», «юниоры», «дети» бөлөхтөргө арахсан күрэхтэстилэр. Сүрүн судьуйа – үҥкүү успуордун федерациятын бэрэсидьиэнэ Михаил Захаров. Кыттааччылар мэтээллэринэн, дипломунан, оҕолор минньигэс бирииһинэн наҕараадаланан үөрэн-көтөн тарҕастылар.