Иннокентий Сосин төрөөбүтэ 95 сылынан “Суруйааччыга ыалдьыттыах” мусуой-хос үөрүүлээхтик арылынна

Майаҕа ахсынньы 12 күнүгэр И.М.Сосин аатынан улуустааҕы киин бибилэтиэкэҕэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ, ССРС Суруналыыстарын, Арассыыйа суруйааччыларын сойуустарын чилиэнэ, СӨ Бочуоттаах Ытык кырдьаҕаһа, Мэҥэ Хаҥалас, Уус Алдан улуустарын, Майа, Моорук, Тараҕай, Мүрү нэһилиэктэрин Бочуоттаах гражданина Иннокентий Михайлович Сосин төрөөбүтэ 95 сылын түмүктүүр “Алаас ахтылҕаннаах ырыаһыта”  литературнай түһүлгэ ыытылынна.

Бу күн бэйиэт, прозаик, кыраайы үөрэтээччи Иннокентий Сосиҥҥа аналлаах “Суруйааччыга ыалдьыттыах” мусуой-хос үөрүүлээхтик арылынна. Ааҕааччыга кини ырыаһыт бэйиэт, публицист, оҕо суруйааччыта, сатирик, билгэһит, былыргы номохтору, үһүйээннэри тарҕатааччы, очеркист уонна эколог суруйааччы быһыытынан биллэр.

Үөрүүлээх тэрээһини бибилэтиэкэ үлэһиттэрин “Сайа” литературнай бөлөҕө бэйиэт хоһооннорунан “Төрөөбүт дойду ахтылҕана” уус-уран дьүһүйүүнү ааҕан арыйдылар. Ыытааччылар Марина Трифонова, Наталья Басова суруйааччы биографиятын, олоҕун туһунан сырдаттылар. Күөх экраанынан ыытыллыбыт тэрээһиннэр көстө турдулар. 2015 с. кулун тутар 18 күнүгэр Мэҥэ Хаҥаластааҕы киин бибилэтиэкэ төрүттэммитэ 80 сылын көрсө дьокутааттар оройуоннааҕы сэбиэттэрин быһаарыытыгар олоҕуран улуус баһылыга Николай Старостин дьаһалынан улуустааҕы киин бибилэтиэкэҕэ Иннокентий Михайлович Сосин аата иҥэриллибитэ.

Мэҥэ Хаҥаластааҕы кииннэммит бибилэтиэкэ ситимин дириэктэрэ Марианна Никанорова 2023 сылы бибилэтиэкэ ситимин эйгэтигэр «Сосин сылынан» биллэриллэн үгүс тэрээһиннэр ыытыллыбыттарын кэпсээтэ.

