Кумааҕынан кырыйыы маастара Тайаана Никифорова ыалдьыттаата

Мэҥэ Хаҥалас улууһун Майа сэлиэнньэтигэр кулун тутар 4 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин ыччат уонна социальнай коммуникация министиэристибэтин көҕүлээһининэн “Гражданскай өрөбүллэр” пуорум чэрчитинэн “Саха сирин кэмиэрчэскэйэ суох тэрилтэлэрэ бары бииргэ – иннин диэки!” диэн уопсастыбаннай десант тэриллэн үлэлээтэ.

СӨ Ил Дархан граныгар гражданскай уопсастыба уонна бэйэни салайыныы территориальнай сайдыытын икки ардыларынааҕы ресурснай киинтэн Майя Дмитриева салайааччылаах хамаанда исписэлиистэрэ улуус социальнай бэлиитикэҕэ управлениетын исписэлиистэрин кытта  социальнай бырайыактары олоххо киллэриигэ хас да былаһаакканан үлэлээтилэр.

Ол чэрчитинэн, Саха итэҕэлин балаҕаныгар СӨ култууратын туйгуна, алгысчыт, настаабынньык Тайаана Никифорова кумааҕынан кырыйыыга маастар-кылаас ыытта. Манна Аллараа Бэстээхтэн тиийэ кэлэн элбэх кэрэ аҥардар үөрэннилэр. Маастар кэпсии туран илиитинэн хайдах курдук имигэстик туттан дьөһөгөй оҕотун кумааҕыга кырыйан таһаарбытын сөҕө-махтайа көрдүлэр. Кини баҕалаахтарга кумааҕынан дьиэ эйгэтин харысхалыгар уулаах ынаҕы сардаанаттан саҕалаан, кытыйалаан, чороонноон кырыйтарда. Тайаана дьоҕуругар сүгүрүйээччилэр ылбыт билиилэригэр маастарга махтаннылар. Бу кэлэн иһэр Аан дойду дьахталларын күнүнэн кэрэ аҥардарга бэртээхэй бэлэх буолла.

Тайаана Афанасьевна туһунан бэрт кылгастык сырдаттахха, кини Бүлүүттэн төрүттээх, Мэҥэ Хаҥалас сиригэр-уотугар аймахтара олорор буоланнар сайынын элбэхтик кэлэр эбит. Хабаровскайга үөрэнэн бибилэтиэкэр идэтин ылбыт. Билигин Дьокуускайга национальнай бибилэтиэкэҕэ оҕо бибилэтиэкэринэн үлэлиир. Иккис үөрэҕэ уйулҕаһыт. Кумааҕынан кырыйыыларынан 2 кинигэ ааптара, алгыстардаах аккырыыккалары таһаарар. Тайаана диэн аата киниэхэ түүлүгэр эһээхий оҕо буолан кэлбитин кэпсээтэ.

Быыстапкаҕа кыттарын сөбүлүүр, ол сылдьан таах турумаары кумааҕынан кыыллары кырыйар буолбут. Кыыллары оҥороругар хас биирдии  былчыҥнарын көрдөрөр, кини оҥоһуктара сүүрэн барыахтарын тыына эрэ суохтар. Маннык дьарыкка киһи пластиката, мэйиитин үлэтэ, көрөр-систэр дьоҕура, тыла, толкуйдуура сайдар, оҕо түргэнник ылынар диэтэ. Кумааҕы кэбирэх матырыйаал буоларынан хайдах үйэтитэргэ үлэлээн, оҕолорго аахпыт остуоруйаларын дьоруойдарын, сахалыы оһуордары оҥорорго элбэх үлэни ыытар. Хамсык кэмигэр оҕо бибилэтиэкэлэрин кытта бииргэ үлэлэһэн зуумунан бырайыактары оҥорбуттар. Уус Алдан бибилэтиэкэтин кытта бииргэ үлэлээн остуоруйа ис хоһоонунан дьоруойдарын оҕолорго  кырыйтаран дьоҕурдарын арыйбыттар.

