Кыһыны көрсө алгыс көтөҕүлүннэ

 

Алтынньы 14 күнэ – Бокуруоп таҥара күнэ. Бу күнтэн күммүт сыыйа кылгаан, сырдыкпыт кэмэ аҕыйаан, айылҕа иһийэн,  кыстыкка киирии саҕаланар. Майаҕа «Дьол түһүлгэтэ” уопсастыбаннай кииҥҥэ Хотой айыы алгыһын олордуу сиэрэ-туома ыытылынна. Майатааҕы Итэҕэл балаҕанын “Сырдык Айыы сыдьаайа” түмсүү арчыһыттара Анна Климентова, Лидия Андреева-Ил Иитэ буруонан ыраастаатылар, хомус тыаһынан арчылаатылар. 

Анна Иннокентьевна бу күн суолтатын быһааран дириҥник хорутан сырдатта. 

  • Бу сахалар кыстыкка киирэр бэлиэ күммүт буолар. Арчы уонна алгыс оҥоруу — бу бар дьоммутун кыстыкка бэлэмнээһин. Алтынньы ыйбыт Хотой Айыы ыйа. Хас биирдии киһи бу Орто дойдуга Айыыһыт көмөтүнэн киһи буолан айыллан кэлэр. Айыыһыт оҕо кутун аҕатыттан үрүҥ Аар Айыы Тойонтон баран көрдөһөн-ааттаһан ылар. Аҕата сөбүлэстэҕинэ киниэхэ кут биэрбитин хонноҕун анныгар уктан баран кини аҕатын халлаанын аннынааҕы ытык хааннар олорор халлааннарыгар тиийэн кэлэр. Одун хаан бу оҕо оҥоһуутун, Чыҥыс хаан ыйааҕын, аналын, Таҥха, Билгэ, Төлкө хааннар көмөлөрүнэн Дьылҕа хаан бу оҕо дьылҕатын барытын этэн биэрэр. Ону Уһун Дьурантаайы суруксут халлаан кэнсэлээрийэтигэр уһун суорба остуолбаҕа бичийэн кэбиһэр. Бу кут хаһан оҕо буолан төрүөхтээҕин, хаһан Орто дойдуттан барыахтаҕын уонна ол ытык хааннар эппит аналлара барыта  суруллан кэбиһэр. Ол кэнниттэн Айыыһыт хонноҕун анныгар уктан салгыы аллараа диэки түһэн иһэн Аан Дьааһыҥҥа тиийэр. Бу тойон Орто дойдуга кэлбиттэр дьаҥҥа-дьаһахха ылларбакка этэҥҥэ олордуннар диэн мустубут хара дьайы ыраастыыр, эйгэбитин оҥорор. Куһаҕан тыын хорҕойбутун чаҕылҕанынан кымньыылаан, этиҥ буолан сааллан кыйдыыр, ол эбэтэр кини биһиги эйгэбитин арчылыыр-араҥаччылыыр сүдү күүспүт буолар. Бу кэннэ оҕо кутун илдьэ Айыыһыт аны улуутуйар Улуу Суорун тойоҥҥо тиийэн кэлэр. Бу тойон үөһээҥҥилэр тугу ыйбыттарын көрөн баран оҕо идэтин анаан биэрэр. Идэ үс көрүҥнээх: иис-уус, эмчит, тыл. Ол кэнниттэн Хотой Айыыга тиийэн кэлэр. Бу тойон үөһээ  үрдүк халлааҥҥа көтө сылдьан ырааҕы өтө