— 2023 сыллаах халандаар бэчээттэнэн тахсыбыта. Манна суруйааччы 1993 с. таһаарбыт “Төгүрүк сыл күн-дьыл билгэтэ” диэн кинигэтиттэн киллэрэн оҥоһуллубут. Олунньу 13 күнүгэр Сурук-бичик күнүн көрсө “Алааһым аргыс тыала” сэһэниттэн “Киһи дьоло үс төрүттээх” диэн сахалыы дьыктаан улуус үрдүнэн суруллубутугар 500-тэн тахса киһи кыттыбыта. Мантан 100-тэн тахса киһи “5” сыананы ылбыта. Сахалыы ийэ тыл дэкээдэтин чэрчитинэн быйыл бастакытын “Суосун ааҕыылара”, М.И.Брызгалова аатынан оҕо бибилэтиэкэтигэр үтүө үгэскэ кубулуйбут “Чообуо чооруостар”, “Ийэм, аҕам уонна мин – ааҕар дьиэ кэргэн” куонкурустар ыытыллыбыттара. Быйылгы биир сүрүн тэрээһиммитинэн суруйааччы дойдутугар Моорук нэһилиэгэр бэс ыйын 3 күнүгэр ”Суосун сарыаллаах Суолата” диэн ырыа-хоһоон түһүлгэтин тэрийиибит буолар. Манна “Ырыаларым – саныыр санаам саҕахтара” ырыа куонкуруһа, “Алаас ахтылҕаннаах ырыаһыта” суруйааччы айымньыларынан инсценировка куонкуруһа, “Үтүө бэйиэт Киэсэ Суосун” анабыл хоһоон куонкуруһа уонна суруйааччы тэлгэһэтигэр ахтыы түһүлгэтэ, олорбут дьиэтигэр мемориальнай дуоска арыллыыта буолбуттара. Быйыл бэйиэт хоһооннорунан “Биир сайын Суолаҕа” диэн муусукаалынай испэктээк туруорбуппут. Испэктээк сценарийын  библиографпыт Надежда Сидорова суруйбута. Оруолларга бибилэтиэкэ уонна култуура үлэһиттэрэ оонньууллар. Бүгүн суруйааччыга анаан мусуой-хос арыйдыбыт. “Алаас ахтылҕаннаах ырыаһыта” диэн суруйааччы 17 уостан түспэт ырыалара QR кодтаах киирбит М.К.Попова аатынан Майатааҕы оҕо ускуустубатын Анастасия Константинова салайааччылаах уруһуй кылааһын үөрэнээччилэрин уруһуйдарынан аккырыыкка нобуорун оҥорон ыалдьыттарбытыгар бэлэх ууммуппут. Айылҕалыын ыкса алтыспыт суруйааччы буоларын быһыытынан сайын хаптаҕас, дьэдьэн, отон сэбирдэхтэрин хомуйан, хатаран чэй нобуора оҥорон, онно суруйааччы 12 кинигэтэ QR кодтаах киллэриллибит нобуорун бүгүн барыгытыгар бэлэх уунабыт – диэтэ итиэннэ бибилэтиэкэ ыытар үлэлэригэр мэлдьи күүс-көмө буолар, мусуой-хос оҥоһуутугар улахан кылаатын киллэрбит улууспут култууратын уонна духуобунай сайдыы салалтатын мэтэдьииһэ, дизайнер Светлана Чириковаҕа сибэкки дьөрбөтүн уонна Махтал суругу туттарда, ыалдьыттарга чэй нобуорун бэлэхтээтэ.

И.М. Сосин улахан кыыһа, педагогическай наука хандьыдаата, СӨ үтүөлээх учуутала, Амматааҕы академик Л.В. Киренскэй аатынан лиссиэй дириэктэрэ Дария Захарова, кыра кыыһа, ХИФУ научнай бибилэтиэкэтин информационнай киинин сүрүннүүр бибилэтиэкэрэ Октябрина Сосина аҕаларын туһунан истиҥ-иһирэх ахтыы оҥордулар.

— Биһиги аҕабыт аатын үйэтитиигэ, айымньыларын киэҥ эйгэҕэ тарҕатыыга бибилэтиэкэ уонна култуура үлэһиттэрэ үгүс үлэни ыыттыгыт. “Чуораанчык” сурунаал хоһоон куонкуруһун ыыппытыгар элбэх оҕо кыттыбыта. ХИФУ саха салаатыгар үөрэнэр устудьуоннарыгар Августина Владимирова-Хабарова “Ахтан-санаан ааһыахха”  диэн суруйааччылары сырдатар бырайыагынан олус иһирэх көрсүһүү тэрийэн ыыппыта. Аҕабыт туһунан өрөспүүбүлүкэ, улуустар хаһыаттарыгар элбэхтик таҕыста. Бүгүн наһаа үчүгэй мусуой-хос арылынна. Инникитин бу бибилэтиэкэ аныгылыы киэҥ-куоҥ таас дьиэлэнэригэр баҕарабыт. Аҕабыт бибилэтиэкэни олус сөбүлээн сылдьара, бибилэтиэкэрдэри кытта ыкса сибээстээхтик үлэлиирэ. Оҕолоро, сиэннэрэ “Кэскил” хаһыакка анал нүөмэр таһаарбыттара, QR кодтаах, манна суруйааччы туһунан сиэннэрэ кэпсииллэрэ киирбитэ. Бибилэтиэкэ үлэһиттэригэр баҕарабыт былааҥҥыт олоххо киирэн иһэригэр, үлэҕит ситиһиилээх буоларыгар, —  диэн тураннар сиэннэрэ оҥорбут атахтаах мобильнай истиэндэ уонна “Кэскил” хаһыаты ыалдьыттарга бэлэх ууннулар.

