Мэлдьи күөх кырыстаах Дьабыыл нэһилиэгэр 5 бааһынай хаһаайыстыба үлэлиир. Кинилэр сүнньүнэн ынах, сылгы иитиитинэн, бурдук ыһыытынан дьарыктаналлар. Манна үлэ саҥа хайысхата киирэн алтынньы 24 күнүгэр Лариса Иванова салайааччылаах 500 бройлер көтөр иитиллэр пиэрмэтэ арыллар дьоро күнэ үүннэ. Өрөспүүбүлүкэҕэ Үлэ, Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Тыа хаһаайыстыбатын сылларынан биллэриллэн, тыа хаһаайыстыбатын саҥа хайысхатын сайыннарар сыаллаах бырайыагынан улуус баһылыгын 5 мөлүйүөн солкуобайдаах Гранын нэһилиэк баһылыга Дмитрий Петров көмүскээн олоххо киллэрдэ. Бу Ил Дархан Айсен Николаев түргэнник ситэр салааны сайыннарыыга туруорбут соругун улууспут дьаһалтатын кытта Дьабыыл нэһилиэгин дьаһалтата бииргэ үлэлэһэн Илин Эҥэргэ саҥа тэриллибит салаа бастакы хардыынан буолла.
Үөрүүлээх чааһы “Түһүлгэ” култуура киинин үлэһиттэрэ иилээн-саҕалаан ыыттылар. СӨ үтүөлээх, улуус Дархан оһуокай этээччитэ, олохтоох алгысчыт Денис Оконешников аал уотун арыылаах алаадьынан, алгыстаах быырпаҕынан айах тутан күндүлээтэ итиэннэ көтөр кынаттааҕы сөбүлээн иитэр хаһаайыстыбаны Үрдүк Айыылартан, аан дойду иччилэриттэн инникитин дьаҥтан-дьаһахтан арчылыылларыгар-араҥаччылыылларыгар көрдөһөн амалыйда. Уус-уран көрүүлэр хас да төгүллээх кыайыылаахтара, нэһилиэк агротехнологическай хайысхалаах оскуолатын үлэҕэ уһуйар маастара Дьулустан Брызгалов ырыанан эҕэрдэлээтэ. Лиэнтэни быһар чиэс улуус баһылыгар Дмитрий Тихоновка, улуус тыатын хаһаайыстыбатын управлениетын салайааччытыгар Иннокентий Семеновка, нэһилиэк баһылыгар Дмитрий Петровка уонна хаһаайыттарга Лариса, Егор Ивановтарга бэрилиннэ.
Нэһилиэк баһылыга Дмитрий Петров ыҥырыылаах ыалдьыттары, нэһилиэк олохтоохторун Ивановтар бааһынай хаһаайыстыба бройлер көтөрүн пиэрмэтэ арыллыбыт үөрүүлээх күнүнэн эҕэрдэлээтэ. Кини: “Бу бырайыак улууспут баһылыгын Дмитрий Тихонов быһаччы көҕүлээһининэн олоххо киирдэ. Тыа хаһаайыстыбатын сайыннарар улуус бырагырааматынан бэриллибит гран харчыта түргэнник көрүллэн, суол сабыллыан иннинэ матырыйаала таһыллан үлэ-хамнас тэтимнээхтик баран бастакы түһүмэҕэ – кыстык хотоно үлэҕэ киирдэ. Аны Мыраан сайылыгар уот тардаммыт сайыҥҥы пиэрмэни тэрийиэхпит. Аныгы ирдэбилгэ сөп түбэһиннэрэн астыыр-үөллүүр пууну, эти тоҥорор тэрилин ылан салгыы үлэ барыаҕа. Ивановтар бааһынай хаһаайыстыбалара эбиэс бурдугу ыһан саҕалаабыттара. Быйыл куурусса аһылыгар бэлэмнээн ньэчимиэн бурдугу ыһан хомуйдулар. Инникитин маннык үлэҕэ туһулаан улуус сүөһү аһылыгын бэлэмниир бырагырааматыттан үбүлээн уонна онно нэһилиэнньэ көмөлөһөн мөлүйүөнтэн тахса