Култуура эйгэтигэр биэс сыл иһигэр улахан хамсааһыннар буоллулар

Мэҥэ Хаҥалас улууһун култууратын үлэһиттэрин идэлээх сойуустарын кэмитиэтин салайар үлэһит буоларбынан, култуура эйгэтигэр туох уларыйыылар тахсыбыттарын, дьаһаллар ылыллыбыттарын туһунан этэр тоҕоостоох дии саныыбын.

Биһиги эрэ улууспутугар буолбакка, Саха сиригэр барытыгар аныгылыы моһуоннаах, билиҥҥи олоххо эппиэттиир, киэҥ-куоҥ, дьарыктыыр усулуобуйалаах, киэҥ саалалардаах, фойелардаах култуура дыбарыастара тутуллаллара улахан ситиһии буолар. Биһиэхэ Майаҕа Д.Ф.Ходулов аатынан норуот айымньытын дьиэтэ тутулунна. Култуурабыт эйгэтигэр биир саамай бастыҥ, кыраһыабай тутуубут. 2024 сылга былааҥҥа улууспут киинигэр Аллараа Бэстээххэ улахан култуура дыбарыаһа тутуллар. «Култуура сайдыытын киинэ» диэн ааттаныаҕа. Ити биир улахан үөрүүбүт буоллаҕа, үлэ-хамнас бөҕөтө бара турар. Национальнай бырайыагынан, ол гынан баран, ити тутуулары ыытыыга өрөспүүбүлүкэбит үрдүкү салалтата, чуолаан, үрдүкү салайааччыбыт ити үлэтин хонтуруолга ылан, хаамыытын көрөн ыыттарара улахан суолталаах. Аҥаардас Мэҥэ Хаҥалас улууһун ыллахха, кэнники биэс сылга Тиэлигигэ, Тумулга аныгы моһуоннаах, хаачыстыбалаах култуура эбийиэктэрэ үлэҕэ киллэриллибиттэрэ. Хочоҕо саҥа култуура киинэ, Табаҕаҕа ускуустуба оскуолатын сыһыарыы тутуута тутуллубуттара. Ил Дархан Гранын «Кыталык» оҕо-ыччат эстетикатын киинэ ылары ситистэ.

Саамай үөрүүлээҕэ диэн 2016-2017 сыллартан култуура үлэһиттэрин хамнаһа үрдээбитэ буолар. Бу биллэн турар, Арассыыйа Бэрэсидьиэнин ыам ыйынааҕы Ыйааҕынан чэрчитинэн. Ол гынан, маны хонтуруолга ылан олоххо киллэриллиитигэр уонна түргэнник култуура хас биирдии үлэһитигэр хамнаһын үрдэтиигэ, сүрүн персоналга бачча бырыһыан улаатар диэн, ол эбэтэр анал култуура идэлээх, миэстэтигэр үлэлии сылдьар исписэлиистэргэ, кулууптар үлэһиттэригэр ‒ уус-уран салайааччылар, режиссердар, хореографтар, хормейстердар, фольклористар, мэтэдьиистэр, тыас-уус оператордара уо.д.а. урукку сылларга кыра хамнаска үлэлээн кэлбит буоллахтарына, билигин хамнас үрдээн, ону кытта тэҥҥэ, үлэ престиһэ улаатан, анал идэлээх эдэр исписэлиис үлэлии кэлэригэр бары усулуобуйа тэриллэн, култуура тэрилтэтин үлэтэ таһаарыылаах буоларыгар тиэрдэр буоллаҕа. Хамнастарыгар саҥалыы аахтарыы баран, тыа сиригэр олорор култуура үлэһиттэрэ үптэнэн-харчыланан бэйэлэрин дьиэ кэргэннэрин бүддьүөттэрин даҕаны тыыралларыгар, аттарыналларыгар улахан көмө буолар. Анал идэлээх исписэлиистэр кэлэн тыа сиригэр үлэлииллэригэр болҕомто ууруллар. Урут ыллыыр, үҥкүүлүүр, ханнык эрэ үстүрүмүөҥҥэ оонньуур буоллуҥ даҕаны, кулуупка үлэлиэххэ сөп эбит диэн буоллаҕына, билигин ирдэбил күүстээх. Хамнас да онно эппиэттиир, онон буоллаҕына, чуолаан, квалификациялаах, анал дипломнаах үлэһиттэр кэлэллэригэр сүрүн болҕомто туһаайыллар.