Амматааҕы лиссиэйтэн саха тылын уонна литэрэтиирэтин учуутала Мария Ноговицына ахтыы оҥордо:

— И.М.Сосин Амма улууһугар хаһыат эрэдээктэринэн, Бөтүҥ оскуолатыгар саха тылын уонна литэрэтиирэтин учууталынан үлэлээбитэ. Амма дьонугар-сэргэтигэр киһи быһыытынан үтүө өйдөбүлү хаалларбыта. Ол туһунан “Кэскил” хаһыакка сырдаттыбыт. Манна суруйааччы сиэнэ, Амматааҕы лиссиэй 7-с “б” кылааһын үөрэнээччитэ Ира Захарова улахан көмөнү оҥордо. Кини эһэтин дьиэтээҕи архыыбыттан урут ханна да бэчээттэнэ илик чахчылары, сонун иһитиннэриилэри булан бу анал таһаарыыга киллэрдэ.

Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ Арассыыйа суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ Иван Осипов-Уйбаан Ойуур, Уус Алдан улууһуттан РФ Ыччат бэлиитикэтин бочуоттаах үлэһитэ, философскай наука кандидата Иван Копырин, РФ театральнай диэйэтэллэрин сойууһун чилиэнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Саргылана Адамова, суруйааччы биир дойдулаахтара,  Майа олохтоохторо “Махтана саныыбын”, “Тугу-тугу диэҥ этэй”  ырыалар матыыптарын суруйбут мелодист Дмитрий Егоров, аймахтара инженер-электрик идэлээх үлэ бэтэрээнэ Тимофей Сосин, “Таммахтар” биллэр-көстөр үлэлээх ааптара Марфа Попова-Мусьяна Сосина, о.д.а. кыттыыны ыллылар.

СӨ үөрэҕириитин туйгуна, СӨ суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, “Таммахтар” улуустааҕы литературнай холбоһук сүбэһитэ  Августина Владимирова-Хабарова “Таммахтар” улуустааҕы литературнай холбоһук аатыттан эҕэрдэлээтэ уонна кылгастык:

— 1971 с. Иван Иванович Брызгалов “Таммахтар” улуустааҕы литературнай холбоһугу  төрүттээбитэ, онтон Иван Афанасьевич Сысолятин 18 сыл салайбыта. Кини 1999 с. олохтон барбытыгар Иннокентий Михайловиһы салайааччы оҥорбуттара, онно миигин сэкирэтээринэн ылбыта. Оҕо суруйааччытын быһыытынан “Кэскил” хаһыаты кытта ыкса үлэлэспитэ. “Таммахтар” ааптардарын, Толомон, о.д.а. суруйааччылар ааҕыыларын ыыппыппыт. Иннокентий Михайлович дьүүллүүр сүбэҕэ үлэлиирэ. Киниттэн учууталлыыр сылларбар элбэҕи туһаммытым, кылаас таһынан ааҕыыларга айымньылара элбэхтик көмөлөспүттэрэ, — диэн ахтыы оҥордо.

Ирбэт тоҥ биологическай проблемаларын чинчийэр институт кылаабынай научнай исписэлииһэ СӨ наукатын үтүөлээх диэйэтэлэ, биология билимин дуоктара, Амма улууһун Б  очуоттаах гражданина, мелодист Христофор Максимов уола, саха ырыатын-тойугун сайдыытыгар үлэлиир  пуонда салайааччыта Трофим Максимов “Биһиги бииргэ төрөөбүт үһүөбүт, аҕабыт сэрии иннинэ, Майаҕа бастакы холкуоһунай тыйаатыр арылларыгар агит биригээдэлэргэ сылдьан айымньылаахтык үлэлээбит. Ол иһин суруйааччы биһиги аҕабытын Мэҥэ Хаҥалас оройуонугар эт-үүт элбииригэр улахан үтүөлээх киһинэн ааҕарын суруйбута. Аҕабыт Иннокентий Михайловичтыын доҕордуу сыһыаннаахтара, биир тандем буолан үлэлээбиттэрэ, ол түмүгэр элбэх ырыа суруллубута,” – диэн истиҥник ахтан-санаан ааста уонна бибилэтиэкэҕэ Христофор Максимов туһунан ахтыылары, араас сылларга буолбут кэнсиэрдэрин диискэлэрин бэлэхтээтэ.

