«Кинилэринэн киэн туттабыт»

Балаҕан ыйын 24 күнүгэр Сыымах сирэ -уота күһүҥҥү сиппэрэҥ ардах кэнниттэн, чаҕылхай күннээх көмүс күһүн дуйунан суһумнаан , күндү ыалдьыттары көрүстэ.
Баатара нэһилиэгэр » Үүннэрии» колхуос олохтоохторо, биир дойдулаахтарбыт Егор Николаевич уонна Николай Николаевич Санниковтар үтүө ааттарын сырдатар, үйэтитэр «Кинилэринэн киэн туттабыт» диэн стеллаҕа бэлиэ таас үөрүүлээх быһыыга- майгыга бииргэ төрөөбүт балтылара, Саха өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин үтүөлээх үлэһитэ Дария Николаевна Санникова дьиэ кэргэнэ уонна аймахтара ыйаатылар.
Егор, Николай Санниковтар оҕо саастара Сыымах сыһыытыгар ааспыта, Баатара аҕыс кылаастаах оскуолатын ситиһиилээхтик бүтэрбиттэрэ. Егор Дьокуускайдааҕы финансовай техникуму бүтэрэн, 19 сааһыгар хайыы үйэ улэһит буолан, Саха өрөспүүбүлүкэтин үп министерствотын систематыгар үлэлээн ааспыта. Кэлин эдэр исписэлииһи Үөһээ Халыма оройуонугар үп туругун өрө таһаарыы диэн ааттаан үлэҕэ ыыппыттара. Үөһээ Халымаҕа Егор Николаевич 20 сыл устата эҥкилэ суох, үрдүк дуоһунастарга таһаарыылаахтык, күн сириттэн эдэр сааһыгар барыар диэри, үлэлээбитэ. Ол курдук оройуон сэбиэтин үпкэ салаатын салайбыта. «Үлэҕэ килбиэнин» иһин мэтээлинэн, үгүс элбэх махтал суруктарынан наҕыраадаламмыта.
Николай Николаевич Магадааннааҕы горнай техникуму бутэрэн, геолог идэтинэн 40-тэн тахса сыл «Якутгеологияҕа» үлэлээн үгүс-элбэх туһалаах сир баайын булууга сыратын биэрбитэ: ол курдук таас дьиэ тутуутугар туттуллар матырыйааллары, «Санниковское месторождение» диэн ааттаах арыйыылардаах. «Үлэ кыһыл знамята» уордьанынан наҕараадаламмыта ону туоһулуур.
Баатара нэһилиэгин баһылыга Дмитрий Акимов, үлэ бэтэрээнэ, кыраайы үөрэтээччи Тамара Колесова. бииргэ төрөөбүт бырааттара, отставкаҕа олорор федеральнай судьуйа Афанасий Николаевич Санников тыл эттилэр.
Баатара орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ, кадеттар, ыччаттар, үлэ бэтэрээннэрэ мустан нэһилиэк саһархай илиистэрдээх историятын арыйан кэрэхсэбиллээх түгэннэри иһиттилэр, бэйэлэрин кэмнэригэр сахалыы сэмэйдик тэринэн, инчэҕэй тирбэҕэ быстыбатынан тыыннаах хаалан , уһанан, иистэнэн, бултаан- алтаан, сүөһү-ас ииттэн , колхуос тэрээһиннээх үлэтигэр көхтөөхтүк кыттан саҥа олоҕу тутуспут төрүттэрин аҕыннылар.Ини-бии Санниковтар Сыымах оскуолатыгар үөрэммит сылларын аймахтара ахтан — санаан, сырдатан аастылар, Баатара түмэлигэр кинигэлэри бэлэхтээтилэр, махтаннылар.
Сыымах сирэ- уота күндү ыалдьыттарын хоҥкуйа махтана, сайыһа атаарда. Үтүө киһи аата-суола олорбут олоҕунан, оҕолорунан салҕанар. Биир дойдулаахтарбыт Егор, Николай Санниковтар үтүөкэн олохторо оҕолоругар, аймахтарыгар салҕанар, кэрэ кэпсээн буолан кэпсэнэр.

Мария Санникова