Быыбар ‒ 2023
Аны аҕыйах хонугунан, балаҕан ыйын 8, 9, 10 күннэригэр былаас араас таһымнаах бэрэстэбиитэллэрин талыы улахан быыбара ыытыллыаҕа. Билэрбит курдук, кэлин сыларга Биир кэлим куоластыыр күн диэн киллэриллибитэ. Ити күн бастаан 2004 сыллаахха кулун тутарга, 2013 сылтан балаҕан ыйыгар олохтоммута. Итиннэ олоҕуран, Ил Түмэнинэн бу дьыл бэс ыйын 9 күнүгэр Ил Дарханы уонна норуот дьокутааттарын талыы быыбарын туһунан быһаарыы ылыныллан, өрөспүүбүлүкэ уонна муниципальнай таһымнаах быыбардар балаҕан ыйыгар ыытыллаллар.
Быйыл өрөспүүбүлүкэбитигэр 60-тан тахса, ол иһигэр Ил Дархан, Ил Түмэн уонна Дьокуускай куорат Дууматын, 9 улуус баһылыгын итиэннэ 22 оройуон сэбиэтин дьокутааттарын, 23 нэһилиэк баһылыгын, 7 куораттааҕы уонна тыа сиринээҕи олохтоох поселениелар дьокутааттарын быыбардыыр хампаанньалара бара тураллар.
Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 785 учаастактааҕы быыбар хамыыһыйатыгар барыта 7000 кэриҥэ, ол иһигэр 6434 киһи учаастактааҕы быыбардыыр хамыыһыйаларга үлэлиэҕэ. Хамыыһыйаларга Саха сиригэр үлэлиир 10 бэлитиичэскэй баартыйа, итини таһынан уопсастыбаннай тэрилтэлэр, олохтоох бэйэни салайыныы бэрэстэбиитэллээх уорганнарын, кэлэктииптэр о.д.а. бэрэстэбиитэллэрэ киирдилэр.
Биир кэлим куоластыыр күҥҥэ ыытыллар быыбардарга улууспут бэлэмин туһунан Мэҥэ Хаҥалас улууһугар территориятааҕы быыбардыыр хамыыһыйа бэрэссэдээтэлин Ирина Назарованы кытары көрсөн билистибит.
‒ Ирина Егоровна, быйылгы быыбардар тустарынан ааҕааччыларбытыгар сырдатыахха эрэ. Кистэл буолбатах, билиҥҥэ диэри мунаахсыйар, ыйыталаһар дьон бааллар.
‒ Сахабыт сиригэр улахан эппиэттээх быыбардар ыытыллаары тураллар. Өрөспүүбүлүкэтээҕи таһымнаах улахан быыбардар ‒ Ил Дархан, Ил Түмэн итиэннэ улуустарга муниципальнай таһымнаах ‒ кэккэ улуустар, нэһилиэктэр баһылыктарын, оройуон, Сэбиэтин дьокутааттарын быыбардара ыытыллалар. Биһиги улууспутугар быыбардааччылар СӨ Ил Дарханын уонна СӨ Судаарыстыбаннай Мунньаҕын (Ил Түмэнин) дьокутааттарын сэргэ муниципальнай таһымнаах быыбардарга оройуон Сэбиэтин дьокутааттарын, Баатараҕа нэһилиэк баһылыгын, Ходороҕо нэһилиэк дьокутааттарын уонна Аллараа Бэстээххэ 4 №-дээх уокурукка биир дьокутааты талыахтара.
‒ Оччотугар быыбардааччыга хас бүлүтүөн бэриллэрий?
‒ Улууспут быыбардааччылара сүрүн быыбардарынан биэс бүлүтүөнү толоруохтара. Оттон үөһэ этиллибит Баатара, Ходоро нэһилиэктэригэр уонна Аллараа Бэстээх биир уокуругар быыбардааччыларга алта бүлүтүөн бэриллиэҕэ.
‒ Быыбардааччы ахсаана испииһэккэ киллэриллибитнэн төһө буолла?
‒ Улууспут сиригэр-уотугар олорор быыбардааччыбыт ахсаана уруккуттан эбилиннэ ‒ 25 045 киһиэхэ тэҥнэстэ. Былырыын от ыйын 1 күнүнээҕи туругунан 24801 киһи этэ. Ити кэмтэн ылата улууспутугар пропискалаах уонна сокуоннай саастарын сиппит дьон ахсаана эбиллибитин туоһулуур.