суумалаах сиэйэлкэ ылбыппыт. Онтон тоҕо бройлеры таллыгыт диир буоллахха, биһиги элбэхтик ырытан бараммыт бэйэтэ хаһыс да сылын иитэр уонна үлэлииргэ баҕалаах Лариса Афанасьевна кэргэнэ Егор Петровичтыын улахан дьиэ кэргэн буолалларын учуоттаан көмөлөһөр санааттан итиэннэ куурусса этэ нэһилиэнньэҕэ билигин аһылык быһыытынан элбэхтик туттуллар, диетичэскэй, битэмиининэн баай аһылык быһыытынан уонна сыаната чэпчэкитинэн дьон сөбүлээн сиир аһылыга буоларынан талбыппыт. Онон сымыыкка буолбакка, эти биэрэр кууруссаҕа бардыбыт. Инникитин өссө кэҥээн бүддьүөт тэрилтэтин хааччыйыыга, хаһаайыстыба сайдыытыгар туһанаары киирэн иһэр санаалаахпыт. Улууспут салалтатыгар, тыа хаһаайыстыбатын управлениетыгар, махталбыт улахан”, — диэн туран көтөр пиэрмэтин салайааччы Лариса Ивановаҕа Эҕэрдэ суругун кытта сэмэй бэлэҕин туттарда.
Дмитрий Тихонов өссө биир бырайыак олоххо киирбитинэн эҕэрдэлээтэ. Былырыын тыа хаһаайыстыбатын салгыы хайдах сайыннарабыт уонна саҥа сүүрээннэри хайдах киллэрэбит диэн уопсастыбаннаһы, бэтэрээннэри, нэһилиэктэр баһылыктарын кытта сүбэлэһэн оҥоһуллубут бырайыак буолар. Тыа хаһаайыстыбатыгар ыччат ылсан үлэлээбэт, киин сирдэргэ тардыһар буолбута баар. Дойду үрдүнэн буортута суох аһы оҥорорго үлэ бара турар. Хас биирдии нэһилиэккэ оҥорон таһаарыы баар буолуохтаах. Онно кыттыһан улууспутугар 3 сыл тухары тыа хаһааайыстыбатын сылларын биллэрбиппит. 2023 сылы 50 мөл. харчынан саҕалаабыппыт. Онтон 10 мөл. үбү 2 бырайыакка гран быһыытынан көрөн үлэ барбыта. Манна 10 нэһилиэктэн бырайыактар киирбиттэрэ. Ол иһигэр Лариса, Егор Ивановтар дьиэ кэргэн бырайыага Петр Иванович салайааччылаах улахан хамыыһыйаны ааһан, нэһилиэккит баһылыга Дмитрий Дмитриевич көмүскээн барытын олоххо киллэрэбит диэн дакаастаан кыайыылаах тахсыбыккыт уонна бастакы түһүмэҕин олоххо киллэрдигит. Салгыы 2-с түһүмэҕи олоххо киллэрэр үлэ барыаҕа. Маҕаһыыҥҥа уонна сабыылаах тэрилтэлэрбитигэр киирэргэ толору үчүгэй ааттаах-суоллаах бородууксуйа баар буолуохтаах уонна сүрүн сыалбыт-сорукпут диэн биһиги дьоммутун-сэргэбитин ыраас аһынан хааччыйыыбыт буолар. Доруобуйа харыстабылын үлэһиттэрэ этэллэринэн, сылга 1 киһи 40 кг көтөр этинэн аһыахтаах диэн буолар, ону ааҕан көрдөххө, улууспут 33000 киһитигэр 1300-чэкэ туоннаҕа тахсар. Онон оҥоһуллубут бородууксуйаны батарыыга боппуруос үөскүө суохтаах. Лариса сылга 9 туонна курдук эти оҥоробут диэтэ, онон бэйэбитин 100% хааччыйарга өссө кэҥээн көтөр пиэрмэлэрин салгыы тутуохтаахпыт. Саҥа былааннары оҥорон, элбэх киһи үлэлээх буоларыгар уонна биллэн турар, биһиги үлэһит дьоммут тыа сиригэр