Бары билэбит, биэс сыл иһигэр өрөспүүбүлүкэбитигэр наһаа ыарахан кэмнэр буолбуттара. Баһаардар, хара хамсык, анал байыаннай эпэрээссийэ. Өрөспүүбүлүкэбит үөһээҥи салалтатын улахан таһымнаах, киэҥ көрүүлээх салайыытын түмүгэр Сахабыт сирэ атын эрэгийиэннэрдээҕэр балачча үчүгэйдик олорор диэн бэлиэтиэхпин баҕарабын. Култуурабытын ыллахха, сэбиэскэй кэмнэртэн баар дьиэлэрдээх кулууптарбыт ыстааттарын, материальнай базаларын тутаннар үлэлии-хамсыы олороллоро атын эрэгийиэннэрдээҕэр биһиги чопчу быдан таһымнаах балаһыанньалаахпытын көрдөрөр.

Биһиги улууспутугар 34 култуура тэрилтэтэ урукку сыллартан ыһыллыбакка, кулууптарын тутан, саҥа тутуулары ыытан үлэлии сылдьаллара биир улахан ситиһиибитинэн буолар. Өрөспүүбүлүкэбит салалтата култуура эйгэтин өйөөн олороро итинтэн да ырылхайдык көстөр. Салгыы, маннык тэтими ыһыктыбакка үлэлиэхпит-хамсыахпыт диэн биһиги эрэнэбит. Хамнас салгыы үрдүү турар, онон, биһиги салалтабытыгар улахан махталлаахпыт. Билигин култуура үлэһиттэрэ дьиэ-уот туттан, олохтоохтук олохсуйан олороллоро эмиэ улаханнык үөрдэр көстүү. Сүөһү-ас тутан тыа сиригэр олохсуйа хаалаллар. Итиниэхэ миэстэтигэр хамнас үрдээһинэ улахан оруолу ылар.

Биһиги улууспут култууратын үлэһиттэрин ким эрэ оҕото, ким эрэ кэргэнэ, бииргэ төрөөбүтэ, аймаҕа анал байыаннай эпэрээссийэҕэ сылдьаллар. Онно улууспутуттан да элбэх көмө оҥоһуллар уонна, биллэн турар, өрөспүүбүлүкэ таһымыгар бу боппуруос мэлдьи инники күөҥҥэ тутуллар. Биһиги Ийэ дойдуларын чиэһин көмүскүү сылдьар саллааттарбытыгар куруутун өрөспүүбүлүкэ таһымыттан элбэх көмө, аахсыйа оҥоһуллар. Кинилэргэ миэстэтигэр тиийэрэ элбээн иһэр. Бэйэбит бырааттарбыт, убайдарбыт, оҕолорбут кэпсииллэринэн, атын эрэгийиэннэртэн итинник улахан көмөнү тиэрдиини Саха сирэ саҕалаабыта биллэр, сахалар наһаа түмсүүлээххит диэн атын омуктар сыаналыыллара иһиллэр. Өрөспүүбүлүкэҕит, оройуоннаргыт салалталара, олохтоохторо олус өйүүллэр эбит диэн бэлиэтииллэр уонна биһиги саллааттарбытыгар тиийбит гуманитарнай, материальнай көмөнү барытын араас омук буолан уос-тиис үллэстэллэрин этэллэр. Ол көмөттөн биһиги дьоммут күүс-кыах ылан түбэспит балаһыанньаларыгар моральнай, материальнай көмө ис төһүү күүс буолара саарбаҕа суох.

Эмма ПАВЛОВА.