Иннокентий Яковлев: «Тэрилтэ хас биирдии үлэһитин, салайааччытын эппиэтинэһиттэн дьон нус-хас олоҕо тутулуктаах»

Аҕыйах сылтан бэттэх улууспут үгүс олохтоохторо хаарбах дьиэлэртэн саҥа толору хааччыллыылаах дьиэлэргэ көстүлэр, нэһилиэктэргэ элбэх чааһынай дьиэлэр эмиэ киин ититии ситимигэр холбоннулар. Тоһуттар тымныылаах уһун кыһын киинтэн ититиллэр сылаас дьиэҕэ олорор үчүгэйэ, сынньалаҥа бэрт буоллаҕа. Олохтоохтор ол туһунан «олус абыранныбыт» диэн махтал тылынан этэллэрин миэстэтигэр сылдьан элбэхтик истиэххэ сөп. Олох-дьаһах хаачыстыбатын тупсуута диэн бу буоллаҕа.

Дьон сылаас дьиэҕэ нус-хас олорорун туһугар өрөбүл, бырааһынньык диэни аахсыбакка үлэлиир бөдөҥ тэрилтэ — «Олох-дьаһах, хомунаалынай хаһаайыстыба» ГУТ Мэҥэ Хаҥаластааҕы салаатын дириэктэрин Иннокентий Яковлевы көрсөн тэрилтэ быйылгы кыстыкка хайдах-туох үлэлээн кэлбитин туһунан сэһэргэстибит.

Иннокентий Эдуардович иһитиннэрбитинэн, Мэҥэ Хаҥаластааҕы хомунаалынай хаһаайыстыба көрүүтүгэр-истиитигэр уопсайа 61 хочуолунай баар. Мантан 40 гааһынан, 21 – чоҕунан оттуллаллар. Тэрилтэ ситимигэр 404 социальнай эбийиэк, ону таһынан 1400-чэ чааһынай ыаллар холбонон олороллор. Маннык улахан хаһаайыстыбаны, эбийиэктэри 585 үлэһит эҥкилэ суох хааччыйан, толору күүһүнэн үлэлэтэн олорор. Кинилэр ортолоругар тэрилтэҕэ 10-20 сыл, онтон да уһуннук бэриниилээхтик үлэлии сылдьар дьон аҕыйаҕа суохтар.

Нэһилиэктэргэ сылдьан иһиттэххэ, үгүс сиргэ дьон-сэргэ саамай туруорсар туруорсуута – дьиэ-уот, үлэлиир тэрилтэ, бары да эбийиэктэр кыһынын сылаас буолалларын инниттэн саҥа хочуолунайы тутуу биитэр баар хочуолунай кыамтатын үрдэтии буолар. Маныаха сыһыаннаан:

— Ааспыт сыл биһиэхэ таһаарыылаах сыл буолла, — диэн бэлиэтиир салайааччы. – Тэрилтэбит, өрөспүүбүлүкэ салалтата өйөөннөр, инвестбырагырааманан Бөкөҕө, Моорукка гааһынан оттуллар модульнай хочуолунайдар үлэҕэ киирдилэр. Онон Бөкөҕө саҥа модульнай хочуолунайга 2 олорор дьиэ уонна 8 социальнай эбийиэк, Моорукка 5 олорор дьиэ уонна 5 социальнай эбийиэк холбонон үлэлии олороллор. Дойдуунускайга чоҕунан оттуллар хочуолунай тутуллан быйыл үлэҕэ киириэхтээх. Балыктаахха хочуолунай кыамтатын улаатыннаран, өссө эбии 2 хочуол туруоран, 60-ча чааһынай ыалы киинтэн ититиигэ холбуохтаахпыт.

Тэрилтэ өрөмүөннүүр бырагыраама ааспыт сыллааҕы былаанын барытын толорон, кыстыкка толору бэлэмнээх киирбит. Үлэлэрин биир хайысхата – эбийиэктэри ситимҥэ технологическай холбооһун. Быйыл Майаҕа 2, Чүүйэҕэ 1, Аллараа Бэстээххэ 2 элбэх кыбартыыралаах дьиэлэри киинтэн ититии ситимигэр холбообуттар.