туруктаах буолалларыгар маннык бырайыактар өссө үлэлиэхтэрэ. Кэлэр сылга улууспутугар эмиэ 50 мөл. кырата суох харчыны тыа хаһаайыстыбатыгар көрүөхпүт уонна маннык курдук үчүгэй бырайыактары нэһилиэк аайы баар буолалларыгар үлэни-хамнаһы ыытыахпыт, — диэтэ уонна Лариса Ивановаҕа Эҕэрдэ суругун, сэмэй бэлэҕин туттарда. Улуус баһылыгын Махтал суругунан Улууска тыа хаһаайыстыбатын сайдыытыгар кылаатын уонна өр сыллаах үлэтин иһин Егор Иванов наҕараадаланна.
СӨ агропромышленнай комплексын ресурснай хааччыйыы киинин салайааччытын солбуйааччы Дмитрий Филиппов: “Бастатан туран, биһиги СӨ тыатын хаһаайыстыбатын уонна аска-үөлгэ бэлиитикэтин министиэристибэтин аатыттан түргэнник сайдар салаа туһалааҕын учуоттаан сөпкө ылсан оройуон эрэ буолбакка, өрөспүүбүлүкэ аһыгар-үөлүгэр күүскэ ылсар күүстээх санаалаах быһаарыыны ылынан маннык улахан эбийиэги үлэҕэ киллэрбиккитинэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин! Өрөспүүбүлүкэҕэ 4000-тан тахса бааһынай хаһаайыстыба үлэлиир. Бу улахан хамсааһын диэн бэлиэтиибит. Кэлиҥҥи сылларга бааһынай хаһаайыстыбалар сыллата элбээн иһэллэр. Сүөһү, сылгы иитиитин курдук төрүт дьарыктары кытта тэҥнээн көрдөххө түргэнник сайдар салаа саҥа хамсааһын буолар. Нэһилиэнньэбитин бэйэбит оҥорон таһаарар сибиэһэй бородууксуйанан хааччыйар сыаллаах-соруктаах элбэх үлэ күүтэр” диэтэ итиэннэ Ивановтар хаһаайыстыбалара үрдүк таһымҥа тахсалларыгар баҕаран туран Миниистир Артем Александров аатыттан Эҕэрдэ сурук уонна сэмэй бэлэх туттарда.
Дьокуускайтан сүөһү-ас департаменын исписэлииһэ, көтөрү иитэр хаһаайыстыбалары кытта үлэлэһэр Лена Сташкова ыалдьытынан кэлэн үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ кыттыыны ылла. Кини Лариса Иванованы министиэристибэҕэ сүбэ кэпсэтиигэ ыҥырда.
Улууска тыа хаһаайыстыбатын управлениетын салайааччы Иннокентий Семенов: “Киһи бэйэтин үлэтин сөбүлүүр буоллаҕына үлэ инникилээх уонна тахсыылаах буолар. Лариса Афанасьевна бэйэтэ фанат буолан сөбүлүүр дьарыгынан үлэлиирин билэбит, онон өссө дьиэ кэргэҥҥэ хайа салааҕа хайдах көмөлөр баалларынан көрөн өйүөхпүт. Эһиги ылсыбыт дьыалаҕытын сайыннаран уонна өссө кэҥэтэн иһэргитигэр баҕарабыт” диэн туран Эҕэрдэ суругун, сэмэй бэлэҕин итиэннэ бу тутууга биир сүрүн үлэни толорбут сыбаарсык идэлээх Юрий Борисовка Махтал суругун туттарда. Дьабыыл агрооскуолатын дириэктэрэ Василий Петров саҥа хайысхаҕа үлэлиир хаһаайыстыбаҕа оҕолору сыһыаран үлэлэһэргэ былаан оҥостон ылсыахпыт, уопсай күүһүнэн бэйэбит испитигэр каадырдары бэлэмнээн таһаардахпытына салгыы сайыннарар үлэни кыайыахпыт диэн санаатын эттэ.