‒ Улууспутугар сыһыаннаах муниципальнай таһымнаах быыбардар тустарынан кылгастык билиһиннэриэҥ дуо?
‒ Биһиги улууспутугар ыытыллар быыбардарга тохтоотоххо, оройуон Сэбиэтин састаабыгар 20 мандаат баар. Итинтэн оруобуна аҥаара, ол эбэтэр 10 мандаат ‒ баартыйалар испииһэктэринэн, онтон иккис аҥаара ‒ биир мандааттаах уокуруктарынан турбут хандьыдааттарга тыырыллар. Биэс баартыйа регистрацияламмыта. Быыбардыыр бүлүтүөҥҥэ баартыйалар, сэрэбиэйдээһин түмүгэр олоҕуран, уочаратынан киллэриллэн тураллар. Баартыйалар испииһэктэригэр үс бастакы турар хандьыдааттар ааттара суруллар. Биир мандааттаах уокуруктарга 70-тан тахса хандьыдаат регистрацияны ааста. Сокуон ирдэбилинэн регистрацияны аҕыйах хандьыдаат кыайан ааспата уонна сорохтор баҕа өртүлэринэн бэйэлэрэ туораатылар.
Баатара нэһилиэгин баһылыгар 3, Ходоротооҕу сэттэ мандааттаах уокурукка 9, Аллараа Бэстээххэ 4 №-дээх биир мандааттаах уокурукка 4 хандьыдаат турда.
‒ Билэрбит курдук, улууспут сиригэр-уотугар быыбардааччылар Ил Түмэн дьокутааттарын быыбарыгар үс уокурукка араарылыннылар. Бу иннинээҕи быыбарга эмиэ үс уокурук этэ да, быйылгыга араарыы тосту уларыйда. Онно тохтуохха эрэ.
‒ Оннук, уокурукпут ахсаана эрэ уларыйбакка үһүнэн хаалла. Оттон сиринэн-уотунан арахсыытыгар лаппа уларыйыылар киллэрилиннилэр. Урут Мэҥэ Хаҥаластааҕы 24 №-дээх, Бороҕоннооҕу 29 №-дээх уонна Чурапчытааҕы 30 №-дээх уокуруктарга киирбит буоллахпытына, быйыл бу иннинэ Чурапчытааҕыга баар Бүтэйдээх, Алтан, Бороҕоннооҕуга баар Төҥүлү, Тумул, Дьабыыл нэһилиэктэрэ 26 №-дээх Мэҥэ Хаҥаластааҕыга көһүрүлүннүлэр. Оттон урут Мэҥэ Хаҥаластааҕыга баар Майа, Хара, 1-кы Тыыллыма, 2-с Тыыллыма, Ороссолуода нэһилиэктэрэ 18 №-дээх Томмоттооҕу уокурукка киирдилэр. Улууспут хоту сытар нэһилиэктэрэ ‒ Тарат, Балыктаах, Матта, Дойду 29 №-дээх Бороҕоннооҕуга хааллылар. Онтон атын нэһилиэктэр бары 26 №-дээх Мэҥэ Хаҥаластааҕы уокурукка киирдилэр. Ил Түмэн дьокутааттарын быыбара, буоларын курдук, биир мандааттаах уокуруктарынан уонна баартыйанан испииһэгинэн ыытыллар.
‒ Быыбарга бэлэмнэнии үлэтэ хайдах баран иһэр?
‒ Биһиги, Мэҥэ Хаҥалас улууһунааҕы территориятааҕы быыбардыыр хамыыһыйата, бэс ыйыттан үлэбитин саҕалаабыппыт. Онон үлэлээбиппит үһүс ыйыгар барда. Бу күннэргэ уустук уонна эппиэтинэстээх үлэбит үгэнигэр сылдьабыт. Тэрээһин үлэбит былаан быһыытынан этэҥҥэ баран иһэр. Нэһилиэктэргэ баар 34 быыбардыыр учаастактарбытыгар хамыыһыйалар атырдьах ыйын 30 күнүттэн үлэлэрин саҕалаатылар. Хамыыһыйалар билигин үлэлэрин сүрүн хайысхатынан учаастактарыгар олорор сирдэринэн пропискалаах дьон атын сиргэ быыбардыыр эбэтэр атын сиргэ пропискалаахтар кинилэр учаастактарыгар быыбардыыр буоллахтарына, сайабылыанньалары туталлар. Онон быыбардааччы тус сайабылыанньатыгар олоҕуран, балаҕан ыйын 8, 9, 10 күннэригэр өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар баар ханнык баҕарар быыбардыыр учаастакка, быыбарга кыттар быраабы ылар. Манна биири тоһоҕолоон бэлиэтиибит ‒ атын учаастакка тиийбит киһи икки бүлүтүөнүнэн куоластыыр бырааптаах. Бастакыта ‒ Ил Дархан, иккиһэ ‒ Ил Түмэн дьокутааттарын быыбарыгар баартыйалар өрөспүүбүлүкэтээҕи биир кэлим испииһэктэринэн хандьыдааттары талыыга. Онон быыбардааччы пропискатыттан атын сиргэ тиийэн куоластыыр түбэлтэтигэр, бэйэтин олорор сиринэн улууһун, нэһилиэгин таһымыгар ыытыллар быыбардарыгар кыайан кыттыбат. Ити сокуонунан бигэргэтиллибит ирдэбил.
