Былыргы кэмҥэ кыһын тымныыга балаҕаҥҥа хаайтаран олорбут саха көмүлүөк иннигэр оллоонноон олорон арааһы барытын, ол иһигэр кутталлаах кэпсээннэри сэҥээрэн, сэргээн кэпсэтэрэ. Ол кэмнэри баттаһа төрөөбүт аҕа саастаах көлүөнэ оҕо сылдьан «абааһылааҕы кэпсэтэбит дуо?» диэнтэн саҕаланар, бүтүннүү кулгаах-харах иччитэ буолан сибигинэһэн кэпсэтиллэр сэрэтиилээх сэһэннэри бэркэ өйдүүр буолуохтаахтар. И.М. Сосин «Абааһы туһунан кэпсээннэр» диэн кинигэтигэр суруйар: «Айылҕаҕа киһи үөйбэтэх-ахтыбатах эҥин элбэх дьиктилэрэ бааллар. Норуот тылынан уус-уран айымньыта халлаантан түһэн мээнэ айыллыбат, ханнык эмэ материальнай эйгэҕэ олоҕуран, норуот бэйэтин олоҕуттан айыллар».
Тохсунньу 30 күнүгэр Майаҕа Итэҕэл балаҕаныгар сонун тэрээһиҥҥэ сырыттым. А.Д. Макарова аатынан Дьокуускайдааҕы Култуура уонна ускуустуба кэллиэһин Төрүт салаатын 4-с куурсун устудьуона Иван Григорьев дипломнай үлэтин чэрчитинэн тэрийбит «Көмүлүөк иннигэр дьулаан кэпсээннэр» диэн күөн күрэһэ буолан ааста. Күрэс балаһыанньатынан – кыттыыны ыла кэлбит дьон үс бөлөххө арахсан (оҕо, ыччат, улахан дьон), бэйэлэрэ түбэспит дьулаан түбэлтэлэрин, ытык кырдьаҕастартан истибит үһүйээннэрин кэпсиэхтээхтэр. Дьүүллүүр сүбэҕэ култуура эйгэтиттэн Галина Эверстова, Спиридон Григорьев, Мария Габышева үлэлээтилэр.
Тэрээһин Василий Яковлев «Ини биилэр» айымньытын экрааҥҥа көрүүнэн саҕаланна. Бу тэттик киинэни Иван бэйэтэ туруорбут уонна устубут. Киинэҕэ Василий Петров, Михаил Попов уонна устудьуон оҕолор уһуллубуттар. Бу устуу көрөөччүгэ тэрээһин сүрүн сыалын арыйан биэрдэ.
Көмүлүөк оһох үөрбүт-көппүт курдук умайан күлүбүрүүр, кыымын ыспахтыыр, уот сырдыга нөҥүө эркиҥҥэ сандаара сырдыыр. Балаҕан иһэ барык-сарык, көмүлүөк уота эрэ барбах сырдатар. Саҕаланна…
Кыттааччылар бииртэн биир саҥарбыт-иҥэрбит, кэпсээн кэҕийбит талааннаах дьон буолан биэрдилэр. Уу-чуумпуга кэпсээнньити умайан тачыгырыыр оһох уота «тыс» гынан сэҥээрэр, биирдиилээн куттаммыт истээччи «тыый» диэн саҥа аллайара иһиллэр. Дьулаан кэпсээни истэ олорон сис иэнэ кэдэҥниир, балаҕан хараҥа муннуга субу саба барыйан кэлиэхтии хараарар. Чахчы, саха урукку олоҕор төннөн ыллыбыт эбээт!..
Бу курдук киһини соһутар, кэрэхсэтэр, толкуйдатар кэпсээннэри истэн баран түмүгэ маннык буолла. Оҕолорго I Үрдэл – Тарасова Вика (Табаҕа, «Куттанным») II Үрдэл – Порядин Мирик (Табаҕа, «Дьолго холдьоҕуллубут»), III Үрдэл – Васильева Виолетта (Табаҕа, «Кырдьаҕастар суоллара»), Үктэл бириистэр – Избекова Сайыына (Догдоҥо, «Ийэбиттэн истибитим»), Степанов Федя (Майа, В.П. Ларионов аатынан орто оскуола, «Эбээм кэпсээнэ»), Черкашина Настя (Майа, В.П. Ларионов аатынан орто оскуола, «Суола абааһыта») тиксэннэр кыайыы үөрүүтүн биллилэр, грамота, бэлэх туттулар. Ыччат дьоҥҥо тыл баайдаах Ольга Старостина – I Үрдэл (Майа), II Үрдэл – Валентина Кривошапкина (Майа), III Үрдэл – Михаил Рожин (Дьокуускай) ыллылар. Улахан дьоҥҥо устар ууну сомоҕолуур уран тыллаах, сэрэтиилээх сэһэннээх Анна Климентова, Светлана Гоголева, Зиновий Игнатьев – I Үрдэли ылыахтарын ыллылар. Үктэл бириэмийэҕэ Евдокия Семенова, Анастасия Адамова, Людмила Неустроева тигистилэр. Аҕам саастаах дьон бэйэлэрин этиилэригэр ыччакка туһаайан бу маннык кэпсээннэр киһини толкуйдаталларын, айылҕаҕа харыстабыллаах сыһыаны ирдииллэрин өйдөттүлэр.
Маннык түмсүү саха итэҕэлин күүһүрдэр суолталаах, оҕо өйүгэр-санаатыгар сиэрдээх буолууну иитэрэ саарбаҕа суох. Ол иһин эдэр киһиэхэ Иван Григорьевка махтанабын, инники суолугар ситиһиилэри баҕарабын.
Бүтэһигэр Анна Иннокентьевна ыччакка анаан эппит тылларынан түмүктүүбүн: «Сиэри-туому тутуһан сиэрдээхтик сырыттахха, киһи айылҕалыын алтыһарыгар сыыһаны-халтыны оҥорбокко этэҥҥэ сылдьар».
Мария Габышева, Мэҥэ Хаҥаластааҕы кииннэммит
бибилэтиэкэ ситимин кылаабынай мэтэдииһэ