Алтынньы 20 күнүгэр, «Ийэм, аҕам уонна мин – успуорт аргыстаах дьиэ кэргэн» диэн алын сүһүөх 1-2 кылаастар икки ардыларыгар успуорт күрэҕэ буолан ааста. Уопсайа 6 дьиэ кэргэн кыттыыны ылла. Тэрээһиммит арыллыытын дириэктэр эбээһинэһин толорооччу Васильев Павел Васильевич тыл этиититтэн саҕаалаата. Күрэх кыттааччыларыгар барыларыгар ситиһиини баҕарда. Алын кылаас оҕолоро кыттааччылары, көрөөччүлэри бэйэлэрин ырыаларынан эҕэрдэлээтилэр.
Күрэхпит 8 түһүмэхтээх ыытылынна. Ол курдук, “Паалкалаах сүүрүү”, «Куобахтыы ыстаныы», “Комбинированнай эстэпиэтэ”, “Боробуостаах сүүрүү”, «Оҕону оскуолаҕа таҥыннарыы», “Түргэн, сымса”, Оҕо ийэтинээн “Хомуур”, аҕаларга “Дартс” .
Бу күрэхтэр түмүктэринэн:
🏆1 миэстэ- Яраслав, Нарияна Станислав Соловьевтар дьиэ кэргэн
🥈2 миэстэ- Мира, Галина, Темир Сыдыкбековтар дьиэ кэргэн
🥉3 миэстэ-Владислав, Иванна, Иннокентий Кычкиннар дьиэ кэргэн
Кыайбыт ону тэҥэ кыттыбыт күрэхтэһээччилэргэ «Бастыҥнар хамсааһыннара» үбүлээбит кубоктарынан, грамоталарынан, сертификаттарынан, мэтээлинэн наҕараадаланнылар.
Кылаастар кыттыыны ылбыт дьиэ кэргэттэригэр бэлэхтэрин утары ууннулар.
Светлана Ефимова