Ол үрдүк хайалар, очуостар
Ыраахтан угуйар курдуктар,
Олус да мин санаам тардыһар,
Ыҥырар үрдүккэ дьулуһар!
Оҕочоос эрдэхтэн билэбин
Улуукан бэйиэттэр тылларын,
Ол чымаан чыпчаалга тиийэммин,
Уруйдаах ырыабын аныыбын.
Пушкиннаах Лермонтов, бу манна
Пегаһы миинэҥҥит тиийэргит,
Бу мантан дуоһуйан, манньыйан,
Бииртэн биир хоһоону айаргыт!
Бу Машук хайатын анныгар
Лермонтов олоҕо бүппүтэ,
Буулдьаҕа табыллан сүрэҕэ
Лиратын ыллатан сүппүтэ…
Оо, Кавказ, эн дьиппиэн киэлигэр
Төһөлөөх кистэлэҥ бүгэрий?
Оо, Кавказ, эн кэрэ көстүүгэр
Төһөлөөх умсулҕан иҥэрий?
Мин Сахам сириттэн эйиэхэ
Эҕэрдэ истиҥин аҕаллым,
Мин хаардаах кыраайтан эйиэхэ
Эриэккэс иэйиибин анаатым!
Лермонтов дьиэтигэр санаа
Кый ыраах дойдуттан кэлэммин,
Киирэбин Лермонтов дьиэтигэр,
Умсулҕан иэйиигэ куустаран,
Ураннык суруйбут сиригэр.
Бу турар айанын сундууга,
Бу турар суруйбут остуола…
Барыта ол кэми санатар,
Барыбыт дууһатын долгутар!
Харахпар ойуулаан көрөбүн:
Ол кини төбөтүн кыҥнатан,
Хоһоонун суруйа олорор,
Олус диэн сүрэхтиин умайан!
Остуолга дьэс алтан сылабаар
Дьоһуннук күлтэйэн турар ээ,
Оллоонноон олорон ол бэйиэт
Дьэ чэйдээн, кэпсэтэн биэрдэҕэ…
Болкуоҥҥа тахсаммын турабын,
Салгынын ыймахтыы тыынабын,
Бу баардыы көрөбүн КИНИНИ,
Буускуну солбуйбут киһини.
Мин бардым элбэҕи иҥэрэн,
Кыыдааннаах кыһыннаах дойдубар,
Мин, баҕар, кэлиэҕим иккистээн
Кавказка – Лермонтов сиригэр!
Елена Прокопьева,
Мэҥэ Хаҥалас, «Таммахтар» айар холбоһук.