Колесовтар элбэх оҕолоох дьиэ кэргэни өйүүр дьаһаллар кэҥээн иһэллэригэр махталлара муҥура суох

Судаарыстыбаттан көмө

Дойдубут Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин бэйэтин этиитигэр бэлиэтээн турар: «Хас биирдии дьиэ кэргэн биир сүрүн соругунан бэйэтигэр табыгастаах олорор усулуобуйаны тэрийии буолар. Ити хас биирдии киһиэхэ, дьиэ кэргэҥҥэ улахан суолталаах. Онуоха судаарыстыба сыала-соруга ‒ ити сыалы ситиһэргэ кыаллары барытын оҥоруу. Бу хайысхаҕа биһиги үлэбит кэлин кэмҥэ биллэ көдьүүстээх».

Кырдьыга да оннук. Арассыыйаҕа дьиэ кэргэни өйөөһүҥҥэ судаарыстыба олохтообут тус сыаллаах үгүс бырагыраамалара, бырайыактара үгүстэр. Сыллата ити хайысхаҕа саҥа сонун сүүрээннэр олохтоноллор, эбиилэр киллэриллэллэр. Дьиэ кэргэн бастакы оҕотуттан саҕалаан ийэ хапытаалын көрүү, оҕо босуобуйатын кээмэйин үрдэтии, элбэх оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ араас чэпчэтиилэр олохтонуулара о.д.а көмөлөр тустаах дьоҥҥо улахан өйөбүлүнэн буолаллар.

Биллэн турар, дьиэ кэргэҥҥэ өйөбүл баара элбэх оҕолоох ыал ахсаана сыллата эбиллэн иһэригэр эмиэ быһаччы оруоллаах. 2020 с. Саха сиригэр үс уонна онтон элбэх оҕолоох 31562  ыал баар буоллаҕына, 2021 с. – 32 899, 2023 с. ‒ 34 230. Көстөрүн курдук, 2020 сылы кытта тэҥнээтэххэ, элбэх оҕолоох ыал ахсаана 2668 ыалынан элбээбит. Өрөспүүбүлүкэбитигэр хас биирдии бэһис ыал элбэх оҕолоох. Ааспыт сыл түмүгүнэн Саха сирэ оҕо төрөөһүнүгэр Уһук Илиҥҥэ бастакы, Арассыыйа үрдүнэн сэттис миэстэни ылбыта.

Судаарыстыба оҥорор көмөтө оҕо төрөөтөҕүнэ төлөбүр биэриинэн эрэ муҥурданыллыбат. Ылан көрүөҕүҥ, элбэх оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ олорор усулуобуйаны тупсарыыны.  Биэс уонна онтон элбэх оҕолоохторго дойду бары эрэгийиэннэригэр 2012 сылтан биир кэмнээх социальнай көмөнү оҥоруу олохтоммута. Саха сиригэр бу хайысхаҕа эмиэ киэҥ былааннаах үлэ салҕанан барар. Холобур, Мэҥэ Хаҥалас улууһугар  2013 ‒ 2023 сс., ол эбэтэр уон сыл иһигэр,  маннык социальнай көмөнөн уопсайа 84 ыал туһанна. Ааспыт 2023 сылга 8 ыал дьиэ атыылаһалларыгар, тутталларыгар социальнай төлөбүрү ыллылар.  Кинилэртэн биирдэстэринэн  Хара нэһилигиэгин олохтоохторо Наталья уонна Константин Колесовтар буолаллар.

Колесовтар 2002 сыллаахха ыал буолбуттара.  Наталья Петровна Дьокуускайтан, Константин Егорович Майаттан төрүттээхтэр. Хараҕа 2006 сыллаахха дьиэ туттан олохсуйбуттар.

Дьиэ кэргэн күн-күбэй ийэтэ Дьокуускайдааҕы медицинскэй колледжы 2000 сыллаахха бүтэрэн  улуустааҕы сэллиги утары охсуһар диспансерга лаборанынан, аҕалара 2006 сыллаахха СГУ физическэй култуураҕа салаатын бүтэрэн В.П.Ларионов аатынан Майа орто оскуолатыгар учууталынан үлэлииллэр.

Колесовтар алта оҕолоохтор. Төрөппүттэр оҕолорун барыларын сахалыы ааттаабыттар. Улахан уоллара Айаал 20, улахан кыыстара Айта 19, иккис уоллара Айаан 14, үһүс уоллара Арылхан 8, төрдүс уоллара Харысхан 5 уонна муруннарын бүөтэ ‒ кыра кыыстара Ай-куо 1,5 саастаахтар. Икки улахан оҕолор ‒ хайыы үйэ устудьуоннар. Айаал ийэтин суолун батыһан Дьокуускайдааҕы медицинскэй колледжка үһүс, Айта Дьокуускайдааҕы култуура уонна ускуустуба колледжыгар бастакы куурустарга үөрэнэллэр. Айаан Аллараа Бэстээххэ успуорт оскуолатын сэттис,  Арылхан Хараҕа успуорт оскуолатын иккис кылааһын үөрэнээччилэрэ. Кыралара Харысхан уонна Ай-куо ‒ Харатааҕы «Кэрэчээн» оҕо саадын иитиллээччилэрэ. Оҕолор бары кыра эрдэхтэриттэн успуордунан дьарыктаналлар. Онуоха аҕалара быһаччы оруоллаах. Бэйэтэ көҥүл тустууга тириэньэринэн таһаарыылаахтык үлэлээн кэллэ. Күн бүгүҥҥэ диэри бэйэтэ өрөспүүбүлүкэ, улуус таһымнаах улахан күрэхтэһиилэргэ тиийэ улууһун чиэһин ситиһиилээхтик көмүскүүр. Уолаттар көҥүл тустуунан, Айта  буулдьанан ытыынан. Оҕолор бары успуорка ситиһиилээхтэрин кинилэр үгүс наҕараадалара ‒ дипломнара, грамоталара, мэтээллэрэ туоһулууллар. Холобур, Айта 2021 сыллаахха оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан Горнай улууһугар ыытыллыбыт ХХШ Манчаары Оонньууларыгар буулдьанан ытыыга улууспут хамаандатыгар киирэн чөмпүйүөн үрдүк аатын сүкпүтэ.