Лариса Афанасьевна ынах сүөһү иитиитинэн уонна бурдук ыһыытынан 2018 сылтан дьарыктанар. Кини нэһилиэгэр тыа хаһаайыстыбатын исписэлииһинэн кылгас кэмҥэ үлэлээбитэ. Үлэтин сүнньүн билэр хаһаайка бу сыллар тухары мунньуммут уопутун туһанан нэһилиэнньэни битэмиининэн баай, доруобуйаҕа туһалаах куурусса этинэн хааччыйар баҕатын олоххо киллэрдэ. Манна кинини дьиэ кэргэнэ өйөөн күүс-көмө буолаллар. 4 оҕолоох дьиэ кэргэн аҕалара Егор туһунан кылгастык сырдаттахха, кини 10 оҕолоох Дьоруой ийэ Дария Васильевна, Петр Семенович Ивановтар дьиэ кэргэн улахан оҕолоро буолан кыра сааһыттан үлэни билэн улааппыта. Егор Петрович сопхуоска мэхэньисээтэринэн таһаарыылаахтык үлэлээн бастыҥнар кэккэлэригэр сылдьыбыта. Кэлин 17 сыл «Алмазы Анабара” идэтинэн үлэлии сылдьыбыта. Билигин СахаТранснефтегаз тэрилтэҕэ үлэлии сылдьан саҥа хайысханы ылсыбыт дьиэ кэргэнин өйөөн дьонугар тирэх, төһүү күүс буола сылдьар.
Л.А. Иванова: “2023 с. кулун тутар 6 күнүгэр улуус граныгар кыттыбытым. Бырайыакка кыайаммыт ол гранынан бройлер куурусса пиэрмэтин бүгүн арыйдыбыт. Манна улуус баһылыгар, тыа хаһаайыстыбатын управлениетыгар, олохтоох дьаһалта баһылыгар бырагыраамабытын таларбытыгар өйөөн-өйдөөн сөптөөх хайысхаҕа кытыннаран, 30- тахса нэһилиэк кыттыбытыттан биһигини талбыттарыгар улаханнык махтанабыт. Инникитин кинилэр эрэллэрин түһэн биэрбэккэ ыйыыларынан-кэрдиилэринэн үлэлиэхпит. Билигин 3 үлэһиттээхпин. Быйыл сымыыты 4-тэ таһаараммыт 1300 төбө кууруссаны таһаарбыппыттан 300-һү чоппуускатынан ыам ыйыгар уонна бэс ыйыгар атыылаатым. Тутуубут ситэ бүтэ илик буолан сорох көтөр таһырдьа турар. Билиҥҥи туругунан 320 төбө 3 көрүҥ кууруссалаахпын, “Ross-308”, “Кобб-500” уонна “Редбро” саһархай боруода бааллар. Бройлер 7 көрүҥэ баарын билэбин, онтон 4-үн иитэн боруобалаатыбыт. Ити уган туруорарым белорусскай “Ross-308” боруода. Дьиҥэр 600 төбөнү сакаастаабытым да 270-ну эрэ ыыттылар. Бэйэтэ оҥорон таһаарар урбаанньыттан ылабын, онон олус былдьаһыктаах буолар. Сымыыт инкубатортан 100% син-биир тахсыбат, онтон тахсыбытын кэннэ сороҕо охтор, онон 10% ыллаххына үчүгэй ситиһии диэн буолар. Уопутум элбээтэҕинэ охторо аҕыйаан иһиэхтээх. Саҥа хотоммут сырдык, сылаас буолуо, чоппуускаларга сылаас