Үлэһиттэрэ тустаах эбээһинэстэригэр эппиэтинэстээх сыһыаннарын, кинилэргэ эрэнэрин туһунан тоһоҕолоон бэлиэтиир:

— Нэһилиэктэргэ учаастактарбытыгар үлэлиир маастардар, салайааччылар – тутаах дьоммут буолаллар. Кыстыгы, кыһыҥҥы тымныыны этэҥҥэ туоруурбутугар улахан эппиэтинэс кинилэргэ сүктэриллэр. Кинилэр үлэлэриттэн элбэх, дьон нус-хас олоҕо тутулуктаах. Тымныы күн-дьыл турдаҕына син биир ититэр ситимҥэ, хочуолларга кыралаан алдьаныы-кээһэнии, тоҥуу-хатыы тахсыталыыра ханна барыай. Ону барытын биһиги дьоммут тутатына миэстэтигэр быһаараллар, өрөмүөннүүллэр. Ол кыаллыбатаҕына Майаттан саахалы туоратыыга диспиэтчэр сулууспатын үлэһиттэрэ көмөҕө тиийэллэр, — диир Иннокентий Эдуардович.

Олох-дьаһах, хомунаалынай хаһаайыстыба тэрилтэтиттэн анал байыаннай дьайыыга 9 үлэһит барбыт. Билигин 3 уол уоппускаҕа кэлэ сылдьаллар. Барыларын дьиэ кэргэннэригэр, чугас дьонноругар сүрүн кыһалҕаларын быһаарыыга, кыстыкка киириигэ бэлэмнэниигэ нэһилиэктээҕи учаастактарга бииргэ үлэлиир уолаттара күүс-көмө буолаллар. «Ону таһынан өрөспүүбүлүкэбит, улууспут көҕүлээһининэн, «ДьУоХХ» ГУТ көмөтүнэн ытык иэстэрин толоро сылдьар дьоммут дьиэлэрин киинтэн ититиигэ холбоотубут», – үлэһиттэрин аймахтарыгар улахан өйөбүл хамсааһын туһунан кэпсээтэ.

«ДьУоХХ иһинэн үлэлиир саахалы туоратыыга диспиэтчэр сулууспата (АДС) 22 үлэһиттээх, ол иһигэр 4 диспиэтчэр, 4 суоппар, онтон ордуга – саахал түгэнигэр чөлүгэр түһэриигэ үлэлиир силиэсэрдэр буолаллар», – диэн «Олох-дьаһах, хомунаалынай хаһаайыстыба» ГУТ Мэҥэ Хаҥаластааҕы салаатын саахалы туоратыыга диспиэтчэр сулууспатын начаалынньыга Людомир Романов иһитиннэрдэ. Үлэһиттэр 4 симиэнэнэн 12-лии чаас тураннар тэрилтэ эбийиэктэригэр алдьаныы-кээһэнии тахсыбатын туһугар түбүгүрэллэр. Быйылгы кыстыкка, уһун өрөбүллэргэ этэҥҥэ улахан алдьаныыта-кээһэниитэ суох туораатыбыт, кыра тэстиилэр, тоҥуулар тахсыталаабыттарын тутатына туораттыбыт диэтэ.

Түмүккэ тэрилтэ салайааччыта Иннокентий Яковлев хас биирдии үлэһит, салайааччы эппиэтинэһи толору өйдүүр буолан, үлэлэрэ сөпкө баран иһэрин, кыстыгы эмиэ этэҥҥэ туоруохпут диэн улахан эрэллээҕин, ол кэннэ номнуо бу сыллааҕы өрөмүөннүүр үлэлэри ыытарга бэлэмнэнии үлэтэ саҕаламмытын туһунан эттэ.

 

 

Февронья ОХЛОПКОВА.

 

Иван ЛУКИН устуута.