Ааспыт сылга Колесовтар дьиэ кэргэн икки этээстээх, толору хааччыллыылаах киэҥ-куоҥ дьиэ туттан киирдилэр.

‒ Бэһис оҕолонон баран 2018 сыллаахха элбэх оҕолоох ыалга, чуолаан сокуоннай сааһын ситэ илик  5-тэн элбэх оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ дьиэнэн хааччыйыы судаарыстыба олохтообут бырагырымаатыгар киирсэргэ сайабылыанньа биэрбиппит, ‒ диэн кэпсэтиибитин саҕалыыр дьиэ кэргэн аҕа баһылыга Константин Егорович. ‒ Биһиги курдук көмөнөн туһаныан баҕалаах дьиэ кэргэн, биллэн турар, элбэх буоллаҕа. Уочарат халыҥа,  чугастааҕы сылга кэлэригэр эрэлбит суоҕун кэриэтэ этэ. Ол иһин уһаайбытыгар  бэйэбит кыахпытынан бастаан дьиэбит акылаатыгар буор куттаран, нөҥүө сылыгар көҥдөйүн тутан саҕалаабыппыт. Биһиги үөрүүбүтүгэр былырыын чааһынай олорор дьиэни тутууга 5-тэн элбэх оҕолоох ыалга харчынан сэртипикээт көрүҥэ олоххо киллэриллэн ону туһанан сайын устата күүскэ хамсанан сыл бүтүүтэ ахсынньыга малааһыннаатыбыт. Сэртипикээт дьиэ уопсай сууматын 17,5 бырыһыаныгар тэҥнэһэр. 10х11 иэннээх дьиэбит ис, тас өртүн бырайыагын барытын кэргэним Наталья Петровна толкуйдаабыта. Максим Забровскай чааһынай тэрилтэтэ бэдэрээтчит быһыытынан күүс-көмө буолбута. Тутууну бэйэм уонна аймахтарым, доҕотторум көмөлөһөн ыыттыбыт. Билигин да ис, тас үлэҕэ ситэриллиэхтээх үгүс. Сыыйа-баайа оҥорон иһиэхпит.

Саҥа дьиэ гааһынан сылытыллар, толору хааччыллыылаах. Хаһаайыттар дьиэлэрин ис өртүн аныгылыы тупсаҕай оҥоһуулаах оҥорбуттар. Бастакы этээскэ куухуна уонна саала, ыалдьыт хоһо, иккис этээскэ үс утуйар хос, этээс ахсын суунар сир, туалет.

‒ Дьиэ кэргэнинэн айылҕаҕа сылдьарбытын сөбүлүүбүт. Оҕолор улаатан көмөлөрө элбээн иһэр. Сайынын тиэргэммитигэр хортуоппуй, оҕуруот аһын, сибэкки үүннэрэбит. Иллэҥ кэммитин бары бииргэ атаарарбытын ордоробут, ‒ диир Наталья Петровна.

Колесовтар 2024 сылы Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Дьиэ кэргэн, өрөспүүбүлүкэбит Ил Дархана Айсен Николаев Оҕо саас сылларынан биллэрэннэр дьиэ кэргэн бигэ туруктаах, тирэхтээх уонна оҕо аймах доруобай, дэгиттэр сайдыылаах буоларыгар туһуланар үлэ-хамнас, өйөбүл өссө кэҥииригэр, саҥа сонун хайысхалар торумнанан олоххо киллэриллэллэригэр бүк эрэнэллэр. Кинилэр дойдуга, өрөспүүбүлүкэҕэ демография боппуруоһугар сыллата болҕомто күүһүрэн элбэх оҕолоох дьиэ кэргэни өйүүр дьаһаллар кэҥээн иһэллэригэр махталлара муҥура суох. Биир дойдулаахтарыгар туһаайан дьиэ кэргэни өйүүр бырагыраамаларга ирдэниллэр докумуоннары кэмигэр түһэрэн  судаарыстыбаттан көрүллэр көмөнү туһаналларыгар уонна элбэх оҕолоноллоругар баҕараллар.

‒ Оҕо ‒ дьиэ кэргэн дьоло, үөрүүтэ, күнэ-ыйа, олоҕун суолтата, ‒ диэн үөрэ-көтө кэпсэтиибитин түмүктээтилэр элбэх оҕолоох эдэр дьиэ кэргэн.

Маннык сып-сылаас, сып-сырдык, киэҥ-куоҥ алаһа дьиэ инникитин да элбэх оҕолоох иллээх дьиэ кэргэн дьоллоох уйатынан буолан оҕо аймах саҥатынан туола уонна кэккэлэрэ өссө да хаҥыы, кэҥии турарыгар баҕа санаабыт бастыҥын тиэрдэбит.

Алена ДОКТОРОВА.

           

 

 

Читайте дальше