наада. Улааппыттар сөрүүҥҥэ олороллор. Билигин таһырдьа тураллар, кинилэр тоҥмоттор. Сакаас киирэринэн көрөн туттабыт. Миэхэ саамай илии-атах, сүбэһит, толорооччу, оҥорооччу барыта кэргэним уонна оҕолорум буолаллар. Улахан кыыспыт Александра юрист идэлээх буолан аһылыктарын, сымыыты кытта дуогабары кини оҥорсор. Кыра кыыһым Алина кэргэним балта Саргыланалыын ис-тас үлэтигэр көмөлөһөллөр. Хамнастарын 2 ыйга сэмэй да соҕус буоллар, төлөөтүм. Улуустааҕы атыы-эргиэн дьаарбаҥкатыгар аҕалбыт көтөрдөрбүт этэ атыыга хамаҕатык барар. Дьокуускай куоракка 10 хонуктаах дьаарбаҥка буолан, онно үчүгэйдик батардыбыт. Куорат маҕаһыыннара сэргээн 8 батарар сирдэннибит. Онно суол сабыллыан иннинэ киллэрэн туттарыахпын баҕарабын. Майаҕа «Вилена” маҕаһыын, Төҥүлүгэ “Хоту” СХПК атыылаан көмөлөһөллөр, бу күннэргэ “Сатал” ырыынак сакаастаата. Бүгүҥҥү тэрээһиҥҥэ ыҥырыылаах ыалдьыттар бары кэлбиттэриттэн сүрдээҕин астынным» диэн түбүктээх үлэҕэ күннэтэ миккиллэ сылдьар Лариса Иванова үөрэ-көтө санаатын үллэһиннэ итиэннэ бэйэтин аатыттан анал Махтал суруктарын Дмитрий Тихоновка уонна Дмитрий Петровка туттарда.
Улахан уоллара Петр ыал буолан куоракка олорор, 2 оҕолоохтор, кыра уоллара Егор устудьуон, Омскай куоракка летнай училищеҕа үөрэнэр. Ивановтар дьиэ кэргэн 3 улахаттара ыал буолан 4 сиэн эбэтэ, эһэтэ буолаллар.
Дмитрий Дмитриевич саҥа тэриллибит хаһаайыстыба түргэнник атаҕар турарыгар сопхуос эстиэҕиттэн үлэлээбэккэ турбут Мыраан сайылыгы уотун-күөһүн тартаран сайынын онно сайылыыр усулуобуйаларын оҥостоллоругар көмөлөһүөхпүт диэтэ. Киэҥ хабааннаах үлэ күүтүллэр. Лариса Афанасьевна көтөрүн хаһаайыстыбатыгар оҕону кыра сааһыттан тыа хаһаайыстыбатын үлэтигэр сыһыарар сыаллаах тэриллибит олохтоох агротехнологическай хайысхалаах оскуоланы сыһыаран үлэлэһэр баҕалаах. Түргэнник ситэр кыыллары көрөргө оҕолор бэйэлэрин илиилэринэн тутан-хабан көрөн, таптаан иитэн таһааран үлэни-хамнаһы, харчы хантан кэлэрин төрдүттэн билэн, нэһилиэккэ эрэ буолбакка улууска тирэх хаһаайыстыба буолуохтаах.
Лариса, Егор Ивановтар дьиэ кэргэнинэн ылсыбыт кэскиллээх дьыалалара кэҥээн, сайдан иһэригэр уонна көдьүүстээх салаа буолан батыһааччылардаах буоларыгар биир дойдулаахтара баҕарабыт.
Марелла Баишева.