көрөр. Хас биирдии киһиэхэ хорсун, көҥүл санааны уонна талар кыаҕы биэрэр. Итинэн биһиги хас хардыыбыт аайы талар кыахтаах сылдьабыт. Дьон бары биир санааланан дьулуурдаахтык, дьаныардаахтык түмсэллэрин, биир сомоҕо буоларбытыгар сирдиир улуу Айыыбыт буолар. Онтон Дьөһөгөй Айыыга кэлэбит. Кини киһиэхэ үлэһит буолууну, тулууру, дьулууру, дьүккүөрү биэрэр. Онтон Иэйэхсит кэлэр.  Кини төрүөхпүтүттэн Орто дойдуттан барыахпытыгар диэри аттыбытыгар сылдьар аанньалбыт буолар, куруук ытыһын тоһуйан биэрэ сылдьар, көрө-истэ, көмүскүү сылдьар. Айыыһыт Хотуммут оҕо кутун аҕалан эр киһи дьулайынан үрэн киниэхэ иҥэрэр. Эр киһиэхэ оччоҕуна таптал кыыма киирэн умайан таптаан, дьахтар киэҥ киэлитигэр буор куту киллэрэн иҥэрэн биэрэр. Онтон ыла дьахтар 9 ыйы быһа буор куту эттээн-сииннээн киһи оҥорон таһаарар. Оҕо тахсан салгыны тыынан салгын куту ылла. Онон 3 куттаах киһи буолла. Айыыһыт хас биирдии дьахтарга эрэйи-муҥу көрбөккө сымнаҕастык төрүүрүгэр көмөлөһөр. Айыыһыт, Иэйэхсит уонна Дьөһөгөй Айыы хас биирдии ыалга баар. Айыыһыт барыта этэҥҥэ буоллаҕына, кинини үөрэн-көтөн атаардахтарына бу ыалга өссө оҕо кутун биэриэн сөп. Иэйэхсит бу ыалга өрүү баар буолар. Айыыһыт күүһэ бу ыалы арчылыы, көмүскүү турар. Онтон кэлэйдэҕинэ кини бу ыалтан тэйэн хаалар. Онтон эр киһи Дьөһөгөй Айыы күүстээх. Ол иһин кини кэргэнин, оҕолорун  таптыыр буоллаҕына дьиэ-уот туттан тиритэ-хорута үлэлиир, дьоллоохтук олорор эйгэлэрэ оҥоһуллар. Эр киһиттэн Дьөһөгөй Айыы кэлэйэн туора көрөн кэбистэҕинэ бу киһи эр киһи күүһүттэн матар. Оннук гынан кини үлэлээбэккэ-хамсаабакка, олоҕо огдолуйарга барар. Онтон Иэйэхсит барахсан эн хайдах да киһи буол, бу Орто дойдуттан барыаххар диэри эйиигиттэн хаһан да арахсыбат. Бүгүн биһиги уйгулаах-быйаҥнаах сайыммытын атааран, көмүс күһүммүтүн көрсөн кыстыкпытыгар киирэн саамай эргэ дьылга, хараҥа кэмҥэ  үктэннибит уонна ыам ыйын 22-гэр – Ньукуолуҥҥа сырдык кэмҥэ үктэниэхпит. Ол иһин бүгүн ыраастанан Хотой Айыы алгыһын ылан кыһыммытыгар бэлэмнэнэн олохпутун оҥостон этэҥҥэ күөххэ тиийиэхпит.