В.Г.Белинскэй бибилэтиэкэтин кытта “Олоҥхо алыптаах дойдута” бырайыагар  сахалыы, нууччалыы, английскайдыы тылларынан олоҥхолору Qr-кодунан маастар-кылааска киирэн көрдөрөн үөрэтэллэр, электроннай кинигэ оҥорбуттар. Интэринээккэ олорор доруобуйаларыгар хааччахтаах  нуучча оҕолоругар анаан “Олонхо звучит ро-русски” бырайыактаах. Онно оҕолор олоҥхо дьоруойдарын уруһуйдууллар. Ону кырыйан ылан хамсатан, Qr-кодунан киирэн көрөргө ойуулуктары оҥорбут.

“Доруобуйа 50 бырыһыана өбүгэттэн кэлэр, 50 бырыһыана хайдах аһаан-таҥнан сылдьарбытыттан тутулуктаах. Киһи бүтэй сымыыт иһигэр сылдьар курдук сананыахтаах. Оччоҕо кини санаатын хоту үлэлээн-хамнаан, олоҕо уйгулаах, быйаҥнаах буолар, табыллыы, ситиһии кэлэр” диэтэ.

“Саха буолан сандаарыҥ, киһи буолан килбэйиҥ” диэн алгыс суолтата үрдүккэ тахсыы, чыпчаалга ыттыы  буолар. Бу харысхалы оҥорон баран Киһилээх хайатыгар тахсан Күҥҥэ сүгүрүйэ бара сылдьыбыт түбэлтэтин кэпсээтэ. Онно кинилэри хантан да кэлбитэ биллибэккэ сылгы  арыаллаабыт. 30 кыраадыс итии, кумаар бөҕө, хас да хонуктаах аһылыктарын, туттар-хонор малларын сүгэ сылдьан дэлби сылайбыттар. Тайаана иккиэ буолан бытаараннар дьонноруттан хаалан хаалбыттар уонна ууну-хаары тумна сылдьан атын суолунан баран муна сыспытттарын сылгылара суолларын бүөлээн турунан кэбиспит. Онтон өйдөөн истибиттэрэ аргыс дьонноро атын сир диэки хаһыытаспыттар. Дьөһөгөйдөрө ол диэки хааман кинилэри сирдээбит. Мантан бары сөҕүү бөҕө буолбуттар. Итинэн харысхал дириҥ суолталааҕын, олус күүстээҕин итэҕэттэ.

“Айыыһыккыт аргыстастын, иэйэхсиккит эҥэрдэстин”, “Иэримэ дьиэҕит иччитэ иһирэх тыыны иҥэрдин”, “Үллэ турар баайданыҥ, алла турар быйаҥнаныҥ”, “Аал уоккутун оттуҥ, алаһа дьиэҕитин тэриниҥ”, о.д.а. алгыстар суолталарын быһааран сырдатта.

Кыталык үҥкүүтүн көрбүт киһи сырдык, дьоллоох олохтоох буолар дииллэр. Орто дойдуга толору буоларга аҥаргын булунар аналлаах төрүүгүн. Аны ыал буолбут барыта оҕолонор буолбат. Онно оҕо кутун иҥэрэр, байанайдаах, баай-талым олохтоох буоларга алгыстаах аккырыыккалары, киһи баҕа санаатын кытта хонон турарыгар анаан алгыстаах сыттыктарын оҥорбут. Быйыл Айыыһыт сылынан Qr-кодтаах халандаар таһаартарбыт. Маны сэргэ, дьарыгын дириҥэтэн маһы кыһан харысхаллары оҥорор.

Билиитин хаҥатарын сөбүлүүр ураты дьарыктаах Тайаана Афанасьевна киһи тугу баҕарарын оҥоруон сөп, кыаҕа киэҥ диэн кэрэ аҥардары дьоҕурдарын арыйалларыгар бэйэлэригэр эрэли сахта.

 

Марелла Баишева.