Суруйааччыга анаммыт мусуой-хос киэҥ ис хоһоонноох. Сосиннар дьиэ кэргэнинэн түспүт хаартыскалара, үбүлүөйдээх сылыгар оҥоһуллубут аккырыыккалар, бэлэхтэммит сахалыы иһиттэр, чорооннор, чаһыта, араадьыйата, о.д.а. туттубут маллара туруоруллубуттар. И.М.Сосины саха суруйааччылара үрдүктүк сыаналаан, киниэхэ махтанан, үтүө тылларын анаан бэлэхтээбит кинигэлэриттэн эҕэрдэлэр, суруйааччы айымньыларынан оҕолор уруһуйдарын «Суосун кинигэлэрин аахтахха…” истиэндэтин библиограф Надежда Сидорова сырдатта. Үлэлээбит остуолун кыргыттара бибилэтиэкэҕэ бэлэхтээбиттэр. Ол үрдүгэр стационарнай төлөпүөн, остуол лаампата, баартыйа Мэҥэ Хаҥаластааҕы райкома суруйааччы 55 сааһыгар бэлэхтээбит чаһыта, остуол сирэйигэр саамай наадалаах кумааҕылары баттата уурар таас, бэчээттиир массыыҥка, куопуйалыыр түһэрээнньик ууруллубуттар. Бу туһунан итиэннэ Иннокентий Михайлович бастакынан компьютерданан, кинигэлэрин бэйэтэ бэчээттиир, аныгы олоҕу кытта тэҥҥэ хаамсар суруйааччы буоларын кииннэммит бибилэтиэкэ ситимин сүрүннүүр мэтэдьииһэ Мария Габышева сырдатта.

М.И. Брызгалова аатынан Майатааҕы оҕо бибилэтиэкэтин сэбиэдиссэйэ Ольга Дьяконова:

— Моорук Суолата баай улахан устуоруйалаах, дириҥ силистээх-мутуктаах дойду буолар. Биһиги улуус 30-тан тахса суруйааччылаах буоллахпытына, онтон 11-рэ Мооруктан төрүттээхтэр. «Айар тыл маҥнайгы хараҥаччылара уонна суруйааччылара” диэн истиэндэҕэ Николай Афанасьевич Апросимов, Афанасий Семенович Порядин, норуодунай бэйиэт Рафаэль Дмитриевич Ермолаев-Баҕатаайыскай, Семен Никонович Ермолаев-Сиэн Өкөр, Сахаайа Рафаэловна Ермолаева, Александра Николаевна Кардашевская-Харыстаана, Иннокентий Михайлович Сосин, Константин Ильич Сосин, Степан Иванович Тимофеев, Михаил Михайлович Апросимов, Раиса Николаевна Кардашевская  QR код сыһыарыылаах киирдилэр. Манан киирэн кинилэр тустарынан элбэҕи билиэххэ, айымньыларын ааҕыахха сөп, — диэн билиһиннэрдэ.

Киһи үтүө аата дьоно-сэргэтэ өйдүүллэрин тухары тыыннаах. Тэрээһин кыттыылаахтара дьыл-хонук аастаҕын аайытын саха норуотун тапталлаах суруйааччыта, 150-тан тахса ырыа, о.и. “Мэҥэлэр Өрөгөй ырыаларын”, 50-тан тахса кинигэ ааптара И.М. Сосин олорон ааспыт олоҕун, суруйан хаалларбыт айымньыларын иитэр-үөрэтэр суолталара, ис хоһоонноро кэҥээн, дириҥээн иһэллэрин бэлиэтээтилэр.

 

Марелла Баишева.