‒ Сайабылыанньалары ханна биэриэххэ сөбүй?
‒ Быыбардааччылар учаастактааҕы быыбардыыр хамыыһыйаларга тиийэн эбэтэр аныгы үйэ сиэринэн Госуслуги нөҥүө электроннай сайабылыанньалары биэриэхтэрин сөп. Госуслуги киирдэххитинэ, «Выборы» диэн сыһыарыы баар, онно быыбардааччы ханнык учаастакка сыһыарылла сылдьара, ол учаастак толору аадырыһа, үлэлиир кэмэ уонна быыбарга турбут хандьыдааттар ааттара-суоллара барыта ыйыллар. Сайабылыанньалары ылыы балаҕан ыйын 4 күнүнэн түмүктэнэр.
‒ Быыбар хамыыһыйаларыгар хас киһи киирдэ?
‒ Территориятааҕы хамыыһыйаҕа 9, учаастактардааҕыга 229 киһи үлэлиэҕэ. Маны таһынан Ил Түмэн дьокутааттарын быыбарыгар Мэҥэ-Хаҥаластааҕы уокуруктааҕы хамыыһыйа тэриллибитэ. Өрөспүүбүлүкэбит Киин быыбардыыр уонна улуус территориятааҕы хамыыһыйалара хандьыдааттар тустарынан бары сибидиэнньэлэри учаастактардааҕы хамыыһыйаларга тарҕатан олоробут. Быыбардааччылар миэстэтигэр тиийэн ону сиһилии билсиэхтэрин сөп. Учаастактардааҕы хамыыһыйалара сүрүннээн урукку аадыстарыттан уларыйбатылар ‒ нэһилиэк оскуолаларыгар, култуура кииннэригэр бааллар. Хамыыһыйалары таһынан эппиэттээх уорганнар ‒ Ис дьыала, Роспотребнадзор, санитарнай-эпидемиологическай, баһаары утары сулууспалар эппиэттээх хампаанньа тэрээһинигэр кыттыһан бэйэлэрин хайысхаларынан.үлэни-хамнаһы ыыталлар.
‒ Түмүккэ тугу этиэн этэй?
‒ Бастакытынан, хандьыдааттарга туһаайан этиэм этэ ‒ хас биирдии хандьыдаат, баартыйа бэйэтин эппиэтинэһин үчүгэйдик өйдөөн сокуон ирдэбилинэн аҕытаассыйаны ыытар болдьоҕо балаҕан ыйын 7 күнүгэр түүн 12 чааска диэри түмүктэнэрин булгуччу тутуһуохтаах. Быыбар иннинээҕи аҕытаассыйа үлэтин хаамыытын сокуоҥҥа сөп түбэһэрин хонтуруоллуубут. Иккиһинэн, быыбардааччылары сокуоннай саастарын туолбут улууспут бары олохтоохторун дойдубут Төрүт Сокуонунан бэриллибит быыбардыыр уонна быыбарданар быраапкытын туһанан балаҕан ыйын 8,9,10 күннэригэр быыбардыыр учаастактарга пааспардаах кэлэн куоластааһыҥҥа кыттаргытыгар ыҥырабыт. Өрөспүүбүлүкэбит, улууспут, нэһилиэктэрбит инники кэскилин туһугар хас биирдиибит бу улахан эппиэттээх быыбардар суолталарын өйдөөн, туора турбакка, кыттыаҕыҥ!
Алена ДОКТОРОВА.