Алгыс көтөҕүллэр кэмэ кэлэн харахпытын симэн, ытыспытын нэлэтэн турабыт. Тускуо диэн алгысчыт эттэҕинэ тускуну эппитигэр-сииммитигэр иҥэрэн икки ытыспытын түөспүтүгэр аҕалан иҥэрэн кэбиһэбит. 

Алгысчыт Зиновий Игнатьев аал уотун оттон арыылаах алаадьынан айах тутта. Аал уоппут күөдьүйэн үөрэр-көтөр.  Алгысчыт алгыс этэн амалыйда: 

  • Аал уотум иччитэ Бырдьа Бытык, Кыырык Төбө, Хатан Тэмиэрийэ аар Тойон эһэккэм, биһиги алгыспытын сиргэ-буорга түһэрбэккэҕин үөһээ халлааҥҥа олорор Үрдүк Айыыларбытыгар тиэрдиэ диэн эрэнэн арыылаах алаадьынан айах тутан санааҕын манньыттаҕым буоллун. Күлүм-чаҕыл! Сир халлаан   кулугутун тутан олорооччулар, Айыы киһитин арҕаһыттан тэһииннээбит, Күн киһитин көхсүттэн көнтөстөөбүт айыы суолун аартыгын арыйар үөһээ Үрдүк айыыларбыт, эһиэхэ сүгүрүйэ арыылаах алаадьынан сыт-сымар таһаараммыт санааҕытын табаммыт күүс-көмө көрдөһөр кэммэр бэттэх көрөн мичик гыныҥ диэммин көрдөһөн-ааттаһан сүгүрүйдэҕим буолуохтун. Мичик аллай! Доллу кулгаахтаах, тэтиҥ сиэллээх, санныгар дьаһааллаах, самыытыгар таҥара бэлиэлээх түөрэм туйахтаах Күн Айыы Дьөһөгөй тойон, эн сылгар этэҥҥэ сайылаан, этэҥҥэ кыстаан, кэлэр сылга туттарарга арчылааҥҥын-араҥаччылааҥҥын, барылаччы кистээҥҥин күрүөбүтүн бөҕөргөтөҥҥүн өрүүтүн арыаллыы сырыт даа диэн көрдөһөн-ааттаһан сыт-сымар таһаараммын таныыгын кычыгылаттаҕым буоллун. Хоруу! Тоҕус хаттыгастаах тойон үөһээ Хотой Айыы хотун бэттэх көрөҥҥүн мичик гын. Эн ыйгар үктэммиппитин өрүүтүн үөһээнэн көрө сылдьаҥҥын арыаллаа-арчылаа, билиибитин-көрүүбүтүн чиҥэтэн биэр, эппит тылым иччилэннин диэн көрдөһөн-ааттаһан эйиэхэ кэҥсик сыты таһаараммын үрүҥ сылгы сиэлинэн  арыаллыы-арчылыы сырыт диэммин күндүлээтэҕим, маанылаатаҕым буоллун, алгыстаатаҕым-арчылаатаҕым буоллун. Өрүү бииргэ сылдьаҥҥыт кыаммаккытын-кыраҕытын кыпчыйбакка араҥаччылаан-арчылаан этэҥҥэ кыстатыҥ даа диэн көрдөстөҕүм-ааттастаҕым буоллун. Үтүө-мааны дьоннорум, Эһиги халыҥ хахха, баараҕай баҕана, туллубат тулааһын, эрэллээх эркин буола сылдьаргытын умнубаккаҕыт дьоҥҥутугар-сэргэҕитигэр өрүү күүс-көмө, дурда-хахха буола сылдьыҥ. Кэрэ-талба кыргыттар, талыы-мааны ийэлэр, эйэҕэс эбээлэр, эһиги оҕолоргут-сиэннэргит атыллаабыт сирдэрэ ача күөҕүнэн симэннин, тохтообут сирдэрэ торҕо күөҕүнэн торолуйдун, сиэттиспит сирдэрэ сирэм күөҕүнэн сириэдийдин. Тахсан эрэр күн саһарҕата арчылаатын, киирэн эрэр Күн килбиэнэ киртиппэтин. Буор куккутун буҕадытан биэрдэҕим, солко куккутун сандаардан биэрдэҕим, ийэ куккутун иитэн биэрдэҕим, туску бөҕөтүн туһаайдаҕым буоллун. Тускуо! Тускуо!Тускуо!

Хотой Айыы ыйбыт биһиэхэ хорсун санааны, дьирээлээх буолууну, иллээх-эйэлээх буолууну, сомоҕолоһууну уонна кыаҕы  биэрэр.  Улуу Добдурҕа саҕаланна. Киһи этин-сиинин эрчийэр-көрүнэр, таҥаһын-сабын бэрийэр кэмэ кэллэ. Саннааҕыт сырдык, ыраас буоллун. Оннуок! 

“Мичил” оҕо уһуйаанын сэбиэдиссэйэ Виктория Бурнашева алгыска сылдьан баран маннык санаатын үллэһиннэ: “Саха киһитигэр алгыс улахан суолталаах. Биһиги айылҕаны кытта дьүөрэлэһэ олорор омукпут. Айылҕаттан күүс-сэниэ ылабыт. Бүгүн буолбут тэрээһин олус суолталаах буолла. Бүгүҥҥү күнтэн, о.э. алтынньы 14 күнүттэн 28 күнүгэр диэри Күн өлүүтэ саҕаланар. Бу күҥҥэ арчыланан-ыраастанан үтүөнү эрэ санаан сылдьыахтаахпыт. Бүгүн ылбыт алгыспыт биһиэхэ 18 сылы быһа дьайар күүс буолар. Ол иһин бу күнү хайдах көрсөн атаарарбыт улахан суолталаах. Ыйга биирдэ буолар алгыс түһүлгэтигэр кэлиҥ, сылдьыҥ, ыраастаныҥ, чөл туруктаныҥ”, диэн бар-дьонун ыҥырда.  

Дьэ, итинник саха дьонун сиэринэн уһун кыһыммытын арчыланан, ыраастанан, алгыс ылан бөҕөргөөн көрүстүбүт. Ый аайы маннык сиэр-туом ыытылларын көтүппэккэ дьоммут-сэргэбит алгыска сылдьар буолуҥ диэн ыҥырабыт.

Марелла Баишева.